Ураты дьарыктаах иһирэх ийэ, амарах аҕа
Геннадий Прокопьевич, Венера Ивановна Степановтар саас ортолоон баран, ыал буолбуттара. Иэйэр Иэйиэхсит этиитинэн, Ахтар Айыыһыт анаабытынан, ийэ киһи соҕотох уолугар ханыылыы этэҥҥэ сыллата икки уол оҕону күн сирин көрдөрбүтэ. Инньэ гынан, бүгүн Ыстапаанаптар кэрэчээн кийиит кыыстаах, ымманыйа манньыйар сиэн оҕолордоох эһээ, эбээ дьон. Оттон икки кыра уолаттара күн бүгүн Аҕа дойдуларыгар ытык иэстэрин төлөөн, аармыйа кэккэтигэр сулууспалыы сылдьаллар.
Аҕалара сэмэйдик үөрэ: «Биһиги түөрт эр дьон дойдубут түөрт муннугар сулууспалыыр эбиппит — хоту, соҕуруу, илин, арҕаа», — диир.
Улахан уол «Водоканал» ХЭТ симиэнэтин салайааччы, кэргэнэ мөлтөхтүк көрөр инбэлииттэр култуурунай кииннэрин үлэһитэ. Бэрт ситиһиилээх үлэһит дьон буолалларын Дьокуускай куорат салалтатын, тус тэрилтэлэрин Хайҕал суруктара мэктиэлииллэр.
Оттон орто уол Мииринэйгэ бырамыысыланнас эйгэтин үөрэҕин бүтэрээт, бу сайын, кыра уол гражданскай авиация коллеһыгар үөрэнэ сылдьан, саас аармыйаҕа ыҥырыллан барбыттара.
Ыал ийэтэ Венера Ивановна бэрт элбэх дьарыктаах киһи. Онтон ойуччу тутан, Арассыыйаҕа Аҕа, Саха сиригэр Ийэ күннэригэр дьүөрэлии тутан, дьиэ кэргэнин хаартыскаларын «алмаастаах мозаика» ньыматынан таҥан оҥорбутун көрдөрөргө сананным.
Ийэ сүрэҕин сылаанньытар, хараҕын сымнатар хаартыскаларын соҕуруу куораттарга интэриниэт нөҥүө ыытан, киэп сакаастаан, бэрт кырасыабай хартыыналары кып-кыра оҕуруонан кэчигирэтэн, таҥан таһааран, дьиэтин киэргэтэрин бэркэ сөбүлүүр эбит.
Геннадий Прокопьевич «Ньурба», «Күндээдэ» сопхуоска суоппарынан үлэлээбитэ, оттон Венера Ивановна быйыл 40-с үөрэҕин дьылын оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ үлэлиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: