Ураты тыыннаах «Көҕүөр» хуор биэс сылын бэлиэтээтэ

Share

Тохсунньу  28 күнүгэр  Сунтаарга “Партизан” норуот айымньытын театральнай киинигэр, «Көҕүөр» хуор 5 сыллаах үбүлүөйдэрин бэлиэтиир ырыа-тойук түһүлгэтин дьоро түгэнэ буолан ааста. Бу кэрэ кэлэктиип салайааччыта  СӨ култууратын уонна үөрэҕириитин туйгуна Виктория Ивановна Мойтохонова.

“Уйгу – быйаҥ, үүнүү – сайдыы суолталаах саха киһитин харыстыыр аналлаах Көҕүөр оһуор алыптаах тыынын иҥэринэ сылдьар Сунтаарбыт мааны далбардара, дьикти-кэрэ куоластара «Көҕүөр» хуор 5 сыллаах үбүлүөйдэрин бэлиэтиир ырыа-тойук түһүлгэтин саҕалаатахпыт буоллун!», —  диэн диктор саҥатыгар доҕуһуолланан, сыана кулисата аһыллар. Ону кытта, уоттаах-күөстээх, бэркэ киэргэтиллибит сыанаҕа сахалыы төрүт таҥаһы таҥныбыт «Көҕүөр» хуор кыттыылаахтара Анемподист Софронов-Алампа тылыгар, Адам Скрябин матыыбыгар «Саргылардаах сахабыт» диэн ырыаны толорон бастакыттан кэнсиэр тэтимин өрө тутуон туттулар.  Салгыы Наталья Михалева-Сайа тылларыгар, Людмила Пустолякова-Дьэрэлийэ Күндээр матыыбыгар “Тымныы оҕуһа» диэн ырыанан муустаах кытыйаларга кутуллубут тоҥ быарынан, убаһа этинэн кэлбит истиҥ сүгүрүйээччилэрин, күндү көрөөччүлэрин күндүлээн үөртүлэр.

Саалга толору мустубут дьон-сэргэ, ырыа алыптаах эйгэтигэр уйдаран, хас биирдии тахсар нүөмэри дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуоллаан көрүстүлэр. Кэнсиэр быыһыгар «Көҕүөр» хуор кыргыттара бэйэлэрэ оҥорбут оҥоһуктарын, бэлэхтэрин оонньотор лотереяларыгар кыттан, сорохтор илии тутуурдаах дьиэлиир буолан дьоллоннулар. Ити курдук, сонун көстүүлэр, сонун ырыалар биир-биир тахсыталаан истилэр.
Ыытааччы Лена Амонова “ылланар хас биирдии ырыа ис хоһооно, матыыба олохтон тахсар” диэн бэлиэтээн туран, дьон истибэтэх түгэннэрин нүөмэрдэргэ ситимнээн, кэнсиэр хаамыытын байытан биэрдэ. Ол курдук, “Даайа” диэн норуот ырыатын ис хоһоонун, Виктория Ивановна устудьуоннуу сылдьар кэмигэр, учуутала Владимир Семенович Жирков бу курдук диэбиттээх эбит “…дьахтар оҕотун утута олорон эдэр сааһын, тапталын санаан ыллаабыт ырыата буолар” диэн. Ырыаны Владимир Жирков хас да куоласка анаан оҥорбут уонна үөрэнээччитэ Виктория хуор тэриммитин истэн, олус үөрэн долгуйан бу ырыаны репертуар гынарыгар бэлэхтээбит. Онон, бу ырыа суолтата төһө истиҥин, долгутуулааҕын Виктория Ивановна бэйэтэ билэн эрдэҕэ…

Киэҥ эйгэҕэ иһиллибит ырыаларыттан «Талба, талба Татыйаана» буолар. Саймон Сергеев уонна Радомир Сергеев бу ырыаҕа «Көҕүөр» хуор бастакы клибын устаннар өрөспүүбүлүкэтээҕи клип күрэһигэр Гран-при буолан тураллар.

Биир ураты сонун көстүүнэн, «Көҕүөр» хуор уонна «Мозаика» оҕо образцовай ырыа вокальнай ансаамбылын выпускниктара Людмила Колодезникова, Евдокия Сивцева, Анна Трифонова, Тина Куприянова уонна Алена Данилова толорууларыгар С.А.Зверев-Кыыл Уолун «Туруйа туркута” айымньы буолла. Баай ис хоһоонноох репертуардарыгар биир чаҕылхай айымньы эбиллибит диэн астына көрдүм. Салгыы, «Мозаика” ансаамбылыттан иитиллэн тахсыбыт эдэр толорооччулар Афанасий Никифоров тылларыгар уонна матыыбыгар “Кыталыктар” ырыаны толорон дьон сүргэтин көтөхтүлэр, астыныытын ыллылар.

Виктория Ивановнаҕа мэлдьи талааннаах дьон тардыһар, ол курдук, ырыаһыт дьахталлар истэригэр аҕыйаҕа суох иистэнньэҥнэр бааллар. Бу кэнсиэркэ талба талааннарын көрдөрөн дьон сэҥээриитин-сөҕүүтүн ыллылар. Хуор кыттыылааҕа Галина Колесникова тикпит сахалыы мааны таҥастарын кэтэн көрдөрдүлэр. «Мааны эдьиийдэр» саха таҥаһын студиятын салайааччыта Анна Андреева, кини студията балай эмэ саха таҥаһын күрэҕэр ситиһиилэрдээх. Санатар буоллахха, «Уран иис» маастардар оскуолалара 10 сылын бэлиэтиир быыстапка кыттыылаахтара, Сунтаар ыһыаҕын «Саха танаһын саргыта» күрэс 1 миэстэ кыайыылаахтара, «Тоҕус оһуордаах түһүлгэ»  өрөспүүбүлүкэтээҕи  күрэххэ «Мааны эдьиийдэр» анал аат, Сунтаар ыһыаҕар «Дьабака бэргэһэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи курэххэ 2 миэстэни ылан «Мааны дьабака» анал аат хаьаайыннара, Хотун Булуу туонатыгар — Олоҥхо ыһыагар «Тах курдук таҥнан, ох курдук оҥостон, сир симэҕинии симэнэн» күрэххэ 2 үрдэл кыайыылаахтара буолаллар.

Виктория Ивановна олус дьаныардаах, тулуурдаах, сөбүлүүр идэтигэр кытаанах бэриниилээх, муусука эйгэтигэр улахан билиилээх, аптарытыаттаах, элбэх анал куурустарга, үөрэхтэргэ, форумнарга сылдьыбыт, үөрэммит, бэйэтин ньыматын бүтүн Арассыыйаҕа, тас дойдуларга иһитиннэрбит, тарҕаппыт, сэргэппит буолан, үрдүк идэтийбити үөрэхтээх күүстээх исписэлиис буолар, маннык таһымнаах исписэлиистэр элбэҕэ суохтар. Кини тэрийбит хуорун, кэлэктииптэрин ыытар үлэтигэр, хайысхатыгар, былааныгар, бырагырааматыгар олус хорутуулаахтык сыһыаннаһар, репертуардарыгар сүрүн болҕомтотун уурар. Ол да курдук, идэтийбит үөрэхтээх хоровой кэлэктииптэр салайааччыларыгар ирдэнэр хайысхалары барытын тутуспут: саха, нуучча, атын омук биллэр композитордарын классическай айымньыларын, муусука айааччыларын, биллэр акапельнай толорууларын кэнсиэр репертуарыгар бата туһаммыт, бу буолар — идэтийбит таһым, билии, үөрэх, көрдөрүү, ситиһии, табыллыы!

Серафим Туликов муусукатыгар, Сергей Островой хоһоонугар «Ты, Россия моя» ырыа ылланна, Вольфганг Амадей Моцарт «Дона нобис пацем» айымньытын уонна финскай «Над озером» норуот ырыатын олус бэрткэ акапелла толордулар. «Akaihana» диэн японскай саҥа ырыа толоруллуута көрөөччү дуоһуйуутун ылыан ылла, эчи элбэх буолан туруулара, сонун кэрэ көстүүлээх көстүүмнэрэ, ырыаҕа дьүөрэлээн хамсаныылара чахчы киһи көрөн астынар көстүүтэ этэ… Элбэх сахалыы сэргэх ырыалар ылланнылар, хас тахсыы ахсын көстүүмнэр уларыйан истилэр, биэс сыл иһигэр элбэх да репертуар оҥоһуллубут, таҥас тигиллибит эбит диэн көрөөччү сөхтө-махтайда.

Кэнсиэр ис хоһоонун “Өрөгөй” эр дьон ансаамбыла өссө байытта, хас тахсыыларын, толорууларын дьон дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуоллаан, өрөгөйдөрө бүк үрдээтэ. «Куоласка арахсыылара, толоруулара сылын ахсын тупсан иһэр, наһаа да үчүгэйдэр, барахсаттар» диэн дьон саҥатын олус астына иһиттим, чахчыта да оннук. Иван Аммосов, Афанасий Евсеев ырыаларын буоларын да курдук, сэргии иһиттилэр, ытыс тыаһынан махталларын биллэрдилэр. Наталья Михалева-Сайа тылларыгар ааптар, солистка Людмила Пустолякова- Дьэрэлийэ Күндээр «О, мин дойдум Сунтаар» диэн ырыаны олус истиҥник, иэйиилээхтик толорон кэнсиэр олус таһаарыылаахтык түмүктэннэ.

Эбэн этэр буоллахха, Людмила Пустолякова-Дьэрэлийэ Күндээр «сахаларга саамай сүрүн оһуор көҕүөр буолар кини харыстыыр, үүнүү-сайдыы, тэнийии суолталаах» диэн «Көҕүөр» диэн ааттаныҥ диэн сүбэлээбит эбит, ону тутатына сүрэхтэригэр чугастык ылынан, өссө да сайдар эрэллээх, Сунтаары ааттатар кэскиллээх «Көҕүөр» хуор диэн ааттаныахха диэн бу ааты ылбыттар.

Кэнсиэр бүтүүтэ, Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Егорович Филиппов үбүлүөйдээх киэһэлэринэн эҕэрдэтин тириэртэ, Виктория Ивановнаҕа махтанна,  тэрээһинтэн олус астыммытын биллэрдэ, кэлэктиип саастаах, актыыбынай кыттааччыларыгар «Саха АССР 100 сыла» үбүлүөйүнэй бэлиэлэри туттартаата. Сунтаар улууһун култууратын уонна айылгытын салалтатын салайааччыта Тускулаана Васильевна Горохова-Кобельянова Эҕэрдэ суругун Виктория Мойтохоноваҕа уонна «Көҕүөр» хуор кыттыылаахтарыгар туттарар миссияны толордум.

Виктория Ивановнаҕа, ааспыт сыл түмүгүнэн  «Кулууп түмсүүтүн бастыҥ салайааччыта» диэн Анал аат уонна бэлиэ статуэтка туттарылынна. Ол курдук, ыытар үлэтин ис хоһоонунан уонна улуус кулууптарын түмсүүлэриттэн саамай элбэх бүтүн Арассыыйатааҕы, норуоттар икки ардыларынааҕы араас таһымнаах күрэстэргэ кыттан хас да Гран-при кыайыылаахтара, лауреат үрдүк аатын сүкпүт кэлэктииптэр буолалларынан, кулууп иһинэн үлэлиир түмсүү таһаарыылаах үлэлээх салайааччыта буолар. Онон, кулууптарбыт түмсүүлэрин салайааччыларыгар Виктория Ивановна холобур эрэ буолар, олус элбэх дьону-сэргэни ырыа алыптаах эйгэтигэр угуйан үөрэппит Сунтаарбыт киэн туттар киһитэ. Өссө биир кэлэктииби атаҕар туруоран, “ноо, Көҕүөрдэр дуо” дэтэр курдук сыралаах үлэни ыытан, биэс сыллаах үлэтин түмүгүн дьон дьүүлүгэр таһааран, бэҕэһээ Сунтаар нэһилиэгэр олус тэрээһиннээх, чаҕылхай үбүлүөйдээх кэнсиэр буолан ааста.

Өссө биир үтүө сурах. Казань куораттан бэс ыйын 6-12 күннэригэр буолар «Алтын майдан-Татарстан» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы этно-бэстибээлгэ ыҥырыы сурук кэлбит, түһэр сирдэрин аҥарын төлөһөбүт диэн бигэргэтиилээх. Өссө даҕаны ситиһиилэр, кэрэ кэмнэр, өрөгөй түгэннэр кэлэн турдуннар «Көҕүөр» хуорга диэн үтүө баҕаны, эрэли кытта, кэнсиэр түгэннэриттэн тахсыбыт санааларбын түмүктүүбүн…

Галина Самойлова, Сунтаар

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

5 часов ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

5 часов ago