Уруһуйдьут оҕолор олимпиадаҕа ситиһиилэннилэр

Уруһуйдьут оҕолор олимпиадаҕа ситиһиилэннилэр

Ааптар:
04.04.2024, 19:27
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга ХИФУ ИТИ баазатыгар архитектураҕа уонна дизайнҥа өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиада буолла.

Бу күөн күрэскэ Уус Алдантан Бороҕоннооҕу оҕо ускуустубатын оскуолатын үөрэнээччилэрэ ситиһиилээхтик  кытыннылар. Ол курдук,  14  саастаах Сандаара Матвеева ускуустуба оскуолатыгар төрдүс сылын утумнаахтык дьарыктанар. Быйыл «Живопись» уонна «Композиция в дизайне» диэн көрүҥнэргэ иккиэннэригэр бастакы миэстэни ылан барыбытын үөртэ. Учуутала — Сыроватская Розалия Тимоновна үөрэнээччитин ситиһиититтэн улаханнык үөрдэ.

Бу күрэскэ «Рисунок» көрүҥҥэ уруһуй кылааһын 3 кылааһын үөрэнээччитэ Оля Шестакова (учуутала Мухина Светлана Федоровна) 3 бочуоттаах миэстэҕэ тигистэ. Маны таһынан быыстапкатыгар Дайаана Румянцева «Тыа хаһаайына» диэн үлэтэ эмиэ 3 бочуоттаах миэстэни ылла.

Олимпиаданы тэрийээччилэр сыллата кыттааччылар ахсааннара элбээн иһэрин, оҕолор уруһуйдуур таһымнара үрдээн, курэхтэһии сытыырхайан иһэрин бэлиэтээтилэр. Быйыл барыта 180 оҕо кыттыыны ылбыт.

Розалия Сыроватская,

Уус Алдан.

Хаартыскалар Р.Сыроватская тиксэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: