Салгыы
Ураты болҕомтону өрөспүүбүлүкэ, улуустар суолларыгар

Ураты болҕомтону өрөспүүбүлүкэ, улуустар суолларыгар

Ааптар:
28.08.2023, 10:10
Хаартыска: Упрдор "Вилюй"
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев биэс сыллааҕыта өрөспүүбүлүкэ иһигэр суолу-ииһи оҥорууга бырабыыталыстыбаҕа улахан сыалы-соругу туруоран, 2019 сыллаахха “Саха сирин тырааныспарын комплексын сайдыыта” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама ылыныллыбыта. Манна биир сүрүн боппуруоһунан Сахабыт сирин бүттүүнүн, улуустар суолларын хаачыстыбатын тупсарыы киирбитэ.

Өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн барыта 30,3 тыһыынчаттан тахса килэмиэтир айан суола баар. Ол иһигэр федеральнай суоллар 3,3 тыһыынча килэмиэтирин ылаллар. Хаалбыт 27 тыһыынча килэмиэтирэ өрөспүүбүлүкэ, улуустар икки ардыларынааҕы уонна муниципальнай суоллар. Сахабыт сирэ ураты тыйыс усулуобуйалааҕынан бу мантан баһыйар үгүһэ барыта кыһыҥҥы айан суола буолар. Онон Арассыыйа атын эрэгийиэннэрдээҕэр биһиэхэ суолу оҥоруу, тутуу хас эмэ төгүл уратылардаах.

Билигин суолу оҥорууга Арассыыйаҕа сүрүн национальнай бырайыагынан “Хаачыстыбалаах суолу тутуу” буолар. Манна Саха сирэ түөрт эрэгийиэннээҕи бырайыагынан кыттар. Бу бырайыактарынан 2018 сылтан бэттэх суолу тутуу икки төгүл элбээбитин бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол курдук былырыыҥҥа диэри 2,5 тыһыынчаттан тахса килэмиэтир суол оҥоһулунна, 47 муоста саҥардылынна. Марха, Түүкээн муосталарын курдук улахан бырайыактар олоххор киирдилэр. Былырыын Саха сиригэр суолу оҥоруу көрдөрүүтэ хаһааҥҥытааҕар да үрдүк этэ, биир сыл иһигэр 582 км суол, сэттэ муоста тутуллубута. Бу бырайыагынан 2022 сылтан биэс сыл иһигэр барыта 1,8 тыһыынча килэмиэтир суол оҥоһуллуохтаах.

Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриитэ, СИА.

Быйыл былаан быһыытынан, аҥаардас эрэгийиэннээҕи суолларга (Алдан, Амма, Кэбээйи, Умнас, Абалаах суолларыгар) барыта 267 килэмиэтир оҥоһуллуохтаах. 2024 сылга өссө 184 килэмиэтир былааннанан турар. Ол иһигэр киин сиртэн ыраах сытар суола-ииһэ суох нэһилиэнньэлээх пууннарга суол-иис тупсуохтаах. Ону сэргэ бырамыысыланнай оройуоннарга, чуолаан Ленскэй, Мирнэй икки ардытыгар, суолу саҥардыы эмиэ саҕаланна.

Айсен Сергеевич өрөспүүбүлүкэ сирэйэ киин куораппыт буоларынан, манна суоллары оҥорууга ураты болҕомтотун уурбута. Ол курдук, кэлиҥҥи биэс сылга киин куораппыт суоллара харахха быраҕыллар гына тубустулар. Холобур, киин уулуссалары таһынан Дьокуускай куораты эргийэ барар суолбут, сайын аайы бэрт эрэйинэн ыһыахтыы барар трассабыт, Дьокуускай-Сыырдаах хайысханан, түөрт балаһаланан, билигин хайа баҕарар тохтоло суох айанныыр кыахтанныбыт. Сыыппаранан ылан эттэххэ, түөрт сылга Дьокуускайга 134 килэмиэтир суол оҥоһуллубут. Манна даҕатан эттэххэ, эһиилгэ диэри киин куораттан Үс Хатыҥҥа, Еланкаҕа, Өлүөнэ остуолбаларыгар тиийэр суоллар оҥоһуллан бүтүөхтээхтэр. Онон дьон-сэргэ олоҕо тупсарыгар, өрөспүүбүлүкэбитигэр туризм сайдарыгар төһүү буолар улахан бырайыак түмүктэниэхтээх.

Өрөспүүбүлүкэ, улуустар суолларын таһынан федеральнай суолларбытыгар эмиэ улахан болҕомто ууруллар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр федеральнай суолталаах үс улахан суоллаахпыт. Өскөтүн “Лена” федеральнай суола Аллараа Бэстээххэ, “Бүлүү” суола Бэрдьигэстээххэ диэри эрдэ толору аспаалламмыт буоллаҕына, былырыын “Халыма” суолугар Чурапчыга диэри аспаал тиийбитэ. Билигин бу суолларга үлэ-хамнас эмиэ салгыы барар турар. Ити барыта, биллэн турар, дьон олоҕун чэпчэтэр. Холобур, Дьокуускайтан Бэрдьигэстээххэ, Чурапчыга диэри урукку курдук алталыы чааһы бараабакка, массыына икки-үс чааһынан тиийэр кыахтанна. Ону сэргэ суол тупсан, улуустарга удамыр сыанаҕа дьону таһар анал оптуобустар да баар буоллулар.

Түмүктээн эттэххэ, суол олохпут хорук тымыра дииллэр. Кырдьык, суол оҥоһулуннаҕына, кэлии-барыы да үксүүр, таһаҕаһы таһыы да элбиир, предпринимательство, атыы-эргиэн, туризм да сайдар, ыраах улуустарга сыана да удамыр буолар. Уопсай түмүккэ кэлэн ити барыта дьон-сэргэ олорор усулуобуйатын тупсарар. Онон Саха сирэ кэнэҕэскитин да суолу-ииһи тупсарыыга улахан былааннардаах олорор.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: