Ураты уһаарыылаах Учууталбыт
Бүгүн, хойутаан да буоллар, Бүлүү куоракка Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай колледж төрүттэммитэ 100 сыла бэлиэтэнэр. Ыраахтан-чугастан выпускниктар үөрэн-көтөн тиийдэхтэрэ. Түгэнинэн туһанан, училищены 16 сыл устата салайбыт Михаил Спиридонович Иванов – Багдарыын Сүлбэ туһунан суруйарга сананным.
Ол – саарбахтаммат!
“Ааспыт үйэ 60-70-с сыллардааҕы көлүөнэ ыччат Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа үөрэммит сылларбыт биир үтүө өйдөбүлэ дириэктэрбит М.С.Иванов аатын кытта ситимнээх. Бэйэтэ элбэхтик бэлиэтээбитин курдук, училищеҕа үлэлээбитэ кини дьоло буоллаҕына, киниэхэ үөрэммиппит, киниттэн уһуйуллан тахсыбыппыт – биһиги ураты дьолбут. Михаил Спиридонович 16 сыл училищены салайбытын устатыгар тыһыынчанан саха ыччата билиини-көрүүнү иҥэринэн, кини илиититтэн диплом тутан, дэгиттэр сайдыылаах учуутал буолан, өрөспүүбүлүкэ бары муннуктарыгар үүнэр көлүөнэни сырдыкка сирдээтэҕэ, тыа сирин сайдыытыгар сөҕүмэр кылаатын киллэрдэҕэ, бары эйгэҕэ биллэр-көстөр суолу-ииһи хааллардаҕа. Ол – саарбахтаммат!
Билсиһии
Саас-сааһынан кэпсээтэххэ, мин 1964 сыллаахха аҕыс кылааһы бүтэрэн, кырдьыгынан эттэххэ, оччо-бачча учуутал буолар баҕанан сирдэтэн буолбакка, оскуолаҕа өссө үс сыл үөрэнииттэн куотан кэриэтэ училищеҕа туттарсан киирбитим. Сайыҥҥы кэмҥэ дириэктэри М.И.Непомнящай солбуйан хаалбыт этэ. Дириэктэрбит Михаил Спиридоновиһы эксээмэммитин туттаран, үөрэххэ ылыллан, быраактыка диэҥҥэ оттук мас бэлэмнээһинигэр түбэһэн, билигин өйдүүрбүнэн, II Чочу сиригэр мас кэрдэн, эрбээн буһа-хата сылдьан көрбүппүт. Өрөбүлгэ быһыылааҕа, учууталлар хас даҕаны буолан, дириэктэр салалтатынан көмөҕө тахса сылдьыбыттара. Туспа балаакка туруорунан, биһигини кытта бииргэ аһаан, күө-дьаа кэпсэтэн, мас мастаан киирбиттэрэ. Михаил Спиридонович, киэҥ-киэҥник дайбанан хаамар, баттаҕа ыһылла сылдьар хатыҥыр киһи, ачыкытын нөҥүө чинчийэрдии көрөн, барыбытын кытта иҥэн-тоҥон кэпсэппитэ. Миигиттэн: «Бу учуутал буолуохтаах киһи мас кэрдэн быраактыкаланара төһө сөп дии саныыгын?» — диэн ыйытан соһуппута. Туох диэн хоруйдуохпун билбэккэ, мух-мах буола түһэн баран: «Сөп буоллаҕа дии», — эрэ диэхтээбитим. Киэһэ утуйаары сытан ону-маны кэпсэтэллэрэ, кинилэр киэҥ эҥсиилээх кэпсэтиилэрин хантан өйбүтүгэр киллэрэн истиэхпитий, утуйан хааларбыт. Хоппот, биитэ суох сэбинэн-сэбиргэлинэн модьу баҕайы мастары биликтэһэр оҕо дьон сылайарбыт даҕаны бэрт буоллаҕа. Аныгы курдук бэнсиининэн үлэлиир, эбэтэр электрическэй эрбии диэн кэлиэ дуо, оччолорго оннуктар баалларын даҕаны билбэппит, сороҕо үөдүйэ даҕаны илик этэ буоллаҕа. Михаил Спиридонович араас оройуоннартан үлэлии кэлбит учууталлартан дойдуларын историятыгар сыһыаннааҕы ыйыталаһан кэпсэттэрэр быһыылааҕа.
Училище муҥутуурдук сайдыбыта
Үөрэхпит саҕаланан, бастакыттан үөрэх, дьарык оргуйар үөһүгэр түспүппүт. Бииртэн биир умсугутуулаах уруоктар солбуһан, үөрэх күнэ бүтэрин билбэккэ даҕаны хааларбыт. Уруоктар кэннилэриттэн араас куруһуоктарга, секцияларга дьарыктаныахха сөп этэ. Техническэй куруһуокка киинэ көрдөрөр аппарааты, оччолорго саҥа кэлэн эрэр кассеталаах магнитофону туһанарга М.М.Михайлов үөрэтэрэ. Хаартыскаҕа түһэриигэ Н.П.Жирков үөрэтэн, зачет курдук үлэбитин тутара. Мастарыскыайга кыргыттар иистэнэр, баайар, уолаттар уһанар усулуобуйалара тэриллэрэ. Үлэ уруогар эмиэ курсовой үлэни туттарар этибит. Икки мэндиэмэннээх училищебыт дьиэтэ уруоктар кэннилэриттэн араас музыкальнай инструменнар тыастарынан кыынньа түһэрэ: училище оҕото барыта ханнык эмэ инструмеҥҥа, фортепьяноҕа, үрэн оонньуур инструменнарга тиийэ дьарыктанара. Аны ол быыһыгар духовой уонна инструментальнай оркестрдар оонньоон ньиргитэллэрэ. Михаил Спиридонович бэйэтин ахтыытыгар суруйбутун курдук, 1958 с. дириэктэринэн ананан кэлэригэр икки эрэ музыка учуутала баар буоллаҕына, биһиги үөрэнэрбит саҕана 20-чэ араас инструменнарга үөрэтэр учуутал, туспа музыкальнай кэбиниэт баара. Салайааччынан барыбыт куппутун туппут В.Д.Каратаева үлэлиирэ, бэйэтэ хуору салайара. Сылга иккитэ үөрэммит инструмеҥҥар зачет туттаран, биир долгуйуу буолара. Михаил Спиридонович бэйэтинэн бары кэбиниэттэри кэрийэ сылдьан истэрэ долгуйууну өссө күүһүрдэрэ. Училищеҕа хас даҕаны оркестр баара. Ол оркестрдар толору инструменнарынан хааччыллалларыгар Михаил Спиридонович болҕомтотун уурарын В.Д.Каратаева биир ахтыытыгар бэлиэтээн суруйбута: «В те годы директор училища Иванов М.С. уделял огромное внимание эстетическому воспитанию учащихся. Я, как заведующая кабинетом музыки, находила всемерную поддержку с его стороны. Кроме огромного количества баянов, мандолин у нас были комплекты оркестров: эстрадного, духового (рук-ль Санников В.И.), русских народных инструментов (рук-ль Минич И.С.), якутских народных инструментов (рук-ли Кудерский В.Ф. и Миронов Э.В.). Мы одними из первых приобрели комплект струнных якутских инструментов».
Мин, үөрэнэ киирээт даҕаны, оччолорго И.С.Минич салайар духовой оркестрыгар бастаан кыра барабааҥҥа, онтон трубаҕа үөрэнэн оонньообутум. Кэлин оркестры В.И.Санников, Ю.Н.Попов салайбыттара. Училищеҕа эрэ буолбакка, оройуоҥҥа ыытыллар дьаһаллары, демонстрациялары, бартыыйынай мунньахтары биһиги духовой оркестрбыт доҕуһуоллуура. Тыа сиригэр эмиэ ыҥыран оонньотоллоро. Аны санаатахха, дириэктэрбит талааннаах, оҕону кытта үлэлиир баҕалаах дьону, омугуттан тутулуга суох, бэйэтин тула биир санааҕа түмэн үлэлэппитэ таһаарыылаах буолбут эбит.
Михаил Спиридонович салайа сылдьыбыт кэмэ — училище сайдыытын муҥутуу сылдьыбыт кэмэ диэтэххэ алҕаһаабаппыт буолуо. Аны үөрэнээччилэр талааннарын арыйар, сайыннарар сыаллаах-соруктаах уус-уран айымньыны көрүү сыл устата ыытыллан, курстар бары отчуоттуур кэриэтэ кэнсиэр көрдөрөллөрө. Дириэктэрбит кэргэнинээн Варвара Михайловнаны кытта биир даҕаны кэнсиэри көтүппэккэ көрөллөрө. Уһулуччу нүөмэри көрдөрбүт оҕо Михаил Спиридонович хайҕалын ылан кынаттанара.
Физкультура уруоктарын биһиги кэммитигэр үрдүк бэлэмнээх учууталлар ыыталлара: классическай тустууга сахалартан бастакы спорт маастара Д.Г.Максимов, чэпчэки атлетикаҕа, сахалыы атах оонньууларыгар өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр спортсмен, спорт маастара А.Г.Тобохов, көҥүл тустуу маастардара П.Ф.Яковлев, С.Д.Егоров. Гимнастикаҕа, чэпчэки атлетикаҕа, хайыһарга зачет туттарыыта – биир тыҥааһыннаах кэм буолара. Спортивнай бырааһынньыкка училище оҕото барыта биир пуормалаах парадтаан тахсыыта – бэйэтэ ураты көстүү этэ. «Уолбут» ходуһата стадион буолуон инниттэн онно араас предметтээх маассабай спортивнай көрдөрүүлэр ыытыллаллара. Курстар икки ардыларыгар күрэхтэһиилэр түмүктүүр оонньуулара хатыһыылаахтык барара. Ол саҕаттан саҕаламмыт орто үөрэх тэрилтэлэрин икки ардыларыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэргэ училище хамаандалара ситиһиилээхтик кытталлара. Араас секциялар тиһиктэрин быспакка үлэлииллэрэ.
«Уонна хайдах үөрэнэрбит буолуой?»
1966 с. саас хаардаахха саҥа физкультура саалатын сыттык мастарын түһэрэн, тутуутун саҕалаабыппыт. Биир тыраахтыртан, икки массыынаттан атын туох даҕаны техниката суох уолаттар бэйэбит мас кэрдэн, тиэйэн киллэрэн, суоран, сорохтор сүгэ диэни туппатах, тутууга сылдьыбатах дьон санныбытынан сүгэн саҕалаан, ол сайын хаалан прораб А.М.Григорьев дьаһалынан үлэлээбиппит. Учууталбыт А.Г.Тобохов эмиэ үлэлэспитэ. Ол сырыттахпытына, от ыйын 26 күнүгэр училищебыт дьиэтэ умайан хаалбыта. Дьулаан уот, көрөн турдахпытына, икки сыл биһиэхэ уйа буолбут биһикпитин мэҥиэстибитэ. Чугастааҕы оччотооҕу физкультурнай саалабытын-кулууппутун, дириэктэрбит дьиэтин сарайдарыгар уу таһан кутан быыһаталаабыппыт. Уйан дууһалаах, сайын хаалан өрөмүөн үлэтигэр сылдьар кыргыттарбыт барахсаттар, харахтарыттан уу-хаар баһылла-баһылла: «Уонна хайдах үөрэнэрбит буолуой?» — дии тураллара бу баар. Кырдьык даҕаны, 44 сыл устата саха оскуолаларыгар алын кылаас учууталларын бэлэмнээбит кыһа сабыллан хаалар кутталга киирбитэ саарбаҕа суох. Дириэктэрбит тулхадыйбат күүстээх санаата, кэлэктиибигэр, үөрэнээччилэригэр, эрэнэрэ үөскээбит балаһыанньаттан тахсарга сүрүн тирэх буолбутугар саарбаҕалаабаппын. Саалабытын тутууга солбуйсан түүннэри үлэлээбиппит, миигин кытта икки-үс уолу уопсайдар өрөмүөннэригэр ыыппыттара. Ол кэми санаан, Михаил Спиридонович суруйбута баар: «Биричиинэтин быһаарбатахтара. Билигин да, ону санаатахпына, хараастыах курдукпун. Дьиэбит эрэ буолуо дуо, дьыалабыт-куолубут, архыыппыт барыта күл-көмөр буолбута. Училище историятын көрдөрүөхтээх араас матырыйаалы хомуйан испиппит баара… Ити кэнниттэн үлэлииргэ хайдах курдук ыараханын, ама, дьон өйдөөбөт буолуохтара дуо. Ол эрэн, оройуон салалтата, министиэристибэ биэс сыл тухары хамсанан көрбөтөхтөрө…».
Саҥа саала
Оннук быһыы-майгы, сыһыан кэмигэр Михаил Спиридонович сатаан туруорсуута, булгуруйбат быһаарыныыта эрэ училище салгыы үлэлииригэр кыаҕы үөскэппит буолуохтаах диэн сэрэйэбин. Уопсай дьиэлэринэн, эргэ физкультурабыт саалатынан көһө сылдьан үөрэнэрбит. Төһө даҕаны кыараҕаһын иһин, биир даҕаны куурус сабыллыбатаҕа, үөрэх бырагыраамата кылгатыллыбатаҕа, саҥа инструменнары атыыласпыттара быһыылааҕа, оркестрбытыгар дьарыктанарбыт. Күһүн саҥа саалабытын бүтэрэн, үлэҕэ киллэрбиппит. Уон даҕаны сүүрбэ миэтэрэлээх, биэс миэтэрэ кэриҥэ үрдүктээх баскетболлыыр, волейболлуур саалалаах, сценалаах, хостордоох, уруккубутугпр холоотоххо, киэҥ-куоҥ уораҕай буолбута. Дьарыктанарга үчүгэйэ сүрдээҕэ, үгүстэр күммүтүн онно барыырбыт. Киэҥ-куоҥ сценаҕа кэнсиэртэр далааһыннаахтык бараллара. Баскетболга, волейболга оройуон күрэхтэһиилэрэ биһиги саалабытыгар ыытыллар буолбуттара.
Нөҥүө сайыныгар, уолаттар эмиэ хааламмыт, эрбии көөбүлүн симэн, уопсай дьиэ туппуппут, «Бараах» диэн ааттаммыта. Сыралта диэн көһөрүллүбүт дэриэбинэ олоҕуттан эргэ дьиэни көһөрөн киллэрэн, уопсайга анаан урукку физкультурабыт саалатын иннигэр туруорбуппут, билигин даҕаны турар. Бу санаатахха, кэлин тарҕаммыт устудьуоннар тутар этэрээттэрин холобура бастаан Бүлүү училищетыгар үөскээбит эбит диэххэ сөп курдук.
Алгыс тыла…
Училищебытын бүтэрэрбитигэр дириэктэрбит үтүө тыллары этэн, дипломмутун, бастыҥ үөрэхтээхтэргэ, активистарга хайҕабыл лииһин туттарбыта, «Октябрь суола» хаһыакка ыстатыйа таһаарбыта. Кини аҕалыы алгыһын ылан, өрөспүүбүлүкэ бары муннуктарыгар олохпут саҥа кэрдииһин саҕалыы тарҕаспыппыт.
Мин, Чочу оскуолатыгар учууталлаан, онтон аармыйаҕа сулууспалаан кэлэн, эмиэ ол оскуолабар үлэлии сылдьан, биирдэ, оҕолорбун күрэхтэһиигэ куоракка киллэрбитим. Төттөрү тахсаары аартыкка массыына кэтэһэ сатаан баран, массыына ханна сылдьарын билээри, төлөпүөҥҥэ наадыйан, Михаил Спиридоновичтаахха дьиэлэригэр киирбитим. Үөрэ-көтө көрсөн, төлөпүөнүн көҥүллээн кэпсэтиннэрбитэ. Онтон ол кэмҥэ кэргэним дойдутугар баран, уол оҕолоно сытарын туһунан кэпсээбиппэр, олус диэн үөрбүтэ уонна: «Итинник үтүө сонун бэлиэтэннэҕинэ сатанар, төһө даҕаны сарсын кросс сүүрүөхтээхпин даҕаны», — диэн дьоҕустук аһыы утаҕы кутан биэрэн, охсуһуннаран, бэйэтэ кыратык уоһугар тиэрдэн, эҕэрдэлээн күндүлээбитэ. Оҕобун ким диэн ааттыырбар туох даҕаны тылы быктарбатаҕа даҕаны, киниттэн холобур ылбыт курдук Айаал диэн ааттаабыппыт. Ыллахпыт даҕаны дии.
Чочуга үлэлээбиппит иккис сылыгар биирдэ дьиэбитигэр сылдьан, ыалдьыттаан, икки уолламмыппытыттан астынан киирбитэ. Дьокуускайга көһөн кэлэн баран, дьиэлэригэр сылдьар этибит, кинигэлэрин бэлэхтиирэ. «Баартыйаларбар, биир курдук, махтана саныыбын, үүрэн ыытаннар, топонимикабынан дьарыктанан, өрөспүүбүлүкэҕэ сылдьыбатах сирим аҕыйах хаалла, матырыйаал бөҕөнү хомуйдум», — диэн күлэрэ, картотекатын киэн тутта көрдөрөрө. Ол олоҕун устата хомуйбут баайа электроннай харайыыга киирэр кыаҕа суоҕуттан хомойоро. Карточкаларын оҥорор, суруйар, бэрээдэктиир олоҕун бэриниилээх доҕоро Варвара Михайловнаҕа махтала муҥура суоҕа, «Кинитэ суох бу картотека оҥоһуллуо суоҕа этэ», — диирэ. Бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэр, бүтэйдии өйдөһөр ыал ийэтэ-аҕата, эбээтэ-эһээтэ этилэр. Бүлүүгэ олороллорун саҕаттан киэһэ аайы хаамар идэлээхтэрэ, Михаил Спиридонович ардыгар биһигини кытта волейбол оонньоон ааһан сөхтөрөрө.
Өрүү алтыһарбыт…
Биирдэ эмит саамай астынар үөрэнээччилэрин, учуонайдарбыт, өр сылларга училищеҕа таһаарыылаахтык үлэлээбит Ульяна Кондакованы, кэллиэгэтэ Пантелеймон Петровы-Хардыыны кытта сырыттахпытына, үөрэ-көтө көрсөн, туоһулаһан-сэһэргэһэн, Варвара Михайловна минньигэс аһылыгынан күндүлээн ыыталлара. Олус сэмэйдик, сахатын норуотугар сүдү өҥөлөөх киһи диэтэххэ, икки эрэ хостоох дьиэҕэ олороллоро. Биир хоһун баай бибилэтиэкэлэрин кытта картотеката ылан турара, онтуката Михаил Спиридонович үлэлиир кэбиниэтэ этэ, ыалдьыттарын онно көрсөллөрө.
П.Петров-Хардыы көҕүлээһининэн 70 сааһын туолуутугар «М.Уйбаныапка иһирэх тыл», онтон 75 сааһыгар кыракый буклеттары оҥорторбуппутугар, мустан эҕэрдэлээбиппитигэр, сэмэй муҥутаан, үөрдэ даҕаны этэ! «Ааттаах даҕаны үчүгэйдик тэрийбиккит. Махтанарга тыл тиийбэт» диэн илии баттаан бэйэбитигэр онтун бэлэхтээбитэ. Онтон 2008 с. биир саамай тумус туттар киһибит, түмээччибит У.Ф.Кондакова салалтатынан РФ үтүөлээх учуутала Е.Р.Алексеев уонна мин буолан «Саха киэн туттар дьоно» серияҕа «М.С.Иванов-Багдарыын Сүлбэ» диэн кинигэни хомуйан, БПК оччотооҕу дириэктэрэ, үөрэнээччим М.С.Томскай өйөбүлүнэн таһаарбыппыт. Эмиэ Улябыт көҕүлээн, быһаччы тэрийэн 2018 с., Михаил Спиридонович үөрэнээччилэриттэн харчы хомуйан, бюһун колледж аттыгар туруортарбыта. Бу санаатахха, дириэктэрбит, учууталбыт үбүлүөйдэрин бэлиэтээһини үөрэнээччилэрэ саҕалаабыт курдукпут. Үйэтитиигэ ордук Ульяна Федоровна, төһө даҕаны ыарахан ыарыыга ыллара сырыттар, турунан үлэлээбитэ. Бүтэһик чиэстээһини «Ийэ тыл» уопсастыбаннай тэрилтэ иилээн-саҕалаан Саха тыйаатырыгар тэрийбитэ. Сааланы тобус-толору мустубут Михаил Спиридоновиһы киһи, учуутал, учуонай, патриот быһыытынан сыаналааччылар, киниэхэ сүгүрүйээччилэр иннилэригэр учууталым дьоро киэһэтин ыытыспыт дьоллоохпун.
Саха норуотун барҕа баайа
Икки хараҕынан көрбөт буолбутуттан улахан охсууну ылбыта, суруйа, үлэлии, өрөспүүбүлүкэ эрэ буолбакка, бүтүн Арассыыйа тыын боппуруостарыгар бэйэтин сыһыанын, санаатын биллэрэ олорбут киһи эмискэ им-балайга киирэн хаалбыта — ыар охсуу буоллаҕа. Кини дириҥ ис хоһоонноох олоҕо, сөҕүмэр үлэтэ, сахатын норуотун сырдык дьылҕатын туһугар ахсаабат турунуута — хас биирдиибитигэр, кэлэр көлүөнэҕэ чаҕылхай холобур. Сахалартан бастакынан топонимиканан дьарыктаммыт норуот билиммит учуонайа, булгуруйбат санаалаах уопсастыбаннай диэйэтэл М.С.Иванов-Багдарыын Сүлбэ хаалларбыт матырыйаалынай, духуобунай нэһилиэстибэтэ — саха норуотун барҕа баайа. Ол баай ситэри, толору үөрэтиллэрэ, кини олоҕун, норуотун кэскилин туһугар охсуһуутун толору сырдатыы, сөптөөх сыанабыл биэрии — бириэмэ ирдэбилэ.
Багдарыыны билэр бэрт элбэх дьон бэлиэтииллэринэн, кини биир уһулуччу уратыта — кырдьыгы өрө тутара, ону куттаммакка аһаҕастык туруорсара. Эдэригэр Уһуктаах Уйбаныап диэн ааттыылларын ахталлар. Онтун туһуттан репрессия бөлүөҕүн, туора көрүүнү төһөлөөҕү көрсүбүтүн бэйэтэ эрэ билэн, уйан бараахтаатаҕа. Ону барытын аахса, хойохтоһо, иэс баайса сылдьыбат киэҥ-холку көҕүстээх аарыма киһи эбит ээ, учууталбыт барахсан! Үөрэнээччилэрэ, биһиги, учууталбыт аҥар даҕаны холугар тиийбэппититтэн кыбыста саныыбыт, хайыахпытый, Учууталбыт туспа уһаарыылаах киһи этэ буоллаҕа диэн уоскутунарга эрэ тиийэбит. Уопсайынан, Михаил Спиридонович киһи, личность быһыытынан далааһына муҥура суох, ону сырдатар — биһиги кыахпыт таһынан. Кини биһиэхэ — сүгүрүйэр сүдү киһибит, үҥэр таҥарабыт кэриэтэ улуу Учууталбыт. Тыыннаахпыт тухары муҥура суох махталынан кини аатын ааттыы сылдьыахпыт!
Святослав Григорьев,
СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ,
БПУ-ны 1968 с. бүтэрбит, үлэ бэтэрээнэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: