«Талакаан» тэрилтэ салайааччыта, Горнайтан төрүттээх урбаанньыт Василий Николаев быстах хомуурга барбыттарга 1 000 000 солкуобайы ыытан көмөлөһүөҕэ. Бу туһунан Горнай улууһун «Үлэ күүһэ» хаһыата Телеграм-ханаалыгар иһитиннэрэр.
Василий Николаев: «Урбаанньыт киһи быһыытынан ыксаллаах кэмҥэ туора турбакка, быстах хомуурга сылдьар уолаттарга бэйэбит көмөбүтүн оҥоруохпутун наада дии санаатыбыт. Мал-сал, таҥас-сап ылыналларыгар наада буолуоҕа. Биһиги көмөбүт чопчу Украинаҕа анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта барар уолаттарга, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр ананыаҕа. Саха сирин үрдүнэн уолаттарга көмө бөҕөтө буолла, бу курдук ким даҕаны туора турбатын!» — диир.
СИА хаартыската.
Үөһээ Халыма улууһугар полиция үлэһиттэрэ бокуонньук суоппар гарааһын халааһыҥҥа уорбаланар киһини быһаардылар. Бу туһунан «МВД…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…