Белоруссия көҥүл тустууга уонна греко-римскэй тустууларга чөмпүйэнээттэригэр түөрт саха бөҕөһө чаҕылхайдык кытынна. Ньургун Скрябин 65 кг Белоруссия түөрт төгүллээх, Арыйаан Тютрин 57 кг икки төгүллээх, Андрей Бекренев 61 кг үс төгүллээх чөмпүйүөн буолары ситистилэр. Амма ыччата Александр Гурьев Белоруссия чөмпүйэнээтигэр греко-римскэй тустууга аан-бастаан кытынна уонна 55 кг кыһыл көмүс мэтээл хаһаайынынан буолла.
Сахабыт сиригэр тохсунньу хойуу туманнаах 50-60 кыраадыстаах тоһутталанар томороон тымныытын күннэрэ элбэх күрэхтэһиилэринэн доҕуһуолланна.
“Модун” спорткомплекска 16-17 саастаах уолаттарга Тарскай көҥүл тустууга биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин чөмпүйэнээтигэр уоннуу мэтээллээх, ол иһигэр, үстүү кыһыл көмүс, иккилии үрүҥ көмүс уонна биэстии боруонса мэтээллэрдээх Дьокуускай хамаандата бастаата, Чурапчылар иккис, Сунтаардар тоҕус мэтээллээх, ол иһигэр биир кыһыл көмүс, икки үрүҥ көмүс, алта боруонса мэтээллээх үһүс буоллулар. Чөмпүйэнээт бастыҥ бөҕөстөрүн ааттарын Владимир Басов (Чурапчы), Константин Слепцов (Мэҥэ-Хаҥалас), Сергей Петухов (Уус Алдан), “Кырасыабай хапсыһыы” иһин Роман Кириллин ( Сунтаар) уонна Михаил Осипов (Ньурба), “Кыайыыга дьулуурун иһин” Семен Сивцев (Уус Алдан) анал бириистэринэн биһирэннилэр.
Үөһээ-Бүлүүгэ буолан ааспыт Выбор Быкалыров кэриэһигэр өрөспүүбүлүкэ хапсаҕайга турнирыгар абсолютнай чөмпүйүөн үрдүк аатын Бүлүү күүстээх маастара Николай Николаев ылла уонна 55 тыһ. солк. наҕараадаланна.
Чурапчыга Александр Федотов аатынан успуорт комплексыгар ыытыллыбыт Николай Петрович Федоров кэриэһигэр өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрин волейболга турнирыгар 20 хамаанда түмсэн күрэхтэстэ. Уолаттарга Чурапчылар бастаатылар, Таатта — иккис, Амма — үһүс, кыргыттарга эмиэ Чурапчы хамаандата бастаата, Өлүөхүмэ иккис, Амма үһүс бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр. Кыайыылаах Чурапчы хамаандаларын тириэньэрдэр Саргылаана Оконешникова, Альберт Федоров бэлэмнээтилэр.
Дьокуускайга “Триумф” успуорт уораҕайыгар буолан ааспыт өрөспүүбүлүкэ чэпчэки атлетикаҕа кыһыҥҥы чөмпүйэнээтигэр 60 м сүүрүүгэ дьахталларга Ленскэйтэн Ольга Белова уонна Дьокуускайтан Ольга Храмова 8,2 сөкүүндэ тэҥ көрдөрүүлээх иккиэн кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаланнылар. Эр дьоҥҥо Ленскэй төрүттээх-уустаах Уус Алдан аатыттан кыттар Валентин Иванов 60 уонна 200 м, иннигэр кими да да түһэрбэтэ. Дьокуускайтан Диана Адасько 200 м уонна 400 м бастааталаата. 800 м сиргэ сүүрүүгэ Нерюнгриттан Роман Щетников кыайда. Мииринэйтэн Регина Кулагина 800 уонна 1500 м, Мэҥэ Хаҥаластан кыттар Чурапчы ыччата Константин Драгунов 1500 м уонна 3000 м бастаталаатылар. Ыстаныы көрүҥнэригэр Мэҥэ Хаҥаластан Игорь Скрябин, Хаҥаластан Валерия Олесова, үрдүгү ойууга Алдантан Владислав Дербенев өрөспүбүлүкэ чөмпүйүөннэрин ааттарын ылаттаатылар. Мас тардыһыытыгар аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөнэ Уус Алдантан Дмитрий Попов дьаадыраны саамай ыраахха анньан кыыратта.
Классическай тустууга Амматтан бастакы ССРС спордун маастара Дмитрий Максимов кэриэһигэр греко-римскэй тустууга оҕолорго өрөспүүбүлүкэҕэ бастыыр иһин турнирга 13 улуустартан уонна куораттартан 32-н 120 кг диэри ыйааһыннаах 200-кэ кыттааччы күөн көрүстэ. Хамаанданан түмүккэ бастакы маастар Дмитрий Максимов биир дойдулаахтара — аммалар бастаатылар, иккис — Мэҥэ Хаҥалас, үһүс – Дьокуускай.
Чурапчы успуорка института үөрэххэ ыҥырар
Н.Н.Тарскай бирииһигэр көҥүл тустууга өрөспүүбүлүкэ бу аҕыйах хонуктааҕыта түмүктэммит чөмпүйэнээтигэр Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт институтуттан 22 бөҕөс кыттыбытыттан уона бастакы уонна үһүс миэстэни былдьаһар финалларга туһуннулар. Олор истэригэр атын улуустартан кэлэн институкка үөрэнэ сылдьар устудьуонар бааллар. Тустууга эрэ буолбакка, физкультура уонна спорт атын көрүҥнэригэр көрдөрүүлэр эмиэ үчүгэйдэр. Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин өйөбүллэринэн уонна көмөлөрүнэн институт үөрэтэр, олорор баазата, материальнай, духуобунай кыаҕа сыллата тупсан, күүһүрэн иһэр. Таас тутуулар элбэхтэр. Устудьуоннар аныгылыы, толору хааччыллыылаах дьиэлэргэ олороллор, үөрэнэллэр. Бу күннэргэ Чурапчытааҕы институкка үөрэххэ киирии докумуоннарын ылыы саҕаланна. Бу туһунан институт ректора Иннокентий Готовцевтыын Тарскай чөмпүйэнээтигэр кыттыыны ыла кэлбит өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын бөҕөстөрө остолобуойга эбиэттии олордохторуна көрсөммүт кэпсэттибит:
“Чурапчы институтугар туох-баар усулуобуйа барыта тэрилиннэ. Ол курдук 1-кы кууруска киирбит устудьуоннар уопсай дьиэнэн хааччыллаллар. Өрөспүүбүлүкэ успуорка бэлэмнэнии киинин баазатыгар успуорт алта көрүҥүнэн уонна “Модун” успуорт национальнай көрүҥнэргэ киин успуордун көрүҥнэринэн анал тириэньэрдэр дьарыктыыллар. Үөрэххэ киирбит ыччаттар бэйэлэрэ сөбүлүүр көрүҥнэринэн дьарыктаныахтарын сөп. Толору хааччыллыылаах уопсайга олороллор, сүүмэрдэммит хамаандаларга киирбиттэр босхо аһыыллар, кэккэлэһэ турар куорпуска үөрэнэллэр. Ону таһынан, көннөрү истипиэндьийэлэри сэргэ, үчүгэйдик үөрэнэр, уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөхтүк кыттар, науканан дьарыктанар устудьуоннарга үрдэтиллибит истипиэндьийэлэр бааллар.
Билигин 374 устудьуон алта хайысханан иһиттэн уонна кэтэхтэн үөрэнэр. Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир училище филиалыгар орто-анал үөрэххэ эмиэ үөрэнэллэр. Холобур, улахан спортсменнар ЕГЭ-рин кыайан туттарбатахтарына бу училищеҕа киирэн үс сыл үөрэниэхтэрин сөп. Ол кэнниттэн институкка быһалыы киирэн 2-ис кууруска үөрэниэхтэрин сөп.
Физкультура учууталын, тириэньэр-преподаватель, ОБЖ (безопасность жизнидеятельности), лидер буолар ыччаттарга сөптөөх ыччат үлэтин тэрийии, спортивнай психология, рекреация спортивного туризма — массаажтааһын хайысхаларынан идэлэри баһылыахтарын сөп.
Саҥа ылыллыбыт РФ үөрэҕин концепциятыгар олоҕуран, быйылгыттан уопсай үөрэхтээһин оскуолаларыгар спортивнай кулууптар аһыллан үлэлиэхтээхтэр, онно тириэньэр-преподаватель хайысхата баар. Онно 1500 исписэлиис, преподаватель, тириэньэр наада. Билигин институт үлэтэ онно каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ туһаайыллар.
Институту бүтэрбиттэри кытта сибээс тутуһуллар. “Курсы переподготовки”, “Повышение квалификации” факультета баар, онно кэлэннэр таһымнарын үрдэтинэллэр. “Спорт – норма жизни” судаарыстыбаннай бырагыраама көмүскэнэн, дойду 38 эрэгийиэнигэр үөрэтии буолла. Мас тардыһыытыгар уонна успуорт алта национальнай көрүҥүгэр идэни үрдэтии куурустарын аастылар.
Атын эрэгийиэннэр Чурапчы институтун үлэтигэр үрдүк сыанабылы биэрэллэр. Чурапчыга олорор, үлэлиир преподавателлэр эрэ буолбакка, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ, киин үрдүк үөрэх кыһаларын преподавателлэрэ, учуонайдара кэлэн лиэксийэлэри ааҕаллар. Инньэ гынан, санаалара, этиилэрэ үчүгэйдэр. Үөрэтии отчуота үрдүк таһымҥа ааста. Инникитин Кытайы, Монголияны, Тываны, Бурятияны кытта ыкса бииргэ үлэлээһиҥҥэ дуогабар түһэрсилиннэ. Чурапчы институтун выпускниктара бэйэлэрин дойдуларыгар успуорду салайаллар, тириэньэрдииллэр. Тиийдэххэ, спортсменнарбытын үөрэ-көтө көрсөллөр, хардарыта көмөлөсүһүү быыстала суох оҥоһуллар. Ыччаттарын Чурапчы институтугар ыытарга бэлэмнэр”.
РФ тыатын сиригэр соҕотох үрдүк үөрэх кыһатыгар – Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт федеральнай суолталаах судаарыстыбаннай институтугар кэлэн үөрэниҥ!
Греко-римскэй тустуу хардыылара
Классическай тустууга сахалартан бастакы ССРС чөмпүйүөнэ Д.Г. Максимов кэриэһигэр ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэ турнирыгар 15 улуустан, куораттартан, ол иһигэр, илин эҥэр Амматтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Уус Алдантан, Чурапчыттан, Тааттаттан, киин улуустартан Намтан, Хаҥаластан, Горнайтан, арҕаа улуустартан Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүүттэн, хоту улуустартан Анаабыртан, Эдьигээнтэн, Үөһээ Дьааҥыттан, Нерюнгриттэн, Дьокуускайтан 16 уонна 17 саастаах 176 уол күөн көрүстэ. Турнир Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэнээччилэрин Спартакиадатын бырагырааматыгар киллэриллибит буолан, суолтата улахан. Турнир үөрүүлээхтик аһыллыытыгар СӨ успуорка миниистирэ Леонид Спиридонов, Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир училище дириэктэрэ Семен Чердонов эҕэрдэлээтилэр, ситиһиилэри баҕардылар.
Сахабыт сиригэр греко-римскэй тустуу аҕыйах сыллааҕыта тэриллэн, саҥа сүһүөҕэр туран эрэ. Р.М. Дмитриев аатынан Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир училищеҕа баазаланар. Икки-үс сыллааҕыта арыллыбыт спортивнай саалаҕа тэлгэммит икки көбүөрүнэн хапсыһыылар буоллулар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин успуорка министиэристибэтэ, училище салалтата болҕомто ууруллар буолан көрдөрүүлэр кэлэн эрэллэр. Бүтүн Арассыыйатааҕы турнирга олимпийскай эрэл училище иитиллээччилэрэ Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕайын ыччата Сергей Павлов 67 кг, Булуҥтан Иван Шамаев 60 кг, Амматтан Артур Константинов бастааннар Арассыыйа маастарынан буолары ситиспиттэрэ. Арассыыйа көбүөрүгэр мэтээллэри ылаттыыллар. Амма Болугурун ыччата Александр Андреев Арассыыйа үөрэнээччилэрин Спартакиадатыгар боруонса мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Бу ааспыт өрөбүлгэ Белоруссия греко-римскэй тустууга чөмпүйэнээтигэр Амма ыччата Александр Гурьев 55 кг бастаата уонна маастар нуорматын толордо. Маастары толору, Бүтүн Арассыыйатааҕы турнирдарга уонна дойду күрэхтэһиитигэр мэтээли ылыы сыралаах үлэнэн, күүстээх дьарыгынан кэлэр. Маныаха, сүрүн тириэньэр Матвей Матвеев, тириэньэрдэр Кирилл Павлов, аан дойду чөмпүйүөнэ Рустам Аджи көдьүүстээхтик үлэлииллэрэ көстөр. “Триумфка” 30-ча оҕону Христофор Потапов дьарыктыыр.
Олимпийскай оонньуулар чөмпүйүөннэрэ Александр Карелин, Роман Власов суолта биэрэн, кэлэн сүбэ-ама биэрэн, ыкса сибээһи олохтообуттара, дьоһун өйөбүлүнэн буолар. Классическай тустуу уйатынан биллэр Новосибирскайга олорор, үлэлиир тириэньэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин греко-римскэй тустууга федерациятын вице-президенэ Дмитрий Румович Ушницкай ахсаабат кыһамньытын уурар, хамсатыылаах дьаһаллары оҥортуур.
Сүрүн тириэньэр Матвей Матвеев тустуохтарын сөптөөх оҕолору була-тала өрөспүүбүлкэ үөрэхтээһин эспэдииссийэтин кытта бииргэ сылдьан кэлэр-барар. Сүүмэрдэммит талааннаах оҕолор Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир училищеҕа ылыллан, бэлэм усулуобуйаҕа үрдүттэн олорон дьарыктаналлар.
Бэйэтин кэмигэр греко-римскэй тустууга аан дойду чөмпүйүөнэ, призера, Европа призера, Олимпийскай оонньуулар икки төгүллээх кыттыылааҕа, успуорт үтүөлээх маастара Рустам Аджи этэринэн, көрдөрүүлэр кэлэллэрин туһугар үлэ тэтимнээхтик барар. Оҕолор Уһук Илин күрэхтэһиилэригэр кыайыы туһугар хоодуоттук туттан, эрэллээхтик киирсэр буолбуттар. Сүрүн сыал-сорук Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирии. Билигин Уһук Илин чөмпүйэнээтэ, онтон салгыы, Арассыыйа көбүөрэ күүтэллэр. Ситиһии кэлэрэ утумнаах дьарыктан, дьиссипилиинэни, бэрээдэги, эрэсиими кытаанахтык тутуһууттан кэлэр диэн ааҕар. Биир албаһы, Александр Карелин, Роман Власов курдук, үрдүк техникалаахтык, “до автоматизма” оҥорон, утарсааччыны биилиттэн кууһан, 4-5 баалга быраҕыыны кэбэҕэстик оҥорор туһугар, ити албаһы олус элбэхтик хатылыыллар. Уонна үчүгэй тустуук буолуон баҕалаах оҕолор холобур оҥостор кумирдаах буолуохтаахтар диир. “Греко-римскэй тустуунан оҕолору босхо дьарыктыыбыт, ханнык да ыарахаттартан чаҕыйбакка сайдыы туһугар иннибит диэки баран иһэбит”,- диэн сэһэргиир аатырбыт классик-бөҕөс, тириэньэр Рустам Иванович Аджи.
Син успуорт ханнык баҕарар көрүҥэр курдук, турнир дьоҕурдаах оҕолор баалларын көрдөрдө. Өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрин Спартакиадатын суотугар киллэриллибит буолан, көҥүл тустуунан дьарыктанар оҕолор турнирга хото кэлэн кытыннылар. Греко-римскэй тустууга атахха киирбэттэр, атахтаабаттар. Алҕаска атахтааһын албаһын оҥороору сэрэтии ылаллар. Иккитэ сэрэтии ыллахтарына икки баал сүүйтэрэллэр. Үөһэттэн тутуһан, бэрт кыраһыабай бырахсыылар буолуталаатылар. Илии, сис үлэтэ элбэх. Ол да иһин бу классическай тустууга илии күүһэ сайдар. Өттүктээһин албаһын элбэхтик тутталлар. Уонна паартер балаһыанньатыттан быраҕыылары оҥорорго илии уонна сис күүһэ быһаараллар. Баҕар ол иһин буолуо, классиктар быһыыларынан-таһааларынан, былчыҥнарынан хайдах эрэ биллэллэр.
Хапсыһыылар түмүктэринэн, 13-15 саастаах уолаттарга 32 кг Егоров Мичил (Амма), итинтэн үөһэ ыйааһыннарга Давид Попов (Амма), Игорь Атоллоров (Үөһээ Бүлүү), Ильдар Птицын (Мэҥэ Хаҥалас), Максим Андросов (Анаабыр), Айсен Потапов (Нам), Айаал Данилов (Анаабыр), Артем Винокуров (Амма), Мирко Брощев (Үөһээ Бүлүү), Иван Скрипченко (Нерюнгри), Арсен Сидоров (Горнай), Артем Захаров (Амма), Ашот Григорян (Дьокуускай), Эрчимэн Соловьев (Мэҥэ Хаҥалас), 110 кг Александр Крюков (Амма) бастаатылар.
Улахан, 16-17 саастаахтарга, 42 кг Тимур Иванов (Нам), итинтэн үөһэ ыйааһыннарга Антон Постников (Таатта), Михаил Прокопьев (Хаҥалас), Вова Литвинов (Үөһээ Бүлүү), Юрий Винокуров (Дьокуускай), Дмитрий Винокуров (Уус Алдан), Данил Арьянов (Мэҥэ Хаҥалас), Сергей Лигер (Нерюнгри), Евгений Матвеев (Дьокуускай), Гарик Кондаков (Уус Алдан), Марат Темербаев (Дьокуускай), 120 кг Альберт Парфенов (Горнай) кыайыылары ситистилэр.
Хамаанданан түмүккэ Амма бастаата, Мэҥэ Хаҥалас — иккис, Дьокуускай — үһүс миэстэлэри ылаттаатылар.
Бастыҥнар анал бириистэр хаһаайыттарынан буоллулар.
Греко-римскэй тустуунан Дьокуускайга эрэ анаан-минээн дьарыктаналлар, улуустар улаханнык ылсан дьарыктана иликтэр. Ханнык баҕарар успуорт көрүҥэ сайдыыны ылыыта биирдиилэнн көҕүлүүр дьонтон улахан тутулуктаах. Дмитрий Румович Ушницкай, Матвей Матвеев, Рустам Аджи, Кирилл Павлов, Христофор Потапов тыһыынчанан сылларга тэнийэн-сайдан кэлбит, бастакы Олимпийскай оонньууларга киллэриллэн, киэҥ биһирэбилинэн туһаныллар греко-римскэй тустууну сайыннараллара махталлаах. Сахаттан бастакы ССРС успуордун маастара Дмитрий Максимов туйаҕын хатарааччылар элбээтиннэр!
Баһылай Посельскай
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…