Урукку тапталыгар күнүүлээн, күһэйэн туран массыынаны былдьаабыт…
Арассыыйа Ис дьыалаҕа министиэристибэтин Мииринэй оройуонунааҕы холуобунай дьыала салаатын үлэһиттэрэ суһал-ирдиир үлэлэрин кэмигэр гражданинтан массыынатын күһэйэн туран былдьаан ылыыга уорбаланар 26 саастаах олохтоох киһини булан ыллылар, диэн Саха сиринээҕи ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Уорбаланааччы баахтаҕа үлэлии сылдьан, урукку кэргэнэ атын киһини кытта көрсүһэрин истэн, иэстэһэргэ сананар. Урукку ойоҕун билсиилээҕин төлөпүөнүн нүөмэрин булан, сибээскэ тахсан күүс өттүнэн суоһурҕанар, эккин-сииҥҥин эчэтиэм диэн куттаан туран, 1 мөлүйүөн солкуобайы ирдээбит. Эмсэҕэлээччи сотору кэминэн улахан суумалаах харчыны биэрэр кыаҕа суоҕун өйдөөн, массыынатын кини аатыгар регистрациялыырыгар дьаһайбыт. Түмүккэ эмсэҕэлээччи сөбүлэһэн, бу киһи эппитин толорорго күһэллибит — «Тойотаны» атыылыыр-атыылаһар дуогабарын бэлэмнээбит.
Мииринэй куорат биир кафетын аттыгар буолбут көрсүһүүнү полиция бэйэтин хонтуруолугар ылбыт. Күһэйээччи массыынаны ылаат да, тутуллубут.
Полиция оройуоннааҕы салаатын силиэдэбэтэлинэн бу киһиэхэ РФ Холуобунай кодексын 163 ыст. 2 ч. “Вымогательство” холуобунай дьыала тэрилиннэ. Силиэстийэ кэмигэр буруйданааччы ханна да барбатын уонна бэрээдэги кэспэтин туһугар илии баттаттылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: