Уругвай этэ атыыланар

Share

Эт хаачыстыбатыттан киһи доруобуйата  улахан тутулуктаах. Ол иһин кэмиттэн кэмигэр чинчийиини ыыталлар.

Хонон турдах аайы араас сурахтар-садьыктар тарҕаналлар. Эт боруобатыгар балтараа тыһыынча анаалыс оҥоһуллубутуттан 180-на микробиологическай ирдэбиллэргэ сөп түбэспэт үһү диэтилэр. Ол курдук, Роспотребнадзор Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр управлениета иһитиннэрбитинэн, бу сыл 9 ыйын түмүгүнэн эт бородууксуйатыгар 1511 боруоба ылыллан, чинчийии  оҥоһуллубут. Ол иһигэр көтөр этигэр уонна  бородууктатыгар.

Онуоха лаборатория хонтуруолун чахчытынан микробиологическай көрдөрүүнэн булгуччулаах ирдэбилгэ 12 % , физико-химическэй көрдөрүүнэн — 3 % сөп түбэспэтин быһаарбыттар. Ол эрээри санитарнай-химическэй, паразитологическай уонна радиологическай көрдөбүллэринэн боруобалар этиллибит характеристикаларыгар сөп түбэһэллэр. Ити ылыллыбыт боруобаларга мышьяк, ртуть, сибиниэс, кадмий курдуктары, антибиотиктары уонна радиоактивнай веществолары  булбатахтар. Чинчийии түмүгүн билиһиннэрэн баран, Роспотребнадзор эт бородууксуйатын түбэһиэх сиртэн атыылаһыы кутталлааҕын сэрэтэр. Эт бородууксуйатын анал эргинэр сиртэн атыылаһарга сүбэлиир.

Кистэл буолбатах, Саха сирин маҕаһыыннарыгар кэлии эт  хото атыыланар. Тупсубута Алтай киэнэ буолар. Бэл, Уругвай этэ эмиэ атыыланар эбээт. Аата аҕаллахтара ырааҕын дуу, чугаһын дуу? Хата, маннык тиэллэн кэлэр эттэр хаачыстыбаларын үчүгэй аҕайдык бэрэбиэркэлиэххэ баара. Үнүр биир маҕаһыыҥҥа “Арассыыйа ынаҕын туйаҕа” диэн нобуор баара. Дьэ, булан суруйаллар ээ. Ол да буоллар, алааспытыгар мэччийэр ынахпыт этэ барахсан амтанныын минньигэс буоллаҕа.

Хаартыска: Уругвай этэ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөннөр байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарын көрүстүлэр

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун баһылыга Александр Оконешников салайааччылаах бөлөх байыаннай дьайыы зонатыгар тиийэн, биир дойдулаахтарын…

3 часа ago
  • Сонуннар

Матвей Евсеев хайа рудатын национальнай хампаанньатын салайааччытынан ананна

"Национальная горнорудная компания" АУо генеральнай дириэктэринэн Матвей Евсеев ананна. Саха сирин Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыга…

3 часа ago
  • Сонуннар

АЛРОСА АК уонна “Анаабыр алмаастарыгар” махтанабыт

Саха сирин олохтоохторо соторутааҕыта кыыл табалар Өлөөн улууһун дьиэ табаларын илдьэ барбыттарын туһунан сураҕы истибиттэрэ.…

4 часа ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар

Ытык Күөлгэ лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ

Таатта оройуонун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр А.Е.Мординов аатынан интэринээттээх лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ. Эбийиэк СӨ…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Тоҥ балык» күрэһин кыайыылааҕар — 100 тыһыынча солкуобай

“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин биир сүрүн тэрээһининэн “Тоҥ балык” ("Строганина”) балык кыһыытын…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Култуура ханнык тэрилтэлэригэр босхо сылдьыахха сөбүй?

Бэрэсидьиэн Владимир Путин 2024 сыл тохсунньу 23 күнүнээҕи 63 №-дээх ыйааҕынан, 18-рын туола илик үстэн…

4 часа ago