Хаартыска: pxhere.com/ru
Аныгы дьон уста кээмэйин үксүн миэтэрэнэн, килэмиэтиринэн кээмэйдиир буоллубут. Былыргы былас, тутум, ох тэбиитэ, уо.д.а. кээмэйдэрбит умнулуннулар. Былыргы кээмэйдэри төһө билэҕин?
Былыргы кээмэйдэр:
Былас – икки илиигин туора ууннаххына илииҥ биир уһугуттан нөҥүө илииҥ уһугар диэри, 4 тоҥолох,
Былас аҥара – түөс ортотуттан туора уунуллубут илии уһугар диэри, 2 тоҥолох – 4 сүөм,
Тоҕонох (хары) – тоҕонохтоох тарбах иккис сүһүөҕэр диэри,
Харыс – сараччы туттубут эрбэх төбөтүттэн орто тарбах төбөтүгэр диэри,
Ыллар харыс – муҥутуур улахан харыс,
Сүөм – эрбэх төбөтүттэн сөмүйэ төбөтүгэр диэри, 2 тутум – 8 илии,
Тутум – киһи сутуругун үрдүгэ, 4 илии,
Суор холото – тутумҥа тойон эрбэҕи өрө туппут үрдүгэ,
Биир илии – тарбах кэтитинэн кээмэйдэнэр,
Ылгын чыҥыйа – ылгын чыҥыйа кэтитэ,
Атыл – арыый кыра кээмэйинэн хаамыы эбэтэр хардыы.
Уллуҥах устата – икки хаамыы үс уллуҥах устата. Атах таҥастаах да, сыгынньах да атаҕынан мээрэйдэнэр.
Көс – 10 км. тэҥнэһэр,
Ох тэбиитэ – ытан кэбиспит ох баран түһэр сирэ, ортотунан икки сүүсчэкэ хаамыыга тэҥнэһэр,
Сахаларга кэлин киирбит нууччалыы уста кээмэйдэрэ:
Бэчээтинэй саһаан – хаҥас атах тумсуттан үөһэ ууммут илии тарбаҕын төбөтүгэр диэри кээмэй, 213 см. тэҥнэһэр,
Арсыын – туора уунуллубут хаҥас илии тарбаҕын төбөтүттэн санныга диэри кээмэй, 71 см. тэҥнэһэр,
Бөрсүөк – орто тарбаҕы токуччу тутуннахха, икки сүһүөх ыккардынааҕы кээмэй, арсыын алта гыммыт биирэ, 4,4 см.
«Дальний Восток – Земля приключений» куонкуруска “Тропами Победы” (“Кыайыы ыллыгынан”) диэн саҥа номинация баар буолла.…
Саха сиринээҕи ИДьМ наркотигы хонтуруоллуур отделын үлэһиттэрэ бобуулаах веществолары сокуона суох тарҕатыыга уорбаланар 30 саастаах…
Леонид Попов аатынан Сунтаар улуустааҕы библиотекатын айымньылаах үлэтин биир бэлиэ көстүүтүнэн үгэс курдук ыытыллар “Сунтаар…
Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн түгэннэриттэн биирдэстэринэн «Батыйа - эр хоһуун санаа уонна үрдүк таһым бэлиэтэ»…
Нерюнгригэ Олоҥхо ыһыаҕар түөрт сыллааҕыта Үөһээ Бүлүүгэ саҕаламмыт «Олоҥхону ааҕабыт» бырайыак салҕанна. Үгэс курдук, бырайыагы…
Саха сиригэр 1 тииптээх саахарынай диабеттаах 2-17 саастаах оҕолор сыл бастакы аҥаарыгар глюкоза тиһигин быспат…