Урбаанньыттар бырааһынньыктарыгар бэлэмнэнэллэр
Ыам ыйын 26 күнүгэр бэлиэтэнэр Арассыыйа предпринимателлэрин күнүн көрсө СӨ Предпринимательство, эргиэн уонна туризм сайдыытын министиэристибэтэ бэйэтин саайтыгар ыытыллыахтаах тэрээһиннэр былааннарын таһаарда.
Быйыл бу бэлиэ күн төрүттэммитэ 15-с сыла. Арассыыйа Бэрэсидьиэнин 2007 сыл алтынньы 18 күнүнээҕи 1381 №-дээх ыйааҕынан Арассыыйа предпринимателлэрин күнэ бэлиэтэнэр.
Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ урбаан эйгэтигэр 130 тыһыынча киһи үлэлиир. Бу күннэргэ бары улуустарга бэлиэ күҥҥэ анаммыт тэрээһиннэри ыытарга бэлэмнэнэллэр. Ол онтон кылгастык билиһиннэрдэххэ, ыам ыйын 24 күнүгэр СӨ Предпринимательство, эргиэн уонна туризм министиэристибэтин иһинэн үлэлиир туризм уонна территориальнай маркетинг ааҕыныстыбата, СӨ ыалдьытымсах буолуу ассоциацията гостиницалар уонна эрэстэрээннэр үлэһиттэригэр анаан уопут атастаһар дьыалабыай кэпсэтиини тэрийиэхтэрэ.
Өлөөн улууһугар фарштаах собону астааһыҥҥа маастар-кылаас буолуоҕа. Орто Халыма улууһугар саастарын ситэ илик оҕолорго анаан “Бэйэ биисинэһин хайдах тэриниэххэ сөбүй?” диэн “төгүрүк остуол” ыытыллара былааннанар. Сунтаар улууһугар урбаанньыттар сүлүөттэрин ыытыахтара. Нам улууһугар “Нам улууһа – биисинэс сайдыытын киинэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи зональнай пуорум буолуоҕа. Кэбээйи улууһугар нэһилиэктэргэ үлэлиир олохтоох урбаанньыттар оскуола оҕолорун, ыччаттары кытта көрсүһүүлэрэ былааннанар.
Ити курдук, улуустарынан Арассыыйа предпринимателлэрин күнүн көрсө араас ис хоһоонноох тэрээһиннэр буолуохтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: