Урутаан сайдыы сиригэр-уотугар уонча тыһыынча үлэ миэстэтин тэрийдилэр
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр “Саха сирэ” уонна “Соҕуруу Саха сирэ” урутаан сайдыы сирдэригэр-уоттарыгар (ТОР) 72 резидент үлэни ыытар уонна 9,6 тыһыынча саҥа үлэ миэстэтин тэрийдэ.
Резиденнэр икки ардыларыгар түһэрсиллибит сөбүлэһиилэр чэрчилэринэн инвестициялар уопсай кээмэйдэрэ 203 миллиартан тахса солкуобайга тэҥнэһэр. Икки бырайыагы олоххо киллэрэргэ хайыы үйэ 111 миллиард солкуобай угулунна.
“Саха сирэ” уонна “Соҕуруу Саха сирэ” урутаан сайдар сирдэр-уоттар сир учаастактара, инфраструктура, нолуокка чэпчэтиилэр уонна административнай преференциялар көрүллэр экэниэмикэ былаһааккаларынан буолаллар, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар көмөлөөхтөр.
Ил Дархан Айсен Николаев эрдэ эппитинэн, 2023 сылга Саха сиригэр сүрүн хапытаалга тардыллыбыт инвестициялар кээмэйдэригэр муҥутуур ситиһии сөргүтүллүбүтэ — 739,5 миллиард солкуобай.
Санатан эттэххэ, Арассыыйаҕа социальнай-экэнэмиичэскэй урутаан сайдыы сирдэрэ-уоттара РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн тэриллибиттэрэ. 2014 сыл бүтэһигэр тустаах федеральнай сокуон ылыллыбыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: