Устудьуон – киһи олоҕун суолдьут сулуһа

Share

Тохсунньу 25 күнэ – аан дойдуга устудьуон күнэ бэлиэтэнэр, ол эбэтэр Татыйаана күнэ.

Киһи олоҕун саамай ураты кэрэ кэрчик кэрдиис кэминэн устдьуоннуур сыллара буолар. Үгүс көлүөнэ дьон устудьуоннаабыт сылларын ахтар-саныыр, оччотооҕу кэм истиҥ алыптаах иэйиитигэр сылаастык куустарар. Устудьуон өрүү инники күөҥҥэ үөрэх-билии, сайдыы суолунан хаамар, таптыыр уонна таптатар аналлаах. Бу барыта киһи сирдээҕи олоҕун бэлэҕэ, эдэр сааһын киэргэлэ уонна саамай сүрүнэ кини талыахтаах идэтигэр көмө тирэҕэ буолар. Өрөспүүбүлүкэбитигэр баар суос соҕотох сахабыт салаата үгүс элбэх көлүөнэ ыччаты иитэн-үөрэтэн, олоххо уонна төрөөбүт тылларыгар бэриниилээх гына иитэн таһаардаҕа. Ол инникитин өссө даҕаны кэнэҕэски ыччаты үрдүккэ, сырдыкка угуйуо турдаҕа. Араас кэмҥэ үөрэнэн ааспыт дьону кытта устудьуоннаабыт сылларын туһунан сиһилии кылгастык ыйыталаһан билистим. Билигин кинилэр бары талбыт идэлэригэр олуһун диэн бэриниилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Төрөөбүт Сахабыт сирэ сайдарын туһугар олуктарын уураллар.

Варвара Борисовна Окорокова – тыл билимин дуоктара, ХИФУ “Саха литэрэтиирэ” хаапыдыратын бэрэпиэссэрэ.

  • Устудьуон сыллар киһи олоҕор саамай умнуллубат кэрэ көмүс сыллар. Көҥүл, үөрүү, кыһалҕата суох эдэр саас. Кэрэ дьону, учууталлары үйэм тухары сүгүрүйэбин. Үтүө доҕоттору кытта күн бүгүнүгэр диэри бииргэ алтыһан олох олоробут. Талан ылбыт идэбин олус таптыыбын. Билиҥҥээҥҥэ дылы үлэлии сылдьабын. Оттон билигин атын куораттарга, тас дойдуларга үөрэнэр оҕолор наһаа да үрдүк сыаллаахтар уонна ону ситиһэллэр. Биһиги устудьуоннарбытыгар ол тиийбэт, атаахтар, бэлэмҥэ сылдьаллар. Чэ үөрэнниннэр, олоххо ситиһиилээх, кыайыылаах дьон буоллуннар.

Наталья Крылова — В.М. Членов аатынан Дьокуускайдааҕы саха индустриальнай-педагогическай коллеһын преподавателэ.

  • Саха судаарыстыбаннай үнүбэрсиэтигэр үөрэммит үтүө сылларым, устудьуоннуур кэрэ кэмнэрим эдэр сааһым биир умнуллубат түгэнэ буолар. Төрөөбүт дойдуларыгар, ийэ тылларыгар, талан ылбыт идэлэригэр бэриниилээх, дириҥ билиилээх учуонай учууталларга үөрэммиппиттэн олуһун диэн киэн туттабын. “Саха тылын учуутала сайдыыны түстүүр, бары өттүнэн дэгиттэр буолуохтаах” диэн этиилэрэ өйбөр билиҥҥэ диэри баар, онон тыа сиригэр үлэбин эрчимнээхтик саҕалаабытым. Оттон былырыын 2023 сылга Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай үнүбэрсиэт норуоттар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн “Культурология” хаапыдыратын иһинэн үлэлиир “Региональнай култуура” магистратуратын кыһыл дипломунан бүтэрбитим. Бу үөрэххэ науканан утумнаахтык дьарыктанан өбүгэлэрбин чинчийэн, сааһылаан, төрүччү оҥорон үлэбин ситиһиилээхтик көмүскээбитим. Аймах-билэ дьоммор дьоһуннаах бэлэх буолла дии саныыбын. Хаапыдырам туох баар уһуйааччыларыгар, салайааччыларбар Г.С. Попова-Санаайаҕа, С.С. Протопопов-Арчын Уоттуга уонна Н.С. Шкуркоҕа махталым, тапталым муҥура суох. Киһи дьонунан баай дииллэринии, устудьуон сылларым миэхэ эрэллээх доҕоттору, киэҥ билиилээх, сайдыылаах дьону кытта билсэн алтыһарбар кыаҕы биэрбититтэн билигин астына, махтана саныыбын уонна бэйэбин толору дьоллооҕунан ааҕынабын.

Сандаара Тобонова – Булун улууһун Бороҕон орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала.

  • Устудьуоннуур кэмнэрим Сэргэлээххэ ааспыттара… Баҕар урукку кэми аһары романтизациялаан дуу, эбэтэр дьылҕам сирдээн кулбута дуу? М.К. Аммосов аатынан ХИФУ норуоттар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн “Саха литэрэтиирэтин” хаапыдыратыгар “Айар үлэһит — 16” үөрэҕэр олоҕум биэс чаҕылхай сыла ааспыта. Кырдьык умнуллубат үтүө кэрэ кэрдиис кэм буоллаҕа. Устудьуон, эн билигин саҥа сыл сынньалаҥыттан кэлэн үөрэх хаамыытыгар дьэ саҥа үктэнэн эрэрин буолуо. Биһиэхэ эмиэ оннук этэ. Туман быыһынан ыксыы ыксыы сессия туттарыыта, аан таһыгар бииргэ үөрэнэр оҕолоргун күүтүү. Уопсайбыт үчүгэй, ыраас да этэ. Үлэҕэ ,ырааска үөрэппитэ. Билигин онон оргууйдук хааман аастахпына сүрэҕим күүскэ тэбэн ыларга дылы буолар. Хаһан эрэ диэн… Чаҕылхай кэмнэр, түгэннэр кырдьык олус элбэх этилэр. Түһүү, тахсыы да элбэҕэ. Мунан хаалыы суола эмиэ баара. Ол эрэн эн ханнык эрэ кэмҥэ уһуктаҕын. Онон, сүбэлиэм этэ мин курдук хойутуу уһуктаайаххыт. Бириэмэни кытта оонньообокко, араас бэриллибит түгэни хаба тардан иннин диэки куттаммакка баран ис диэхпин баҕарабын. Баҕар ити урукку бэйэбэр сүбэ буолуо. Чахчы даҕаны айар үлэһит курдук “Сэргэлээх уоттара” диэн литературнай куруһуокка киирбит күммүтүттэн сырдаан барбыта. Бэйэҥ курдук айар дьоҕурдаах оҕолору кытта алтыһыы. Кинилэр ис дууһаларын арыйыы. Ол эмиэ бэйэтэ чаҕылхай түгэн этэ. “Сэргэлээх уоттара” мин олохпор туспа улахан ураты миэстэни ылар. Устудьуоннуур кэмнэрбит ама маннык түргэнник бүтүө диэн сэрэйэр этибит дуо? суох буоллаҕа дии. Билигин номнуо учууталлыы сылдьан саныыбын ээ ол кэрэ кэмнэри. Устудьуон, бу кэмнэри, түгэни умнума. Аны бу кэм хаһан даҕаны эргийиэ суоҕа.

Айаал Молокотин — Саха НКиК Уус-Алданнааҕы филиалын кэрэспэдьиэнэ.

  • Устудьуоннаабыт сылларым саамай умнуллубат кэрэ кэмнэрэ 2015 сыл буолар. Үөрэхпэр ситиһиилэнэн ити сылга дойду тэбэр сүрэҕэр Москубаҕа Ороһооспо сынньалаҥар хапсаммын баран күүлэйдээн, үөрэн-көтөн кэлбитим. Оттон сайын Алтайга, Хакасияҕа устудьуоннары кытта комплекснай научнай экспедицияҕа сылдьыбытым. Манна түүр омуктар литэрэтиирэлэрин, култуураларын бэйэбит сахабыт омугун кытта тэҥнээн көрбүппүт. Ол олохпор биир умнуллубат үтүө түгэн буолар. Итиэннэ устудьуоннаабыт сылларым бэлэхтээбит доҕотторун кытта күн бүгүнүгэр диэри сибээспитин быспаппыт, бары бииргэ сылдьабыт тутуспутунан. Онон, устудьуоннар устудьуоннуур кэмҥитигэр үгүс үчүгэй, элбэх эрэллээх доҕоттордонуҥ уонна үөрэххитиэр ситиһиилэри баҕарабын. Харса суох научнай конференцияларга кыттан иһиҥ, уопсастыбаннай дьыалаларынан дьарыктаныҥ оччотугар ороһооспо сынньалаҥар барарга хапсыаххытын сөп.

Кэпсэттэ Артем Осипов

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: тохсунньу 31 күнэ

Бу күннэргэ күммүт-дьылбыт хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ хоту өттүгэр кыралаан хаардыыр. Өрөспүүбүлүкэ…

33 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нэдиэлэтээҕи гороскоп: тохсунньу 30 – олунньу 6 күннэрэ

Хой Өрөгөй нэдиэлэтэ үүммүт. Үлэҕэр саҥа кыах аһыллыа. Салайааччыҥ болҕомтотун ылыаҥ. Нэдиэлэ устата харчы оҥорорго…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бырабыыталыстыба отчуота дьон-сэргэ этинэригэр кыах биэрэр

«Якутия, вперед!» биэриигэ Айсен Николаев тохсунньу ый түмүктэрин таһаарда уонна Бырабыыталыстыба отчуоттарын сирэй көрсөн тоҕо…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан быйылгы сыллааҕы тутууну бэлиэтээн ааста

“Якутия, вперед!” биэриигэ тохсунньу түмүктэрин таһаарар быһа эпииргэ Ил Дархан “Сулустаах” түөлбэҕэ сыл саҕаланаатын кытта…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

СӨ Ыччат бэлиитикэтин туһунан сокуоҥҥа уларыйыы киириэҕэ

“СӨ судаарыстыбаннай ыччат бэлиитикэтин туһунан” сокуон 1998 сыллаахха ылыныллыбыта. Ол гынан баран, бу сокуоҥҥа “патриотическай…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үөрэх хаачыстыбата үрдүүрүгэр сөптөөх соруктар туруорулуннулар

Ил Дархан Айсен Николаев үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы сүбэ мунньаҕар этиллибит сүҥкэн суолталаах боппуруоһунан тус үөрэхтээһини…

12 часов ago