Устудьуон алмаастаах хампаанньаҕа үлэҕэ хайдах киириэн сөбүй?
Саха сиригэр үлэтэ суох буолуу ахсаанын аҕыйатыыны СӨ Ил Дархана уонна бырабыыталыстыба өр сыллар усталарыгар хонтуруоллуур. Бу соругу толорорго көдьүүстээх ньыманан «Олохтоох каадырдары – бырамыысыланнаска» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак буолар. Бырайыак олохтоох дьону үлэҕэ ылыы тэтимин күүһүрдэргэ уонна үлэтэ суох буолуу ахсаанын аҕыйатарга туһуланар. Бырайыак олоххо киириитэ кэҥээтэр кэҥээн, билигин 40-тан тахса хампаанньа кыттар. АЛРОСА өрөспүүбүлүкэҕэ дьону үлэҕэ ылыыга инники кэккэҕэ туруктаахтык сылдьар.
АЛРОСА-ҕа үлэҕэ хайдах киириэххэ?
«Биһиги, үөрэхтээх уонна анал идэлээх дьон, АЛРОСА курдук бөдөҥ хампаанньаҕа хайдах үлэҕэ киириэхпитин сөбүй?» диэн ыйытыы Ил Дархан Айсен Николаевка анал идэлээх дьонтон элбэхтик киирбитэ.
Ол туһунан соторутааҕыта, муус устар 26 күнүгэр Ил Дархан быһа эпииригэр эмиэ кэпсэтии барбыта. Айсен Николаев бэлиэтээн эппитинэн, сүүмэрдээһиҥҥэ олохтоох каадырдар уонна кэлии дьон ахсаана тэҥнэһэр түбэлтэтигэр олохтоох каадырдарга болҕомто ордук уурулларын туһугар бырамыысыланнас хампаанньаларын кытары улахан үлэ ыытыллыбыта. Онон, билигин балаһыанньа уларыйда: бөдөҥ хампаанньалар олохтоох нэһилиэнньэни үлэҕэ элбэхтик ылалларын сэргэ, туһааннаах хайысхаларга ордук наадалаах үлэһиттэри өрөспүүбүлүкэттэн көрдүүллэр.
«Мэлдьи буоларын курдук, үгүс үлэһити өрөспүүбүлүкэттэн ыла олорбут АЛРОСА социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын флагмана билигин 1,5 тыһыынча курдук үлэһиккэ наадыйар. Биһиги билиҥҥитэ бу каадырдары өрөспүүбүлүкэ иһиттэн булар кыахпыт суох, онуоха кэккэ дьоһуннаах боппуруостары быһаарыахпытын наада. Аан бастаан «Олохтоох каадырдары – бырамыысыланнаска» курдук бэйэтин үчүгэй өттүнэн көрдөрбүт бырайыактары кытта үлэни салҕыахтаахпыт. Бу бырайыак көмөтүнэн кэнники сылларга өрөспүүбүлүкэ 45 тыһыынчаттан тахса олохтооҕо Саха сирин араас бырамыысыланнаһын хампаанньаларыгар үлэлэннэ. Бу бырайыагынан инникитин салҕыы үлэлиирбитигэр уонна сайыннарарбытыгар эрэллээхпин», – диэн Ил Дархан иһитиннэрдэ.
АЛРОСА талааннаах ыччаты үлэҕэ ылыыны сэҥээрэр
Ол туһунан АЛРОСА Биир кэлим батарар тэрилтэтин (ЕСО) үлэһиттэри кытары үлэҕэ менеджерэ Ольга Саввина маннык кэпсээтэ:
– Биһиги үлэҕэ олохтоох каадырдары, ордук ыччаты, ыларга интэриэстээхпит. Онуоха АЛРОСА үлэ миэстэтин дьаарбаҥкаларыгар кыттар, ону тэҥэ биһиги бииргэ үлэлэһээччилэрбит устудьуоннара быраактыканы баралларын тэрийэр. Ол курдук, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ, Саха сиринээҕи бырамыысыланнай тиэхиньикум уо.д.а. каадырдары бэлэмниир үөрэх кыһаларын кытары өр сылларга көдьүүстээхтик үлэлиибит.
Ольга Саввина эбэн эппитинэн, хампаанньа истипиэндьийэни аныыр туһунан устудьуоннары кытары дуогабар түһэрсэр. Маннык истипиэндьийэни үһүс уонна онтон үөһээ куурустар устудьуоннара уонна сирэй кэпсэтии түмүгүнэн орто бааллара 4 уонна онтон үрдүк көрдөрүүлээх устудьуоннар ылыахтарын сөп. Онтон быраактыканы ситиһиилээхтик аастахтарына – үлэҕэ ылылларга суоттаныахха сөп. Онуоха хампаанньаҕа үс сыл толору үлэлиэххэ наада.
«Саха сиринээҕи алмаас атыытын тэрилтэтигэр (ЯПТА) алмааһы илиинэн уонна анал тэрилинэн суортааччылар бары быраактыкаланаллар. Биһиэхэ сылга 5 устудьуон үлэ быраактыкатын ааһар. Хайыы үйэ икки быраактыкатын ааспыт, институту бэтэрэр Анастасия Петрованы кытары кэскиллээх үлэҕэ ылар туһунан дуогабар баар. Кини дьупулуомун көмүскээн баран биһиэхэ үлэлии кэлиэҕэ», – диэн үлэһиттэргэ менеджер бэлиэтээн эттэ.
Үлэ быраактыкатын барыан баҕалаахтар уонна истипиэндьийэни сэҥээрээччилэр сиһилии иһитиннэриини molodezh@alrosa.ru электроннай буостаҕа суруйан билсиҥ.
Быраактыка уонна уһуйуу
Саха сиринээҕи алмаас атыытын тэрилтэтигэр физико-тиэхиньиичэскэй институт уонна Саха сиринээҕи политиэхиньиичэскэй тиэхиньикум алмааска уонна ювелир дьыалатыгар сыһыаннаах устудьуоннара быраактыкаланаллар. Быраактыкаҕа кэлбит хас биирдии устудьуон быраактыкаланар сирин, үлэ ис бэрээдэгин, эрэсиимин, үлэ уратытын уонна кэлэктииби билсэр.
«Биһиги үлэбит тулуурдаах, дьаныардаах буолууну ирдиир – тоҕо диэтэххэ, хас биирдии сыаналаах тааһы сыныйан үөрэтиэххин наада. Ол иннинэ устудьуоннар докумуоннары үөрэтэллэр, түөрүйэ кууруһун ааһаллар, холобурга сылдьар (эталон) таастары кытта үлэлииллэр, манна кинилэр таас арааһын дьиҥнээхтик билсэллэр. Маны барытын үөрэппиттэрин эрэ кэннэ быраактыка саҕаланар, устудьуоннар алмааһы кытта үлэлээн бараллар», – диэн АЛРОСА Саха сиринээҕи алмаас атыытын тэрилтэтин суортуур сыаҕын 1-кы категориялаах эспиэрэ Виктория Тарасова кэпсээтэ.
Эспиэр бэлиэтээбитинэн, алмааһы суортуур үлэ олус сыралаах. Айылҕаҕа икки тэҥ таас баар буолбат, ону 8000-тан тахса позицияттан ырытан, үөрэтэн көрөллөр. Ол да буоллар, 4 сүрүн ураты баар: кээмэй-ыйааһын бөлөҕүнэн, кристалл моһуонунан, таас төһө дьэҥкиринэн уонна өҥүнэн араарыы. Бу барыта алмаас уонна бирилийээн буолан тахсыахтаах оҥоһук сыанатыгар дьайар сүрүн чахчыларынан буолар.
Софья Кынакытова, ХИФУ ФТИ 3 кууруһун устудьуона, сыаналаах таастары уонна тимирдэри таҥастааһын кафедрата:
-Мин АЛРОСА алмаас атыылыыр тэрилтэтигэр быраактыкаланарбар сүбэлээбиттэрэ. Тоҕо диэтэххэ, инники үлэм алмааһы кытта эмиэ сибээстээх, онон тута сөбүлэспитим уонна АЛРОСА-ҕа үлэлии киирэргэ былааннанабын.
Билигин уһуйааччым салалтатынан теорияны хайыы үйэ аастым, холобур буолар таастары үөрэттим, онон алмааһы кытта быһаччы үлэҕэ тиийдибит. Билигин теорияҕа үөрэппиппитин быраактыкаҕа туһаныахтаахпыт.
Анастасия Петрова, ХИФУ ФТИ 4-с кууруһун устудьуона, күндү таастары уонна тимирдэри таҥастааһын кафедрата:
-Мин быраактыкабын алмааһы атыылыыр тэрилтэҕэ былырыын барбытым, уһуйааччым Саргылаана Егорова көхтөөх көмөтө мин түргэнник үөрэнэрбэр көмөлөспүтэ. Быйыл быраактыканы үс ый устата аастым, тута алмааһы суортуурга ылсыбытым. Бытархай таастары кытта үлэлиир аан бастаан ыарахан этэ. Сыыйа-баайа арыый тэтимирэн, элбэх алмааһы суортуур буолбутум. Биллэн турар, биир идлэлээхтэрбин кытары тэҥҥэ бүтэрэргэ кыһалларым, оннук үөрэммитим. Туох барыта үөрүйэҕи кытта кэлэр, үлэҕэ көдьүүскүн оннук эрэ үрдэтиэххэ сөп. Билигин дипломмар бэлэмнэнэбин уонна тута билэр сирбэр, кэлэктииппэр үлэлии кэлиэм.
Олохтоох нэһилиэнньэни үлэнэн хааччыйыы –
АЛРОСА социальнай бэлиитикэтин
сүрүн хайысхата
Хампаанньа олохтоох нэһилиэнньэҕэ салгыы үлэ миэстэтин таһаарар уонна үлэһиттэрин дьоһуннаах хамнаһынан, социальнай бакыатынан уонна чэпчэтиилэринэн хааччыйар, үлэһиттэрин доруобуйаларыгар уонна олохторугар куттал суох буоларын инники күөҥҥэ тутар. Хампаанньа былырыын ахсынньыга «Forbes» сурунаалтан «көмүс» рейтини ылбыта.
Идэлээх быһыытынан үүнэр-сайдаркыах баар
ХИФУ хайа институтун алтыс кууруһун устудьуона Максим Егоров быраактыкатын барбыта уонна үөрэҕин бүтэрэн баран «Анаабыр алмаастарыгар» үлэҕэ киирэргэ былааннанар.
«Билигин оттук-оҕунуох тэриллэрин өрөмүөннүүргэ уонна хааччыйарга слесардыыбын, сүрүннээн емкостарга үлэлиибин. Баахта ньыматынан үлэҕэ үөрэнним. Үөрэхпин бүтэрдэхпинэ, мэхээнньигинэн үлэҕэ киирэргэ былааннанабын. Хампаанньаҕа үлэһиккэ наадалаах усулуобуйа барыта баар: бырактыкааннарга уонна үлэһиттэргэ дьоһуннаах хамнас көрүллэр, идэлээх киһи быһыытынан сайдарга кыах бэриллэр», – диир кини.
«Анаабыр алмаастара» аахсыйалаах хампаанньаҕа оҥорон таһаарар үлэттэн тэйбэккэ эрэ баахта ньыматынан үлэлии сылдьан үөрэнэр кыаҕы биэрэр «Олоххо путевка 2.0» бырайыак олоххо киллэриллэр. Өрөспүүбүлүкэ үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар эбии идэҕэ үөрэтии бырагырааматынан хампаанньа 22 үлэһитэ «Хайа инженерэ”, “Хайа мэхээнньигэ”, “Энэргиэтик”, “Байытааччы” уонна “Суол үлэтин маастара” идэлэргэ үөрэнэ сылдьар.
«Хампаанньа инженер, тиэхиньик үлэһиттэрин састаабын улахан аҥаардара – ХИФУ-ну бүтэрбиттэр. Биһиги билигин ыччаты быраактыкаҕа көхтөөхтүк ылабыт, олохторун оҥорон таһаарыы үлэтин кытары сибээстиэн баҕалаахтары идэ ымпыгар-чымпыгар үөрэтэбит. Хайа институтун уонна геология-чинчийэр факультет 20-30 кэриҥэ устудьуона «Анаабыр алмаастарыгар» биир сезоҥҥа быраактыкаланар, үөрэҕин бүтэрбит уонтан тахса исписэлиис сыл аайы үлэҕэ ылыллар», – диэн «Анаабыр алмаастара» аахсыйалаах уопсастыба кылаабынай инженерэ Виктор Шамаев кэпсээтэ.
БЫҺААРЫЫ:
Аҥаардас 2022 сылга АЛРОСА хампаанньаларын бөлөҕөр, ол иһигэр «Анаабыр алмааастарыгар»,
Саха сирин
3 000
тахса олохтооҕо үлэҕэ ылыллыбыта. Кинилэр ортолоругар
358
киһи – тыа нэһилиэктэриттэн,
721
киһи – 35-гэр диэри саастаах эдэр исписэлиистэр.
АНДРЕЙ ШИЛОВ суруйуутуттан тылбаас
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: