Ураты, сонун бэлэхтэр

Share

Үөһээ Бүлүү улууһугар бөдөҥ бэлитиичэскэй, судаарыстыбаннай диэйэтэл И. Н. Барахов төрөөбүтэ 125 сылыгар анаммыт үбүлүөйдээх ыһыах Түгэхтэй алааска ньиргийдэ.

СӨ судаарыстыбаннаһын түмэлэ Моҕол ураһаҕа И. Н. Барахов чаҕылхай олоҕун көрдөрөр быыстапканы, көрсүһүүлэри, өй-билии күрэстэрин тэрийдэ. Манна И. Н. Барахов аатын үйэтитиигэ үлэлээбит патриот дьоммутун көрдөрөр, ахтан ааһар быыстапка буолла. Быыстапкаҕа Барахов туһунан бастакы сырдатааччы, «Славный путь большевика» диэн дьоҕус кинигэ ааптара, СГУ преподавателинэн үлэлээбит, Исидор Никифорович дьиэ кэргэнин кытары алтыспыт В. С. Петров кэргэнинээн түспүт хаартыската, кинигэтэ туруорулунна.

Норуот чулуу уолаттара И. Н. Барахов, С. В. Васильев, С. М. Аржаков олорон ааспыт олохторун үөрэтии наадатын тоһоҕолоон сорук туруорбут, дьаһал таһаарбыт киһинэн бастакы Бэрэсидьиэм-мит М. Е. Николаев буолар. Ол түмүгэр Е. Е. Алексеев Москваҕа икки сылы быһа архыыптарынан үлэлээбитэ. «Исидор Никифорович Барахов» диэн архыып докумуоннарыгар олоҕурбут кинигэни 1997 с. история наукатын дуоктара Е. Е. Алексеев бэлэмнээн таһаарбыта. Кинигэ Бараховпыт туһунан хаһан да истибэтэхпитин иһитиннэрбитэ, чахчыны арыйбыта. Иккис кинигэ «Исидор Никифорович Барахов» диэн архыып үлэһиттэрэ А. А. Захарова салайааччылаах, Егор Егорович өрөспүүбүлүкэбит архивистарын кытары таҥмыт докумуоннарынан 2008 с. тахсыбыта. Бу кинигэлэри таһынан Егор Егорович чааскыта, ачыкыта, уруучуката, хаартыската быыстапкаҕа уурулуннулар.

Норуот маастарын ураты оҥоһуга
Норуот маастара И.Табунанов

И. Н. Барахов төрөөбүтэ 125 сылыгар түмэлбитигэр соһуччу бэлэхтэр киирдилэр. Кэнтиктэн, Боччоойо диэн биллэр тимир ууһуттан төрүттээх Михайлова Изабелла Петровна диэн ийэлээх, Үөһээ Бүлүүтээҕи бытовой кэмбинээт иистэнньэҥэ Мария Гаврильевна Васильева Нам Балаҕаннааҕыттан төрүттээх эбэлээх, аҕатын дойдутугар уустар, олоҥхоһуттар уутуйан үөскээбит Таатта эбэ хотуҥҥа олохсуйбут СӨ уус-уран оҥоһуктарга норуот маастара Табунанов Иван Иванович алтаҥҥа лобзигынан быһан Исидор Никифорович мэтириэтин оҥорбутун бэлэхтээтэ. Кини өрөспүүбүлүкэ чулуу дьоннорун мэтириэттэрин оҥорон, барыта 20 үлэтин түмэлгэ бэлэхтээбит.

Түгэнинэн туһанан Иван Ивановичка түмэл кэлэктиибэ, Барахов аймахтара улахан махталларын тиэрдэллэр.

Историческай суолталаах хаартыска
Г.Г.Кардашевская историческай суолталаах хаартысканы бэлэхтээтэ

Нам нэһилиэгин Балаҕаннааҕар, Хампачаан алааска төрөөбүт Георгий Романович Кардашевскайы кэпсиир эспэнээттэр болҕомтону ыллылар. Г. Р. Кардашевскай төлөннөөх кыһыл дружина хамандыыра, Бүлүү куоратын төгүрүктээһин кэмигэр ЧОН этэрээтин хамаандалаабыт, саҥа тэриллибит САССР постпредствотын бастакы салайааччыларыттан биирдэстэрэ, Бараахабы кытары алтыспыт Руф Иванович Кардашевскай быраата буолар. Георгий Романович филологическай наука хандьыдаата, «Досоветская драматургия А. И. Софронова» диэн саха реалист суруйааччытын Алампа туһунан кандидатскайы суруйан көмүскээбитэ. И. Н. Барахов төрүччүтүн оҥорбута Нам нэһилиэгэр түмэлгэ хараллан сытарын быыстапкаҕа көрдөрдүлэр. Төрүччүнү Георгий Романович норуот суруйааччыта Н. Якутскай бииргэ төрөөбүт убайын Алексей Гаврильевич Золотареву кытары оҥорбуттара.

Ыһыахха Георгий Романович кыыһа РСФСР үөрэҕириитин туйгуна Галина Георгиевна Алексеева-Кардашевская ыалдьыттаата. Кэргэнэ, “Нам улууһа” муниципальнай оройуон бастакы баһылыга, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, САССР XII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата Алексеев Дмитрий Федотович улуус ытык киһитэ этэ. Кини туһунан «Саха киэн туттар дьоно» сиэрийэҕэ 2010 с. Нам улууһа кинигэ таһаартарбыта. Уолаттара аҕаларын туһунан «Намыгар туһалаах буолаары» диэн кинигэ таһаарбыттар. Балаҕаннаахха эһэлэригэр Георгий Романовичка мэҥэ бэлиэ туруорбуттара, нэһилиэк баһылыгын Дмитриев С. И. кытары доҕордоһуу далаһатын уурбуттара. Галина Георгиевна аҕатын архыыбыттан Исидор Бараахапка чопчу сыһыаннаах историческай суолталаах хаартысканы аҕалан Барахов аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр бэлэхтээтэ! Бу — 1923 с. ахсынньыга Дьокуускай куоракка буолбут II Учредительнай (II Всеякутский съезд) сийиэс кыттыылаахтара түспүт хаартыскалара. Хаартыска кэннигэр А. Кулаковскай-Өксөкүлээх сийиэс кыттыылаахтарын ааттарын суруйбут. Хаартыска Реас Алексеевич пуондатыгар сыппыт. Ону Георгий Романовичка бэлэхтээбит. Үөһээ Георгий Романович «Из фонда Р. Кулаковского» диэн суруйбут. Хаартыска аннынан «2‑й учредительный съезд Советов ЯАССР, 1923 г. » диэн чэрэниилэнэн суруллубут.

Ыалдьыппыт өссө Исидор Барахов диэн сэбиэскэй кэмнэртэн көрөн кэлбит буклеппытын бэлэхтээтэ. Буклеты 1987 с. Василий Спиридонович Петров В. Г. Ильины кытары таҥан таһаартарбыт. «Георгию Романовичу» диэн суруктаах, Василий Спиридонович илии баттаабыт.

Манна эбэн эттэххэ, Георгий Кардашевскай иккис кыыһын Ефросиния Георгиевнаны кытары билсэр этибит. Кини түмэлгэ бэлэхтэри оҥорбута госкаталогка киирэн, пуондаҕа хараллан сыталлар.

Хаартысканы үөрэтии

Бэлэхтэммит хаартысканы үөрэтии буолла. 1972 с.  Дьокуускайга бэчээттэммит «Всеякутские съезды Советов» диэн, 1922–1937 сс. докумуоннарга, матырыйаалларга олоҕуран юридическай наука хандьыдаата М. М. Федоров эрэдээксийэтинэн тахсыбыт кинигэ баар. Кинигэ 42 сирэйигэр бу сийиэс туһунан суруллубут. Сийиэс 1923 с. ахсынньы 10–15 күннэригэр ыытыллыбыт.

Сийиэскэ 98 дэлэгээт кыттыбыт. Сийиэс Бырабыыталыстыба үлэтин туһунан Барахов дакылаатын истэн дьүүллэспит. САССР суутун уорганнарыгар уларытыылары киллэрии туһунан юстиция народнай комиссара Широких дакылаатын, олохтоох бүддьүөт туһунан наркомфин Мясников, РСФСР Сиргэ кодексыгар уларытыылары киллэрии, сир бэлиитикэтин туһунан сир наркомун солбуйааччы Назаров, судаарыстыбаннай аппараакка уларытыылары киллэрии туһунан РКИ наркома Киппасто, хотугу уокуруктары салайыы бэрээдэгин туһунан НКВД наркома Аржаков дакылааттарын истии, дьүүллэһии буолбут. Сийиэс үлэтигэр улахан болҕомто нолуок бэлиитикэтин сөптөөхтүк ыытыы уонна үп-харчы эргиирэ бигэ тирэхтэниитин туһунан сытыы боппуруостарга ууруллубут.

Саха сиринээҕи ЦИК састаабын талбыттар: 31 чилиэн уонна 10 чилиэҥҥэ хандьыдааты, Сэбиэттэр Бүттүүн Арассыыйатааҕы XI сийиэстэригэр уонна Сэбиэттэр Бүтүн Сойуустааҕы II сийиэстэригэр дэлэгээттэри, Сэбиэскэй Сойуус ЦИК Национальностарын Сэбиэтигэр хандьыдааттары.

Хаартыска уҥа өттүгэр хас да киһи быһаҕаһа көстөр, өссө хас хабыллыбатаҕа биллибэт. Барыта 98 киһи сийиэскэ сылдьыбыт буоллаҕына, хаартыскаҕа 73 киһи (сороҕо көстүбэттиин) хабыллыбыт. Үксүлэрин ааттара баар. Түмэлгэ историческай сабыытыйа туоһута кэллэ диэн үөрүүбүтүн үллэстэбит.

Светлана Копыленко,

И. Барахов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын  түмэлин салайааччыта.

Үөһээ Бүлүү, Харбалаах.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мировой сууттар үлэлэригэр уларыйыылар киириэхтэрэ

Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улуус хамыыһыйата социальнай эбийиэккэ тутуу үлэтин хаамыытын дьүүллэстэ

Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үрдүкү кылаас үөрэнээччитэ сэттискэ үөрэнэр оҕоттон харчы кыһайан ылбыт

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Водоканал Мархаҕа уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэрэн саҕалыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ

Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

3 часа ago