«Уруйдан, улуу Олоҥхо!» Дьокуускайга олоҥхону толорооччулар күөн күрэстэрэ буолла
Кулун тутар ыйы түмүктүү сылын аайы ыытыллар олоҥхону биирдиилээн уонна куолаан толорууга «Уруйдан, улуу Олоҥхо!» өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн күрэс буолла.
Түһүлгэҕэ Тааттаттан, Мэҥэ Хаҥаластан, Сунтаартан, Чурапчыттан, Дьокуускайтан, Намтан, Амматтан, Горнайтан, уо.д.а. улуустартан ох курдук оҥостон, кустук курдук куоһанан кэлэн олоҥхону толорооччулар кытыннылар. Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгиттэн Г.И.Полускина салайааччылаах «Кылыһах», Дьохсоҕонтон А.Н.Попов салайааччылаах «Дьохсоҕон олоҥхоһуттара», Ытык Күөлтэн Л.К.Цой салайааччылаах «Дьолуо» бөлөхтөрө уонна 23 биирдиилээн олоҥхону толорооччулар түмүстүлэр. Биирдиилээн толорууга Тааттаттан А.Н.Попов, Л.К.Цой, А.В.Шестаков, саҥа ааттар Таатта нэһилиэгиттэн К.И.Читаева, М.Р.Егорова, Тыараһаттан С.Ф.Кладкин кытыыны ыллылар.
Куолаан толорууга 12 бөлөхтөн бастакы үрдэли — «Дьолуо» (Таатта), иккис үрдэли — «Дьохсоҕон олоҥхоһуттара» (Таатта, Дьохсоҕон), үһүс үрдэли «Утум» (Сунтаар улууһа) бөлөхтөр ыллылар. Биирдиилээн толорууга улууспутуттан «Эдэр толорооччу» Альберт Шестаков, «Бастыҥ олоҥхо ырыатын толорооччу» Мария Егорова, «Түөлбэ олоҥхотун толорооччу» Сергей Кладкин, «Ытык олоҥхоһут» Афанасий Попов, «Уран тыллаах олоҥхону толорооччу» Людмила Цой анал ааттары ыллылар. Алгыстаах Амма ыһыаҕар кыттааччылар ыҥырыыны ыллылар.
Түгэнинэн туһанан, дойдулаахтарбытыгар истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит. «Дьохсоҕон олоҥхоһуттара», эһигинэн киэн туттабыт, үөрэбит. Салайааччы Афанасий Николаевичка улахан махтал. Биирдиилээн толорууга Афанасий Николаевич “Ытык олоҥхоһут” улахан ааты ылбытынан эҕэрдэлиибит. Манна даҕатан эттэххэ, 2019 сыллаахха В.Харайданова — Эбээ Валя эмиэ «Ытык олоҥхоһут» анал ааты ылбыта. Онон нэһилиэкпитигэр икки Ытык олоҥхоһуттаныыбыт барыбыт үөрүүбүтүнэн, киэн туттуубутунан буолар.
Күөн күрэскэ барарга нэһилиэкпит баһылыга В.А.Охотин массыына биэрдэ, сыыдам сырыылаах эдэр суоппар Гриша Макаров көлөтүн көрөн-истэн, айанньыттарга болҕомтотун ууран кэлэргэ-барарга сүрдээх үчүгэйдик илдьэ сырытта. Дьокуускайга Дьохсоҕоммут кыыһа Маайа Беленкова Smart-бибилэтиэкэҕэ сылаас чэйинэн, саламаатынан күндүлээн көрүстэ, онно бэлэмнэннибит. Онон көмөлөспүт, өйөөбүт дьоммутугар бука барыларыгар махтанабыт.
Түһүлгэҕэ «Дьохсоҕон олоҥхоһуттарын» бөлөҕүн өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ олоҥхоһуттарынан билэллэрин эппиттэрин үөрэ, киэн тутта иһиттибит.
Анна Константинова, Галина Другина,
Дьохсоҕон, Таатта.
Хаартыскаларга А.Татаринова, А.Попов, Л.Попова, А.Константинова түһэриилэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: