“Урбаанньыт ийэ” бырагыраама кыайыылааҕа быһаарылынна

Share

“Урбаанньыт ийэ” федеральнай үөрэтэр бырагыраама эрэгийиэннээҕи түһүмэҕин түмүгэ таҕыста. Кыайыылааҕынан Дьокуускай куораттан бэйэ дьарыктаах Наталья Архипова таҕыста.

Биэс күн устата кыттааччылар бэйэлэрин дьыалаларын аһарга, сайыннарарга наадалаах кэлим билиилэри ыллылар, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

Быйыл куонкуруска кыттарга 70-тан тахса сайаапка киирбитэ, олортон хамыыһыйа талан ылбыт 30 киһитэ күрэхтэстилэр. Эспиэрдиир хамыыһыйа быһаарыытынан, 100000 тыһ. солкуобайдаах грааны таҥаһы тигэр уонна “Баал-маскараат” көстүүмнэрин уларсыкка биэрэр бырайыактаах Наталья Архипова ылла.

Кыайыылаах бэлиэтээбитинэн, бу бырагыраама кини урбаана сайдарыгар улахан олугу уурбут.

-“Урбаанньыт ийэ” бырагыраама миэхэ дьиҥнээх бэлэҕинэн буолла. Урбааннарын сайыннарыан баҕарар ийэлэргэ олус наадалаах. “Мин урбааным” кииҥҥэ бэйэлэрин дьыалаларын сайыннарыан баҕалаах дьоҥҥо хайдах саҕалыыры босхо үөрэтэллэрэ олус бэрт. Кырдьыгынан эттэххэ, мин бэйэбин холоон көрөөрү кыттарга сайаапканы биэрбитим, билигин сөптөөх суолунан баран иһэрбин өйдөөтүм.

Бырагыраама миэхэ билиини, сатабылы эрэ буолбакка, бэйэбэр сүрдээх улахан эрэмньини биэрдэ. Мин тэрийээччилэргэ бу кыаҕы биэрбиттэрин иһин олус махтанабын уонна бэйэ дьыалатын сайыннарыан баҕарар ийэлэри бу бырагыраамаҕа кыттан, күүскүтүн холонон көрүҥ диэн ыҥырабын”, — диэн кыайыылаах Наталья Архипова санаатын үллэһиннэ.

Бырагыраама “Дьоҕус, орто урбаан уонна биирдиилээн урбааннаах көҕүлээһини өйөөһүн” национальнай бырайыагынан ыытыллар.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

13 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

13 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

13 часов ago