Салгыы
Ураты дьоҕурдаах Никита «Чудо» биэриигэ кытынна

Ураты дьоҕурдаах Никита «Чудо» биэриигэ кытынна

Ааптар:
15.08.2024, 09:00
Хаартыска: видеоттан скрин
Бөлөххө киир:

НТВ ханаалга «Чудо» биэриигэ Арассыыйа араас муннуктарыттан тиийбит оҕолор ураты талааннарын көрдөрүөхтэрэ. Саха сириттэн Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгэр аатырбыт Борис Николаевич Андреев аатынан Айылҕа түмэлигэр үлэлиир кырачаан экскурсовод, бэрт сэргэхтик көтөрдөр тустарынан кэпсиир Никита Никитин кытынна.

Саҥа биэрии премьерата Арсений Попов ыытааччылаах киэһэ 20.00 чаастан НТВ ханаалга көстүөҕэ. Бу биэриигэ оҕолор күрэхтэспэттэр, кытаанах судьуйалар, кыайтарыы уонна хотторуу хомолтолоро суох ыытыллар. Бырайыакка эдэр кыттааччылар норуокка бэйэлэрин ураты талааннарын, дьоҕурдарын көрдөрөллөр. «Дьиктитэ диэн уол оҕо идэтин хайыы-үйэ талбыт. 11 саастаах Никита Никитин Саха сириттэн сылдьар. Кини көтөрдөр тустарынан барытын билэр уонна айылҕа түмэлигэр экскурсиялары ыытар», — диэн НТВ саайтыгар суруйаллар.

Хаартыска: НТВ ханаал

Санаттахха, эдэр эскурсовод уол аан бастаан түмэлгэ 7 сааһыгар үктэммитэ. Оттон кэлин эбэтэ онно үлэлиир буолан, оскуолаттан эрдэ бүттэҕин аайы сылдьар буолбут. Ол кэннэ куйаар ситимигэр араас көтөрдөр саҥаларын үтүктэн 5 сааһыттан Саха сиригэр биллэр орнитолог үөрэҕин уһуйуллааччыта буолан биллибитэ. Элбэх дьону көтөрдөр саҥаларын бу баардыы үтүктэн соһутар, сөхтөрөр айылҕаттан ураты талааннаах ыччат.

Ити курдук, саҥа шоуга 146 оҕо кыттааччы ортотугар, Москваттан, Санкт-Петербургтан, Калининградтан, Краснодартан, Новороссийскайтан, Европаттан, Самараттан, Тулаттан, Томскайтан уонна дойду атын куораттарыттан, Саха сирин биир талааннаах оҕотун көрдөрүөхтэрэ. Ити  таһынан «Чудо» бырагыраама сыанатыгар Белоруссияттан, Казахстантан уонна Киргизияттан кэлбит оҕолор тахсыахтара.

Видео ТУСКУ: ТЫА СИРИГЭР ОЛОХ ЧАҔЫЛХАЙ! ханаалыттан

Видео: Кырачаан Никита павлиннары кытта «кэпсэтэн» соһуппуттаах…

+1
24
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: