Ускуустуба оскуолатын көһөрүү туһунан төрөппүт санаата
Ил Дархан Айсен Николаев соторутааҕыта Дьокуускай куоракка 1 №дээх ускуустуба оскуолатын туһунан бырабыыталыстыба чилиэттэрин уонна куорат дьаһалтатын кытары мунньахтаабыта.
Ил Дархан үөрэх тэрилтэтигэр аныгы усулуобуйаны тэрийэргэ, сөптөөх былаһаакканан хааччыйарга соруйбута. Оскуоланы «Бригантина» дьиэтигэр 202 түөлбэҕэ көһөрөр туһунан быһаарыллыбыта.
Оттон бүгүн Любовь Находкина 1 №-дээх оҕо ускуустубатын оскуолатын туһунан Улуус.Медиаҕа санаатын үллэстибит.
—Икки оҕом бу оскуолаҕа үөрэнэр. Баян уонна балалайка кылаастарыгар. Ускуустуба оскуолатын атын сиргэ көһөрөллөрүн туһунан былырыын истибиппит. Биһиги дьиэ кэргэн оскуола бэйэтэ туспа дьиэлэнэриттэн үөрэбит. Тоҕо диэтэххэ, бу иннинээҕи дьиэлэригэр өссө хас да тэрилтэ баара соччо табыгаһа суох курдук этэ. Оскуола дьиэбититтэн ырааҕа син биир уруккубут курдук. Онон оҕолору таһарга кыһалҕа үөскээбэт, — диэбит кини.
1 №-дээх ускуустуба оскуолатын Дьокуускай 202 түөлбэтигэр «Бригантина» дьиэтигэр көһөрөллөрүн туһунан соторутааҕыта биллибитэ. Ил Дархан Айсен Николаев үөрэх эйгэтигэр аныгылыы усулуобуйаны тэрийэргэ, наадалаах былаһаакканан хааччыйар туһунан соругу туруорбута. Кини куорат дьаһалтата бырабыыталыстыбаны кытары кыттыһан, олунньу 10 күнүгэр диэри туһааннаах тэрилтэҕэ өрөмүөнү ыытарга бырайыактыыр-смета докумуонун оҥорорго уонна 2025 сыл бүтүөр диэри бу үлэ барыта ситэриллиэхтээҕин тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Бу туһунан Улус.Медиа суруллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: