Устудьуон аатын сүктүлэр
Дойду үрдүнэн бакалавриат уонна специалитет бырагыраамаларыгар бүддьүөт миэстэлэригэр уопсай куонкурус түмүктэнэн, бэҕэһээҥҥи оскуола үөрэнээччилэрэ номнуо үрдүк үөрэх устудьуона аатын сүктүлэр.
Быйылгы үөрэххэ туттарсыы
Быйыл Арассыыйа үрдүнэн 621 321 бүддьүөт миэстэтин көрбүттэрэ. Босхо миэстэ баһыйар улахан аҥаара, ол эбэтэр, 73 % эрэгийиэннэргэ тыырыллыбыта. Сүрүннээн үлэ ырыынагар ирдэнэр хайысхаларга – педагогика, АйТи, мэдиссиинэ, тыа хаһаайыстыбатын салааларыгар түҥэппиттэрэ. Итини таһынан, орто үөрэхтэргэ көрүллэр бүддьүөт миэстэлэрэ эмиэ бааллар.
Быйыл тус сыаллаах үөрэх бэрээдэгэр кэккэ уларыйыылар киирэн, кырдьыгын эттэххэ, билигин даҕаны үөрэххэ киирбиттэрин итэҕэйбэккэ сылдьар оҕолор бааллар. Ити, бастакытынан, тус сыаллаах үөрэххэ дуогабар түһэрсии туһунан сакаасчыт этиитэ (предложение) “Работа России” платформаҕа ыйылларын, иккиһинэн, тэрилтэни кытта бирикээс тахсыбытын кэннэ, балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри дуогабарга илии баттаһыыларын кытта сибээстээх.
Ийэ хапытаалынан – уопсай төлөбүрэ
Ийэ хапытаалынан оҕо үөрэҕин эрэ буолбакка, устудьуон үрдүк эбэтэр орто үөрэххэ үөрэнэр кэмигэр уопсайга миэстэтин төлүөххэ эмиэ сөп. Маныаха устудьуон хайаан даҕаны сэртипикээт бэриллибит оҕото буолара ирдэммэт. Бу сэртипикээт анаммыт оҕотун бииргэ төрөөбүт эдьиийдэрэ, убайдара (хас да киһи тэҥинэн) буолуохтарын сөп. Саамай сүрүнэ, сэртипикээт бэриллибит оҕо 3 сааһын ааспыт, оттон улахан оҕолоро 25 саастарын туола иликтэрэ ирдэнэр.
Ийэ хапытаалынан уопсайга төлөбүрү төлүүргэ Судаарыстыбаннай өҥө порталынан, Элбэх өҥөнү оҥорор киин эбэтэр Арассыыйа социальнай пуондатын клиентскэй сулууспатын нөҥүө (үстэн биирдэстэринэн) сайабылыанньа биэриэхтэрин наада.
Биллэн турар, үгүстэр Ийэ хапытаалын дьоһуннаах сыалга туттарарга кыһаналлар, бычыах-бычыах барыахтарын баҕарбаттар. Ол эрээри, оҕо үөрэҕэ кини инники кэскилэ буоларын учуоттаан, ордук дойду киин куораттарыгар үөрэнэр устудьуоннардаах дьон уопсай төлөбүрүгэр ыыталлар эбит.
50 тыһ. солк. төлөбүр
Элбэх оҕолоох дьоҥҥо биир үөрүүлээх сонун баар. Саха сирин бырабыыталыстыбата балаҕан ыйын 1 күнүттэн элбэх оҕолоох ыал оҕолоро төлөбүрдээх, өрөспүүбүлүкэҕэ үлэ ырыынагар ирдэнэр, кэскиллээх орто идэҕэ киирэр түгэннэригэр 50 тыһ. солк. суумалаах биир кэмнээх төлөбүр оҥоһуллар. Бу балаҕан ыйын
1 күнүттэн олоххо киириэ диэн этэллэр.
Усулуобуйата:
– устудьуон оҕо элбэх оҕолоох ыал оҕото буолуохтаах (дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуга суох);
– орто анал үөрэх тэрилтэтэ;
– үөрэх төлөбүрдээх уонна төлөммүт;
– исписээлинэһэ өрөспүүбүлүкэҕэ үлэ ырыынагар ирдэнэр, кэскиллээх идэ испииһэгэр киирбит буолуохтаах.
Орто анал үөрэх
Идэлэр: Мастер общестроительных работ; Мастер отделочных строительных и декоративных работ; Слесарь по ремонту оборудования электростанций; Электромонтер по ремонту и обслуживанию электрооборудования (по отраслям); Сварщик (ручной и частично механизированной сварки (наплавки); Слесарь по контрольно-измерительным приборам и автоматике; Аппаратчик-оператор производства продуктов питания из растительного сырья; Ремонтник горного оборудования; Электрослесарь подземный; Обогатитель полезных ископаемых; Машинист дорожных и строительных машин; Мастер столярного и мебельного производства; Продавец, контролер-кассир; Повар, кондитер; Ювелир.
Исписээлинэстэр: Информационные системы и программирование; Электроснабжение (по отраслям); Техническая эксплуатация и обслуживание электрического и электромеханического оборудования (по отраслям); Технология продуктов питания животного происхождения; Маркшейдерское дело; Открытые горные работы; Подземная разработка месторождений полезных ископаемых; Обогащение полезных ископаемых; Сварочное производство; Лечебное дело; Сестринское дело; Поварское и кондитерское дело; Дошкольное образование; Преподавание в начальных классах; Физическая культура.
Елизавета Ильина, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет киин тутар хамыыһыйатын салайааччыта:
– От ыйын 25 күнүнээҕи туругунан, 5198 абитуриентан барыта 17510 сайабылыанньа киирдэ. Ааспыт сылларга курдук мэдиссиинэ институтугар (эмчит дьыалата, педиатрия, стоматология), юридическай бакылтыакка, тас дойду филологията уонна регионоведение, психология, математика уонна информатика, инженернэй-тиэхиньиичэскэй итиэннэ горнай институттарга куонкурус үрдүк. Ону тэҥэ, педагогическай институкка уонна психология институттарыгар кэтэхтэн көрүҥҥэ үөрэххэ ылыыга куонкурус бэлиэтэннэ.
Быйылгы үөрэххэ туттарсыы бакалавриакка, специалитекка сүрүн түһүмэҕин түмүгүнэн, оҕолор үрдүк үөрэххэ киирэргэ учуоттанар биир кэлим эксээмэҥҥэ талар биридимэттэригэр болҕомто уураллара наада. Холобур, элбэх идэҕэ ирдэнэр биридимиэттэринэн математика (проф), нуучча тыла, физика эбэтэр информатика буолаллар. Бу биридимиэттэр түмүктэринэн Арассыыйа үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар ханнык баҕарар тиэхиньиичэскэй исписээлинэстэргэ киириэххэ сөп. Уопсайынан, математикаҕа (проф.) биир кэлим эксээмэни туттарыы үөрэххэ киирэргэ мэһэйдээбэт, эбии кыаҕы биэрэр диэн бэлиэтиир оруннаах. Иккиһинэн, сайабылыанньаҕа приоритеты туруорарга эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар, болҕомто уурар ирдэнэр. Куонкуруһа намыһах эрэ диэн талбат ордук.
Үөрэххэ киирбиппиттэн үөрэбин
Андрей Григорьев, Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын, култуураларын институтун устудьуона:
— Уус Алдан улууһун Бэйдиҥэ орто оскуолатын бүтэрдим. Биир кэлим эксээмэҥҥэ булгуччулааҕы таһынан устуоруйа, уопсастыба биридимиэттэрин талбытым.
Сайабылыанньаларбын устуоруйа бакылтыатыгар уонна Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын, култуураларын институтугар биэрбитим. Куораттан чугас улууска олорор буолан уонна оскуоланы ааспыт сылларга бүтэрбит доҕотторум сүбэлэринэн, докумуоннарбын үөрэх кыһатыгар миэстэтигэр илдьэн туттарбытым. Саха тылын учуутала идэтигэр үөрэххэ киирдим.
Үөрэххэ докумуону туттарар судургу, хамыыһыйа үлэһиттэрэ элэккэйдэр, барытын ыйан-кэрдэн биэрэллэр. Идэлэри уларытар, нүөмэрдиир түгэҥҥэ кэлэн эттэххэ тута уларыталлар, ХИФУ саайта олус табыгастаах, барыта лоп бааччы, өйдөнүмтүө. Арай, уопсайга киирэр уустуктардаах, элбэх докумуон ирдэнэр эбит.
Кэлэр сылларга оскуоланы бүтэрээччилэргэ, үрдүк үөрэххэ туттарсар идэлэргитигэр ирдэнэр биридимиэттэргэ кыһаллыҥ диэн сүбэлиэм этэ. Тоҕо диэтэххэ, онтон атын биридимиэттэргэ эксээмэн суох, сыана көннөрү аттестакка эрэ киирэр. Бүтэһик сылларга атын биридимиэттэргэ бириэмэни халтай ыыппакка, чопчу эксээмэн туттарар эрэ биридимиэттэргэ бэлэмнииллэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпын.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: