Урбаан пуорумун чэрчитинэн «Гастрономия тыйаатыра» сүрэхтэннэ

Share

Урбаанньыттар пуорумнарын чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастаан «Гастрономия тыйаатыра» диэн сонун тэрээһин сүрэхтэннэ.

Манна  киин куорат эрэстэрээннэрэ бэйэлэрин шеф-пуобардарын үлэлэрин киэҥ араҥаҕа таһаарар дьоро киэһэлэрэ буолла. Ол курдук, ааттаах-суоллаах «Атласовтар уһаайбалара», «Red&Green», «Муус Хайа», «Седьмое небо», «Аврора», «Орто дойду», «Махтал» эрэстэрээннэр  бэйэлэрин фирменнэй бүлүүдэлэрин астаан амсаттылар.

Бу тэрээһиҥҥэ дойду араас эрэгийэннэриттэн кэлбит ыалдьыттар сонун астары амсайан, үрдүк сыанабылы биэрдилэр. Ол курдук, Москваттан кэлбит норуоттар икки ардыларынааҕы биисинэс-тириэньэр Павел Вербняк тэрээһиҥҥэ сылдьан баран санаатын маннык үллэһиннэ:

«Махтал» эрэстэрээн үлэһитэ Егор Семенов пуорум кыттыылаахтарын ыҥыран таһааран, «Алгыстаах чэй» сиэрин-туомун толордо.  Ыалдьыттар баҕа санааларын суруйан баран, уокка уматтылар уонна саха итии чэйин  иһэ-иһэ баҕа санаалара туоларыгар эрэннилэр.

Гастрономия бэстибээлин арыйыытынан Сунтаар улууһуттан төрүттээх, соторутааҕыта «Муус Хайа» эрэстэрээн  шеф-пуобарын таһымыгар үрдээбит Игорь Глухарев буолла. Кини убаһа этин оҕуруот аһын кытта оҥорон күндүлээбитэ — минньигэһиэн!

Эдэр киһи бэйэтин  пиирмэннэй туматын — ынах арыытын масленок тэллэйи кытта уратытык булкуйан оҥорбута болҕомто киининэн буолла. Игорь Глухарев тэрээһин туһунан санаатын маннык үллэһиннэ:

«Атласовтар уһаайбалара» эрэстэрээн бастыҥ бренд-шеф асчыта Николай Атласов тоҥ балыгын өрүү бэртээхэйдик кыһан, пиирмэннэй «индигиркатынан»  күндүлүүр.  Бу да сырыыга оннук буолла.

Бу сааскыттан Арассыыйа эрэгийиэннэригэр ыҥырыылаах асчыт быһыытынан сылдьан, Николай Васильевич бэрт элбэҕи биллэ-көрдө. Ол туһунан кини бэйэтин санаатын маннык үллэһиннэ:

«Саха сирин амтана» гастрономия бэстибээлэ ахсынньыга ыытыллар «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар»  кыһыҥҥы «событийнай туризм» дэнэр улахан тэрээһин биир саамай киэргэлэ. Бу тэрээһини Саха сирин ресторатордарын салайааччы  Татьяна Тымырова тэрийбитэ. Кини көҕүлээһининэн Арассыыйа аатырбыт асчыттара, ресторатордарга сыл аайы кэлэн Саха сирин эрэстэрээннэрин үлэһиттэрин араас кистэлэҥҥэ, ньымаҕа, көрүҥҥэ үөрэтэн бараллар. Ол түмүгэр эрэстэрээннэр үлэлэрэ биллэ тубуста, бары Саха сиригэр оҥоһуллар бородууксуйаны хото туһанар буоллулар, саха национальнай бүлүүдэлэрин эрэстэрээн аайы сакаастыахха сөп. Бу — сүҥкэн ситиһии!

Кэлиҥҥи кэмҥэ Татьяна Тымыроваҕа өйөбүл буолар киһинэн СӨ туризм сайдыытын  ааҕыныстыбатын салайааччыта Дмитрий Громов буолла. Кинилэр дойду бастыҥ асчыттарын кытта билсэн, сонунтан сонун сүүрээни олоххо киллэрэллэр. Ол биир туоһута — «Гастрономия тыйаатыра» дьон биһирэбилин ылла. Онон «Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл чэрчитинэн сыл аайы биирдэ ыытыллар бэртээхэй тэрээһин — «Гастрономия тыйаатыра»  эбилиннэ. Саҥаттан саҥа көрүүлээх эдэр асчыттар ааттара ааттана туруо буоллаҕа.

Ол холобурунан  «Орто дойду» эрэстэрээн саҥа тахсан эрэр су-шеф пуобара Изабелла Андреева бэйэтэ айбыт «Кэмпиэт иһигэр күөрчэх» бүлүүдэтэ  буолла.

Сотору кэминэн «Гастрономия тыйаатыра» силистэнэн-мутуктанан, Саха сиригэр туризмы сайыннарыыга улахан ааттаах-суоллаах бренд буола сайдарыгар тус бэйэм эрэллээхпин!

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

34 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саха сирэ – Монголия: Атынан айан

Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

2 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Ырыа Мэҥкээр сиэнэ

I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр  Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

5 часов ago