Урбаан миниистирэ Георгий Андреев «Хорсун быһыы иһин» II истиэпэннээх мэтээлинэн наҕараадаланна
23.08.2025, 10:49

Хаартыска: sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:
Дьокуускайга РФ Судаарыстыбаннай былааҕын күнүгэр анаммыт үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ байыаннай дьайыыга ытык иэстэрин толорууга хорсун быһыыны, эр санааны уонна бэйэни харыстаммакка сылдьыыны көрдөрбүт өрөспүүбүлүкэ байыастарыгар судаарыстыбаннай наҕараадалары туттардылар.
Курскай уобаласка байыаннай соруктары толоруу кэмигэр көрдөрбүт хорсун быһыытын уонна эр санаатын иһин «Хорсун быһыы иһин» II истиэпэннээх мэтээлинэн СӨ Урбааҥҥа, атыыга-эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирэ Георгий Андреев наҕараадаланна. Бу күн уопсайа уон байыас бочуоттаах ааттары уонна байыаннай наҕараадалары туттулар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: