Ураты харыстанар сирдэргэ бултааһын туһунан сокуоҥҥа уларытыы киирдэ

Share

Олунньу 7 күнүгэр СӨ бырабыыталыстыбатын мунньаҕар «Об охоте и о сохранении охотничьих ресурсов» сокуон 13-с ыстатыйатыгар уларытыыны киллэрдилэр. Мунньаҕы бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков салайан ыытта.

Уларытыы туохха сыһыаннааҕый? Өрөспүүбүлүкэҕэ ураты харыстанар сирдэргэ бултааһын хоту дойду, Сибиир, Уһук Илин аҕыйах ахсааннаах норуоттарыгар эрэ буолбакка, онно олорор уонна булдунан аһыыр олохтоох дьоҥҥо көҥүллэниэҕэ.

Ураты харыстанар сирдэр эрэсиимнэрин уратыларын учуоттаан туран, спортивнай уонна «любительскай», маны тэҥэ, научнай-чинчийэр, үөрэтэр, кыыл ахсаанын элбэтэр-аҕыйатар сыаллаах, о.д.а. бултааһын эмиэ көҥүллэниэ. Уопсайынан, бултуур сири көрүү-истии, кыһамньылаах сыһыан ирдэнэр.

— Маннык сыһыан хонтуруолу үрдэтиэ, браконьердааһыны суох гыныа уонна ураты харыстанар сирдэргэ бултуурга көҥүлү биэрии тустаах ирдэбиллэрин олохтуоҕа. Ураты харыстанар сирдэргэ бултааһын көҥүллэнэр, өскөтүн бу маннык эрэсиими тэрийии сыалыгар-соругар утарбат буоллаҕына. Бырабыыталыстыба бигэргэппит сокуонун барыла аны Ил Түмэҥэҥ көрүллүөҕэ, — диэн бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков эттэ.

Оттон бэрэсидьиэн Владимир Путин: «Бултуурга-балыктыырга кэмиэрчэскэй тэрилтэлэр атыылыыр сыаллаах баһаамы  бултуулларыгар буолбакка, үгэскэ кубулуйбут бултааһыны көмүскүүргэ преференция бэриллэр», — диэн этэн турар.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
1
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

12 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо?  Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Харах балыыһатыгар Арассыыйа Гиннеһин рекорда оҥоһулунна

2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Муусука абылаҥар уһуйар учууталлар куонкурустара

Соторутааҕыта Дьокуускайга муусука учууталларын “Музыкальнай палитра”  1-кы аһаҕас идэтийбит куонкурустара буолан ааста. Куонкурус уһулуччулаах муусука…

2 часа ago