Ураты тыыннаах «Айар Уустар» кэллиэскэ

Share

Дьокуускайга Киров уулуссанан пааркаҕа барыыга дьыл кэмиттэн көрөн таҥаһа уларыйа турар хаартыскаҕа түһэр зонаны бары даҕаны бэлиэтии көрөр буолуохтааххыт. Бу уруккута Технология уонна дизайн кэллиэһэ диэн ааттанар орто үөрэх кыһата  былырыыҥҥыттан аатын тосту уларытан, “Айар Уустар” креативнай индустрия кэллиэһэ диэн уу сахалыы ааты ылынан, саҥалыы тыыннанан, аныгы идэлэргэ устудьуоннары бэлэмниир.

Эрдэттэн болдьоспут бириэ­мэбэр кэллиэскэ тиийэ­бин. Үөһээ дириэктэр хоһугар тахсан иһэн түннүктэрэ ураты сабыылааҕын, киэргэтиилээҕин бэлиэ­тии көрөбүн. Кэлин билбитим, бэрт дириҥ ис хоһоонноох эбит – үлэһиттэр оҕолору сахалыы сиэринэн айах тутан көрсөн, хас биирдии­лэрин кытта үлэлэһэн, кынат үүннэрэн айымньылаах олох киэҥ аартыгар көтүтүүлэрэ.

Үөһээ тахсаат көрүдүөргэ мастан кыһыллан оҥоһуллубут киэргэтиилэрдээх сиэркилэлэри, сахалыы трону, остуолга муостан чочуллубут саахымат фигуратын, о.д.а. оҥоһуктары бэлиэтии көрөбүн. Бу барыта устудьуоннар үлэлэрэ.

2022 сыллаахха креативнай индустриялар кэллиэстэрин пилотнай бырайыагын куонкуруһугар дойду үрдүнэн сэттэ кэллиэс кыайыылаах тахсыбыта. Олор кэккэлэригэр өрөспүүбүлүкэ “Айар Уустар” креативнай индустрия кэллиэһэ киирбитэ. Ити кэнниттэн кэллиэс айымньылаах толкуйун сайыннаран, саҥалыы үлэлээн саҕалаабыт, оннооҕор сэттэ кэллиэстэн соҕотох Саха сиринээҕи эрэ үөрэх кыһата аатын уларыппыт.

“Саҥа исписээлинэстэрбитин аһа иликпитинэ даҕаны баар исписээлинэстэрбит креативнай хайысхалаахтара, аҥардас иис өттүгэр “конструирование, моделирование швейных изделий”, “конструирование, моделирование меховых изделий”, “дизайн одежды” курдук идэлэргэ бэлэмниирбит.

Билиҥҥи оҕо сайдыыта, интэриэһэ, билиитэ-көрүүтэ аныгылыы буолан быһыы­лаах, олох атыннык көрөр уонна моделирование, конструирование, дизайн хайысхатыгар букатын ураты таҥаһы айан таһаарар. Ону таһынан, биһиэ­хэ тимир, муос, мас уустара бааллар. Бу кэллиэс бастаан тэриллиэҕиттэн баар исписээлинэстэр, ол барыта эмиэ креативнай хайысхалаах.

Аны билигин кырдьаҕастар илдьэ кэлбит уопуттарын иҥэринэн, ону өссө сайыннаран ыччакка тириэрдибэтэхпитинэ, хойутаан хаалыахпытын сөп. Ол иһин баары өссө сайыннаран, туһалаах буоларын туһугар креативнай хайысхаҕа алта саҥа исписээлинэһи аһан үлэлэһэн эрэбит: анимация, реклама, информационнай сис­тиэмэ уонна программирование, хаартыска, музыкальнай звукооператорскай маастарыстыба, дизайн. Ити исписээлинэстэр бу бырайыакка киирэ иликпитинэ тус-туспа үлэлии олорбут буоллахтарына, билигин бары бииргэ түмсэн коллаборационнай хамаанда тэриниэхтээхтэр диэн сыал­лаахпыт. Бары түмсэн туох эрэ оҥоһугу айан таһаарыахтаахтар. Ол ханнык баҕарар тэрилтэ бэйэтин көрдөрөрүгэр, эрэкэлээмэлэнэригэр, устуоруйаҕа үйэтитэн хаалларарыгар ирдэнэр”, – диэн кэллиэс дириэк­тэрэ Елена Яковлева кэпсиир.

Аныгы идэлээх дьон хамаанданан үлэлэрин көрдөрөөрү Үөрэх уонна билим министиэристибэтин, Идэҕэ бэлэмниир үөрэх кыһаларын сайыннарар институт көмөлөрүнэн былырыын алтынньыга  “Айар Уустар” чөмпүйэнээти ыыппыттара. Бу чөмпүйэнээккэ ити ыйыллыбыт компетенциялар бары бииргэ холбоһон, түмүгэр хамаандалар биирдии бородууксуйаны оҥорон таһаарбыттара.

Түмэлтэн уратыта суох кэллиэс

Дириэктэри кытта сэһэргэһэ түһээт, салгыы кэл­­лиэс мастарыскыайдарын көрө барабыт. “Бу алгысчыт нобуора. Быйыл сайын бүтэрбит масчыт Дима Протопопов дипломнай үлэтэ. Муос оҥоһуктарбыт элбэхтэр. Атыттарга сэдэх буолан, ордук соҕурууттан кэлбит дьон сөҕөллөр”, – диэн дириэк­тэр хоһугар баар устудьуоннар оҥоһуктарын билиһиннэ­рииттэн саҕалыыр. Бачча сэдэх, ураты оҥоһуктары сөҕө көрөн туттуммакка: “Түмэлтэн туох да уратыта суох!” – эрэ диэн саҥа таһаарабын. Манна киирбит киһи түмэлгэ сылдьар курдук сананара чахчы.

Аны бу көрөр куукулаларгытын иистэнньэҥ кыргыттар илиилэрин, тарбахтарын сайыннара таарыйа айан таһаарбыт үлэлэрэ эбит. “Олус талааннаах Айталина Маркова, Дарья Ноговицына курдук куукулаҕа преподавателлэрдээхпит, куукула өттүн кинилэр сайыннараллар” – диэн билиһиннэрэр.

Аны чороон – кырыы-кырыытынан кэчигирэспит. Дьаҥ иннинэ “Чороон XXI үйэ” кытта ыкса ситимнээхтик үлэлэһэ сылдьыбыттар. Скульптура биридимиэккэ пластилинынан үлэлиир оҕолор баран үлэлэспиттэр. Ол оҕолор чочуйбут чороонноро тураллар.

Салгыы аттынааҕы мунньахтыыр хоско тахсабыт. Түөрт эркинэ төрдүөн араас илиинэн оҥоһугунан туолбут. Манна – үйэлээх халандаар (муос, мас, кыл), итиннэ – саха дьахтарын киэргэлэ (муос), онно – муос оҥоһуктар…

“Муосчуттарбыт бастакы куурустан саҕалаан илиилэринэн үлэлээн бараллар. Саҥа үөрэнэ киирбит оҕолор бу курдук биир фигуралаах оҥоһуктары оҥороллор. Иккис симиэстиргэ икки фигуралаах оҥоһуктарга ылсаллар. Салгыы эбиллэн, уустугуран иһэр” – диэн сөхтөрөр. Бу оҥоһуктары көрөн туран киһи хайдах даҕаны бастакы симиэстир оҕолоро айбыттар-туппуттар диэбэт эбээт!

Хаартыска: Ааптар түһэриитэ
Саха сиригэр соҕотох көмпүүтэр

Биир мастарыскыайга киирбиппит: сүүнэ остуол үрдүгэр өрөһүлүү кумааҕы тэлгээн баран кыргыттар күн иллэҥэ суох линиэйкэ, харандаас тутан баран кумааҕыга суруйа, кэмнии олороллор. Аттынааҕы хоско бастакы куурус усту­дьуоннара декоративнай-прикладной айымньы биридимиэтигэр кураанахтыы хатайдааһын ньыматынан аан бастакытын сувенир оҥоро үөрэнэллэр. Маҥнай кыра брошкалары айан таһаараллар эбит, салгыы араас кыыллары-сүөллэри оҥорор соруктаахтар.

Дьэ, кэмниэ кэнэҕэс аатыр­дар мастарыскыайдарын – муода технологиятын кэбиниэтин аанын арыйа баттыыбыт. Киэҥ хоско кыргыттар үлэ үөһүгэр көрсөллөр. Ким эрэ кырыйар, ким эрэ кумааҕыга суруммутун көрөр, ким эрэ таҥас быһар.

“Бу мастарыскыайбыт иллэрээ сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр үлэҕэ киирбитэ. Биэс үлэлиир миэстэлээх. Саамай аныгы тэрилинэн хааччыллан турар. Иистэнэр массыыналар, өтүүктэр, таҥас өтүүктүүр остуоллар бары аныгылыы оҥоһуулаахтар. Үлэлииргэ олус табыгастаах. Көннөрү иистэнэр массыынаттан уратылара диэн бары цифровойдар”, – диэн маастар кэпсиир.

Хаартыска: Людмила Попова.

Үөрэх боруогун саҥа атыллаан киирбит устудьуоннарга букубаары үөрэтэр кэриэтэ хара ааныттан саҕалаан туох баар ымпыгар-чымпыгар тиийэ уһуйаллар. Эскиистэн саҕалаан соҥҥо тиийэ тигэллэр. Биһиги сылдьарбытыгар иккис куурус устудьуоннара номнуо бүрүүкэ тиктэ олороллор. Сайыына Третьякова: “Иистэнэ үөрэниэхпин баҕаран манна үөрэххэ киирбитим. Оскуолаҕа ииһи улаханнык сэҥээрбэт этим. Кэллиэскэ айар дьоҕурдаах дьон олус элбэх, идиэйэ даҕаны онтон сиэттэрэн тахсан иһэр эбит”, – диэн санаатын үллэстэр.

Салгыы цифровой моделирование хоһугар киирэбит. “Цифровой модельер – Арассыыйаҕа саҥа компетенция. Аан бастакынан Татарстаннааҕы Технология уонна дизайн кэллиэһин преподавателлэрэ саҕалаан тэрийбит компетенциялара буолар. Бастакы түһүмэххэ биһиги уонна Санкт-Петербурдааҕы кэллиэс киирсибиппит. Онно хапсан, хата, бу курдук үчүгэй тэрилинэн хааччыллан олоробут. Билигин дьон баһылыан олус баҕарар. Линиэйкэнэн кээмэйдиир оннугар барытын көмпүүтэргэ киллэрэн бэлэми бэчээттээн таһаараллар”, – диэн дириэктэр Елена Григорьевна этэр.

Дириэктэр кэпсээнин преподаватель Туйаара Федорова салгыыр: “Аҕыс көмпүүтэрдээхпит. АСИС бырагырааманан үөрэтэбит. Бу бырагырааманы таҥас тигиитинэн дьарыктанар Adidas, Мах Mara, Giorgio Armani курдук улахан хампаанньалар тутталлар. Устудьуоннарбыт номнуо бэлэм тахсалларын туһугар ол бырагырааманан биһиги оҕолорбутун үөрэтэбит”.

Матырыйаалларын атыылаһыахтарын иннинэ миэркэлэрин көмпүүтэргэ киллэ­рэллэр, таҥастарын модельга “кэтэрдэн”, ханнык матырыйаалынан тиктэххэ хайдах көстүөҕүн, оннооҕор моделларын хаамтаран көрөллөр эбит. Өскөтүн сыыһа суоттаабыт буоллахтарына ханан сыыһалааҕын көмпүүтэр ыйан биэрэр үһү. Оннооҕор мин, күннэтэ көмпүүтэргэ үлэлиир киһи ити туһунан соһуйа эрэ истэн хаалабын.  “Саха сиригэр соҕотох биһиги кэллиэспитигэр эрэ баар”, – диэн ыпсаран букатын саҥабыттан матараллар.

Графическай дизайн испи­сээ­линэһигэр үөрэнэр усту­дьуоннар көмпүүтэргэ үлэлээн күн иллэҥэ суохтар. “Графическай дизайн идэтигэр үһүс кууруска үөрэнэбин. Кыра эрдэхпиттэн уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн. Ол иһин инники идэбин айар үлэни кытта ситимниэхпин баҕаран манна үөрэнэ киирбитим. “Айар Уустар” кэллиэскэ үөрэммит элбэх доҕоттордоохпун, үчүгэйдик үөрэтэллэрин эрдэттэн истэн билэр этим. Уонна манна дизайн өттүгэр хайысхата элбэҕин иһин киирбитим. Үөрэххэ киирэрбэр живописька эксээмэн туттарбытым, сэһэргэһиини ааспытым. Салгыы тас дойдуга баран үрдэти­ниэхпин баҕарабын уонна идэбинэн үлэлиэм этэ”, – диэн Надя Яковлева киэҥ былааныттан үллэстэр.

“Айар Уустар” креативнай индустрия кэллиэһин усту­дьуоннара кыра оҥоһуктартан саҕалаан иискэ, муоска тиийэ араас куонкурустарга сити­һиилээхтик кыттан миэстэлэ­һэллэр эбит. Аны айар дьоҕурга сыһыаннаах араас тэрилтэлэри кытта үлэлэһэр буолан, устудьуоннар толкуйдарын олоххо киллэрэллэригэр, салгыы үлэлииллэригэр судургу, олус табыгастаах эбит.

Үлэнэн хааччыллыы үчүгэй

“Хас даҕаны тэрилтэҕэ быраактыкаҕа сылдьан сөбүлэтэллэр, үөрэхтэрин бүтэрдэхтэринэ кэлэн үлэлээтиннэр, исписэлиис быһыытынан чахчы бэлэм эбиттэр диэн биһирээбит оҕолорун тэрилтэлэр эрдэттэн ыҥыраллар” – диэн дириэктэр иһитиннэрэр. Үөрэнэ-үөрэнэ үлэлиир оҕолор эмиэ бааллар, ким эрэ бэйэ дьарыктаах быһыытынан дьыала арынан туспа үлэлиир, сакаас ылан хамнастанар эбит. Үөрэхтэрин бүтэрбиттэр 60 % идэлэринэн үлэлииллэр, устудьуон 75 % кыыс аймах, онон бүтэһик кууруска ыал буолааччы элбэх, төрөөн оҕолорун көрөн олороллор дэһэллэр.

Үөрэххэ туттарсыыга куонкурус – араас

“Айар Уустар” кэллиэскэ куонкурус араас эбит. Холобур, саҥа креативнай исписээлинэстэргэ уонна дизайн өттүгэр, кырдьык, сылын аайы биир миэстэҕэ уонтан тахса киһи куонкурустаһар дииллэр.  “Айар Уустар” кэллиэс­кэ айымньылаах идэлэргэ уһу­йалларын быһыытынан, үөрэххэ туттарсааччылар айар дьоҕуру көрдөрөр тургутугу ааһаллар. Бастакынан – уруһуй, иккиһинэн – сэһэргэһии, портфолионы көрүү. Уус-уран ускуустуба оскуолатын бүтэрбиттэри, үөрэххэ туттарсарга бэлэмнэммит, куонкурустарга кыттыбыт бэлэм оҕолору үөрүүнү кытта ылабыт дэһэллэр.

Дьэ, ити курдук “Айар Уустар” креативнай индустрия кэллиэһигэр аата да этэринии, аныгылыы көрүллээх устудьуоннар аан дойду кэлиҥҥи тиэхиньикэлэрин, технологияларын баһылаан, көрүөхтэн эриэккэс, ураты таҥастары, оҥоһуктары айан таһаараллар.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

10 часов ago