Быыстапка бэртээхэйэ буолла
Уһун Күөлгэ «Аргыс» сынньалаҥ киинигэр 1 Өспөх нэһилиэгин уран тарбахтаах маастара Варвара Петровна Жиркова айар үлэтин көрдөрөр олус үчүгэй быыстапка буолла.
Варвара Петровна өрөспүүбүлүкэтээҕи «Хотун олбох» быыстапка кыайыылааҕа, нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ быыстапкаларын, маастар-кылаастарын кыттыылааҕа, улуустааҕы кырадаһын кустуга күрэс «Өбүгэ үгэһэ — үйэлэргэ» анал аат хаһаайката, нэһилиэк талба талааннаах иистэнньэҥэ.
«Өбүгэ үгэһин үйэлэргэ утумнаан» быыстапкаҕа улуус уран маастарын үрдүк аатын ылбыт иистэнньэҥ Варвара Петровна илиитин сылааһын иҥэрэн, өр сылларга уустаан-ураннаан тикпит үлэлэрин дьон-сэргэ кэрэхсии, сөҕө, хайгыы көрдө-иһиттэ. Манна кыбытык тигиинэн ат толору симэҕэ, дьахтар оноолоох соно, о.д.а. үлэлэрэ болҕомтону тартылар.
Үөрүүлээх тэрээһини Дүпсүн бочуоттаах олохтооҕо, эдьиийдэрэ Ульяна Ильинична Босикова алгыс тыл этэн, араҥаччылаан арыйда. Салгыы 1 Өспөх баһылыга Михаил Иннокентьевич Домотов, «Аргыс» сынньалаҥ киинэ, «Үһүс саас» түмсүүтэ, «Аал Уот» бэтэрээннэр сэбиэттэрэ, «Кытыл» түөлбэ олохтоохторо, бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрэ, оҕолоро, аймах- билэ дьоно, биир дойдулаахтара тоҕуоруһа мустан эҕэрдэ тылларын эттилэр. Дьоро күн «Үһүс саас» оскуолатын көхтөөх кыттааччылара бэйэлэрэ тикпит киэргэллээх саҕаларын кэтэн бар дьон иннигэр тахсан хааман көрдөрдүлэр, Варвара Петровна сиэннэрэ, аймахтара ыллаан, үҥкүүлээн тэрээһини киэргэттилэр.
Марианна Алексеева
Сардаана Жиркова хаартыскаларга түһэриитэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: