Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр “Саха сирэ” уонна “Соҕуруу Саха сирэ” урутаан сайдыы сирдэригэр-уоттарыгар (ТОР) 72 резидент үлэни ыытар уонна 9,6 тыһыынча саҥа үлэ миэстэтин тэрийдэ.
Резиденнэр икки ардыларыгар түһэрсиллибит сөбүлэһиилэр чэрчилэринэн инвестициялар уопсай кээмэйдэрэ 203 миллиартан тахса солкуобайга тэҥнэһэр. Икки бырайыагы олоххо киллэрэргэ хайыы үйэ 111 миллиард солкуобай угулунна.
“Саха сирэ” уонна “Соҕуруу Саха сирэ” урутаан сайдар сирдэр-уоттар сир учаастактара, инфраструктура, нолуокка чэпчэтиилэр уонна административнай преференциялар көрүллэр экэниэмикэ былаһааккаларынан буолаллар, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар көмөлөөхтөр.
Ил Дархан Айсен Николаев эрдэ эппитинэн, 2023 сылга Саха сиригэр сүрүн хапытаалга тардыллыбыт инвестициялар кээмэйдэригэр муҥутуур ситиһии сөргүтүллүбүтэ — 739,5 миллиард солкуобай.
Санатан эттэххэ, Арассыыйаҕа социальнай-экэнэмиичэскэй урутаан сайдыы сирдэрэ-уоттара РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн тэриллибиттэрэ. 2014 сыл бүтэһигэр тустаах федеральнай сокуон ылыллыбыта.
Психолог күнүн чэрчитинэн, Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай кииҥҥэ «Практическая психология: актуальные вопросы» диэн V психологтар пуорумнара ыытылла…
Режиссер Михаил Лукачевскай Казань куоракка буолбут "Союз" эрэгийиэннээҕи киинэ бэстибээлигэр "Бастыҥ продюсер" аатын ылла. Бу…
«Архиграф» бырайыактыыр мастарыскыай хаачыстыбалаах, эрэллээх аныгылыы уонна табыгастаах олорор дьиэлэри оҥорор диэн Саха сирин архитектураҕа…
Дьокуускай Гагаринскай уокуругар баар сылаас тохтобуллартан биирдэстэрин кимнээх урусхаллаабыттарын полиция быһаарда. Бу туһунан Уопсастыбаннай сирдэр…
Арассыыйаҕа бэлиэтэнэр Ийэ күнүн көрсө, сэтинньи 22 күнүгэр Саха сиригэр элбэх оҕолоох ийэлэргэ судаарыстыбаннай наҕараадалары…
Дьокуускай куоракка Саха тыйаатырын Алампа саалатыгар «Суоһалдьыйа Толбонноох" айымньытын суруллубут историятын сэгэттэххэ» диэн ураты кинигэ…