Быыстапка бэртээхэйэ буолла

Share

Уһун Күөлгэ «Аргыс» сынньалаҥ киинигэр 1 Өспөх нэһилиэгин уран тарбахтаах маастара Варвара Петровна Жиркова айар үлэтин көрдөрөр олус үчүгэй быыстапка буолла.

Варвара Петровна өрөспүүбүлүкэтээҕи «Хотун олбох» быыстапка кыайыылааҕа, нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ быыстапкаларын, маастар-кылаастарын кыттыылааҕа, улуустааҕы кырадаһын кустуга күрэс «Өбүгэ үгэһэ — үйэлэргэ» анал аат хаһаайката, нэһилиэк талба талааннаах иистэнньэҥэ.

«Өбүгэ үгэһин үйэлэргэ утумнаан» быыстапкаҕа улуус уран маастарын үрдүк аатын ылбыт иистэнньэҥ Варвара Петровна илиитин сылааһын иҥэрэн, өр сылларга уустаан-ураннаан тикпит үлэлэрин дьон-сэргэ кэрэхсии, сөҕө, хайгыы көрдө-иһиттэ. Манна кыбытык тигиинэн ат толору симэҕэ, дьахтар оноолоох соно, о.д.а. үлэлэрэ болҕомтону тартылар.

Сардаана Жиркова хаартыскаларга түһэриитэ

Үөрүүлээх тэрээһини Дүпсүн бочуоттаах олохтооҕо, эдьиийдэрэ Ульяна Ильинична Босикова алгыс тыл этэн, араҥаччылаан арыйда. Салгыы 1 Өспөх баһылыга  Михаил Иннокентьевич Домотов, «Аргыс» сынньалаҥ киинэ, «Үһүс саас» түмсүүтэ, «Аал Уот» бэтэрээннэр сэбиэттэрэ, «Кытыл» түөлбэ олохтоохторо, бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрэ, оҕолоро, аймах- билэ дьоно, биир дойдулаахтара тоҕуоруһа мустан эҕэрдэ тылларын эттилэр. Дьоро күн «Үһүс саас» оскуолатын көхтөөх кыттааччылара бэйэлэрэ тикпит киэргэллээх саҕаларын кэтэн бар дьон иннигэр тахсан хааман көрдөрдүлэр, Варвара Петровна сиэннэрэ, аймахтара ыллаан, үҥкүүлээн тэрээһини киэргэттилэр.

Марианна Алексеева

Сардаана Жиркова хаартыскаларга түһэриитэ

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Булчут билиэтин оҥотторо илик дьоҥҥо артыыс сүбэтэ

Биллиилээх артыыс Прокопий Иванов социальнай ситиминэн кэлэр сылтан булт билиэтин оҥотторууга уларыйыы буолаары турарын иһитиннэрдэ.…

7 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

️Сөмөлүөккэ бэрээдэги кэһии чахчытынан холуобунай дьыала тэрилиннэ

Арассыыйа ИДьМ Хотугулуу-Илин ЛУ дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат аэропордун диспиэччэриттэн төлөпүөнүнэн иһитиннэрии киирбит. Онно "Иркутскай-Дьокуускай"…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо? Кинигэ туһунан чахчылар

Билиигин-көрүүгүн хаҥат.  Саамай уһун ааттаах кинигэ Англияҕа тахсыбыт. Уопсайа 45 устуруока. Кинигэ кумааҕыга эрэ буолбакка,…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

4-с оптуобус суоппарын хайҕаатылар

Дьокуускай куоракка оптуобустар үлэлэригэр кыралаан хамсааһыннар тахсан эрэллэр. Бүгүн Залог оройуонунан сылдьар 4-с нүөмэрдээх оптуобус…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Киһи тоҕо кырдьарый?

Бу сиргэ букатын кэлбит суох дииллэр. Туох барыта эргэрэр, эмэҕирэр, кырдьар, өлөр-сүтэр. Киһи төрөөт да,…

9 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Мэҥэ Хаҥаласка «Кылаабынай муниципальнай уйулҕаһыт» бырайыак үлэлээтэ

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар «Кылаабынай муниципальнай уйулҕаһыт» бырайыак үлэтин саҕалаата. Анал сөбүлэҥҥэ филиал 20 сыллааҕы үбүлүөйүн…

10 часов ago