Бу күннэргэ Дьокуускайга урбаанньыт дьахталлар “Биисинэс эйгэтэ дьахтар көрүүтүнэн” бырайыак олоххо киириитин 10 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн “төгүрүк остуол” тэрийэн ыыттылар.
Суолталаах тэрээһиҥҥэ бырайыак бастакы кыттааччыларын санааларын үллэһиннилэр, ким тугу ситиспитинэн уопуттарын атастастылар, билиҥҥи уустук кэм хайысхаларын дьүүллэстилэр.
СӨ Дьахталлар уопсастыбаннай тэрилтэлэрин сойууһун бэрэссэдээтэлэ, РФ Дьахталлар сойуустарын Бюротун чилиэнэ, СӨ Уопсастыбаннай палаататын аппараатын салайааччыта Анжелика Андреева тэрээһин туһунан санаатын маннык үллэһиннэ:
— Уон сыллааҕыта көхтөөх урбаан эйгэтигэр саҥа хардыылары оҥорон эрэр уонна уопуттаах урбаанньыт дьахталлар “Биисинэс эйгэтэ дьахтар көрүүтүнэн” диэн бырайыагы саҕалаабыттара. Бу уопут атастаһыытын былаһааккатынан буолбут бырайыак билигин номнуо ааттаах-суоллаах үгүс урбаанньыкка биисинэс эйгэтигэр улахан далаһанан буолбута. Саамай сүрүн ситиһиибит – уопуттаах урбаанньыт-дьахталлар саҥа саҕалааччылары бэйэлэрин кынаттарыгар ылан, настаабынньык хамсааһына саҕаламмыта. Көлүөнэлэр ситимнэһиилэрэ үчүгэй түмүгү биэрэн, өрөспүүблүкэҕэ араас эйгэҕэ урбаан бары салааларыгар дьахталлар хото киирдилэр. Оччолорго атын дойдулар уопуттарын үллэстэр араас тэрээһиннэргэ тиийэ кыттан, оннооҕор “Олоҕу уларытар дьахталлар” (“Женщины меняющие мир”) диэн аан дойдутааҕы кэмпириэнсийэҕэ анаан бара сылдьыбыппыт. Онно сылдьан баран, ыраах хоту эрэгийиэн бэрэстэбиитэллэрэ буоларбыт быһыытынан, “Артик-леди” диэн уопсастыбаннай пуонданы тэрийбиппит. Пуонда сүрүн сыалынан социальнай бырайыактары өйөөһүн этэ. Ол чэрчитинэн “Белая Роза”, “Розовая чайка” тэрилтэлэр тэриллэн, Саха сирин дьахталларын улаханнык өйөөбүттэрэ. 2025 сылга өрөспүүбүлүкэбитигэр Дьахтар хамсааһына тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтиэхпит. Онно “Биисинэс эйгэтэ дьахтар көрүүтүнэн” бырайыак сүрүннүүр оруолу ылыаҕа.
Тэрээһини ыытыыга “Мин биисинэһим” киин кыттыһан, тэрилтэ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Евдокия Ефимова урбаанньыыт дьахталларга көрүллэр өйөбүл миэрэлэр тустарынан сырдатта уонна “Ийэ — урбаанньыт” үөрэх бырайыагын, дьиэ кэргэҥҥэ туһуламмыт араас хайысхалары билиһиннэрдэ.
Урбаанньыт дьахталлар “Биисинэс эйгэтэ дьахтар көрүүтүнэн” бырайыак кыттыылаахтара ситиһиллибитинэн тохтоон хаалбакка, салгыы үлэлииргэ араас этиилэри киллэрдилэр, сонун бырайыактары олоххо киллэриигэ санааларын атастастылар.
Дойду үрдүнэн харахтарынан көрбөт дьоҥҥо туһуламмыт «Үрүҥ торуоска» аахсыйа сылын ахсын алтынньы ый 15 күнүттэн…
Быйыл үгэс быһыытынан "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ бэрт кэрэхсэбиллээх түгэннэри бэлэхтиэҕэ. Ол…
Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо байыастарга анаан баһыылкалары бэлэмнээн, икки массыынанан Дьокуускайга ыыттылар. Бу туһунан улуус…
Бу күннэргэ баһылыктар сэбиэттэрин уочараттаах мунньаҕар Таатта улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын уонна тэрилтэлэри кытта бииргэ үлэлээһин…
Кыһыҥҥы кэмҥэ кыыл-сүөл ордук эбии аһылыкка наадыйар. Эбии аһылыгы, тууһу уонна сэбирдэхтээх талахтары дьиикэй кыыллар…
Быйыл үһүс сылын ыытыллар Сыыппара пуорумун биир сүрүн сиэссийэтигэр өрөспүүблүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар туризм оруолун туһунан…