«Ураты оҕо» киин дьиэ куортамныырга күһэллэр

Share

Бүгүҥҥү күҥҥэ «Ураты оҕо» абилитационнай кииҥҥэ 64 аутизмнаах оҕо анаан дьарыктанар.

Абилитационнай киин үлэтин туһунан дириэктэр Инна Скрябина маннык кэпсиир:

— «Ураты оҕо» абилитационнай киин аутизмнаах уонна психическэй, неврологическай сайдыылара бытаарбыт оҕолордоох төрөппүттэргэ араас көмөнү уонна өйөбүлү оҥорор. Исписэлиистэр быйылгы сылга аутизмнаах оҕолордоох төрөппүттэргэ 1454 тэрээһини ыыттылар.  Оҕолор саастарыттан тутулуга суох логопедтары, дефектологтары, психологтары кытта биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн дьарыктаналлар. Аутизм эмтэниллибэт, педагогическай дьарык эрэ кыаллар. Быйылгы сылга биһиги маныаха сыһыаннаах 2 бырайыагы үлэлэттибит.

1-кы бырайыак — «ВыРАСтайка» психологогическай, педагогическай устуудьуйа. Бу биэс сыл устата «Норуот бүддьүөтэ — 2022» куонкурс чэрчитинэн ыытыллар бырайыак. Манна оскуолаҕа киириэн иннинэ састаах оҕолору аҕыйах бөлөххө арааран дьарыктыыбыт.

Сүрүн  сорук – аутизмнаах оҕону оскуолаҕа киириигэ бэлэмнээһин. Бырайыагы салгыы үлэлэтэргэ, дьарыгы ыытарга киин дьиэтин арыандатын төлөбүрүгэр муниципалитеттан грант көрүллэрэ буоллар диэн баҕалаахпыт.

2-с бырайыак — “Аутизмнаах оҕолору туспа олорорго үөрэтии” грант чэрчитинэн үлэ. Хомойуох иһин, болдьохтоох уонна үбүлээһиҥҥэ хаарчахтаах буолан ыарахаттардаах. Бу бырайыагы СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ өйөөбүтэ. Обургу оҕолор уонна ыччаттар аҕыйах бөлөҕүнэн уһанар мастырыаскайга үлэлииллэр, туспа сылдьан үлэлииргэ үөрэнэллэр.

Сүрүн кыһалҕа – дьарыктанар сир суох. Сыл аайы атын-атын дьиэни куортамныырга күһэллэбит. Киин иһинэн үлэлиир туспа сиргэ аутизмнаах ыччаттар туспа олорон үлэлиир сирдэрин булуохпутун баҕарабыт. 2016 сыллаахха “Дьокуускай куорат” уокуругун салалтатыгар «Снегири» диэн социальнай дэриэбинэни тутаары сир көрдөөн, анал докумуоннары оҥорон туттарбыппыт. Ол эрээри күн бүгүҥҥэ диэри туох да быһаарыы ылылла илик. Бириэмэ баран иһэр, оҕолор улааталлар. 9 сыл устата биһиги аутизмнаах оҕолору кытта үлэлиир исписэлиистэри үөрэттэрдибит.

Кииммитин анал  сертифицированнай оборудованиенан хааччыйдыбыт. Араас сэминээрдэри, кэмпириэнсийэлэри  тэрийэбит.  Хомойуох иһин, аутизмнаах оҕо ахсаана элбээн иһэр. Онон бу маннык киини үлэлэтии – кэм ирдэбилэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Социальнай пуонда биэнсийэни уонна оҕо босуобуйатын эрдэ төлүөҕэ

Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата биллэрбитинэн, 2025 с. тохсунньу ыйдааҕы биэнсийэни уонна босуобуйаны түҥэтии болдьоҕо…

1 час ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Моҕой сыла хайдах буолуой?

Кэлэн иһэр 2025-с Моҕой сыла, астрологтар этэллэринэн, икки өрүттээх буолуоҕа: сорохторго ситиһии, үтүө уларыйыылар тосхойуохтара,…

2 часа ago
  • Сонуннар

Махталбын биллэрэбин

Олохпун, үлэбин кэрэ абылаҥнаах үҥкүүгэ анаабыт кэрэ кэмнэрим дьонугар уонна кэнники аттыбар буолан олохпун күн…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьыллааҕы бит-билгэ

Хантан кэлбитэ, ким айбыта биллибэт эрээри, Саҥа дьыл бэйэтэ туспа үгэстээх, биттээх-билгэлээх. Сорох дьон маны…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мас ууһун идэтин баһылаабыт уол олоҕор толору бэлэмнээх буолар

Бу күннэргэ Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар мас ууһун уонна кыра массыыналары көрүү-истии, өрөмүөннээһин сатабылларын төһө иҥэриммиттэрин…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Сунтаарга буокса күрэһэ

Сунтаарга бу күннэргэ үс күн устата Алквиад Иванов аатынан Оҕо спортивнай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир оскуолаҕа…

5 часов ago