Устудьуон орто үөрэх кэнниттэн үрдүк үөрэххэ үөрэнэр буоллаҕына, ыҥырыллар дуо?

Share

Быстах хомуур туһунан үгүс ыйытыыларга Объясняем.рф саайт быһаарар.

  • Өскөтүн  устудьуон орто анал үөрэх бырагырааматынан үөрэнэн баран, билигин үрдүк үөрэх кыһатыгар киирбит буоллаҕына, киниэхэ сулууспаттан тохтотон эрии (отсрочка) көрүллэр дуо?

Оннук, көрүллэр. Арассыыйа бэрэсидьиэнин 2022 сыл балаҕан ыйын 24 күнүнээҕи 664 №-дээх ыйааҕынан, күнүскү уонна күнүскү-кэтэхтэн көрүҥҥэ үрдүк үөрэххэ бастакыларын үөрэнэ сылдьар устудьуоннар быстах хомуурга ыҥырыллыылара уһаан биэрэр. Үрдүк үөрэх кыһата судаарыстыбаннай аккредитацияны ааспыт уонна судаарыстыбаннай үөрэх тэрилтэтэ буолуохтаах. Онон орто үөрэҕи бүтэрбит устудьуон бастакы үрдүк үөрэҕэр үөрэнэр буоллаҕына, быстах хомуурга ыҥырыллыбат.

  • Устудьуон  үрдүк үөрэххэ үөрэнэ сылдьыбыт, онтон ханнык эрэ биричиинэнэн тохтуу сылдьан баран, ол үөрэҕэр хос киирбит буоллаҕына, ыҥырыллыан сөп дуо?

Өскөтүн устудьуон үрдүк үөрэх кыһатыгар урут үөрэнэ сылдьан баран, хос киирбит (восстановился) буоллаҕына, бу үөрэҕэ бастакы курдук ааҕыллар.

  • Кыраныысса таһыгар пааспардары биэриини тохтотуохтара дуо?

Быстах хомуур кэмигэр Арассыыйаҕа кыраныысса таһыгар тахсар пааспардары биэриини тохтотуохтара суоҕа. Ол эрээри, гражданин байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллыбыт, эбэтэр бэбиэскэни (быстах хомуурга, эбэтэр, аармыйаҕа ыҥырыыга) туппут буоллаҕына, киниэхэ кыраныысса таһыгар тахсар пааспары биэриигэ аккаастыыллар. Киниэхэ тоҕо аккаастаабыттарын, болдьоҕун уонна кыраныысса таһыгар тахсар быраабын хааччахтаабыт тэрилтэ толору аатын, аадырыһын ыйан туран, иһитиннэрии туттарыллар.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

2843 киһи сонотуоруйга-куруорка барар айана төлөммүт

Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата быйыл 2843 киһи сонотуоруйга-куруорка барарыгар айаннарын ороскуотун төлөөтө.    2025…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саха сиригэр ОРВИ-нан ыалдьыы элбээтэ

Өрөспүүбүлүкэҕэ ааспыт нэдиэлэ түмүгүнэн, Саха сиригэр  8,8 тыһыынча киһи тымныйбыта, тумуулаабыта (ОРВИ) бэлиэтэммит. Бу ол…

56 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Төлөөбөтөх кирэдьиитин туһуттан массыынатыттан матта

Билигин кирэдьииттэрин кэмигэр төлөөбөт, ону ааһан  биир да харчыны төлөөбөт дьон бааллар. Суут бириистэптэрин Амма…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Пуонда учуотугар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 198 инбэлиит турар

"Защитники Отечества" пуонда учуотугар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 198 (байыаннай дьайыы кыттыылааҕа) инбэлиит турар. Сүрүн болҕомто тиэхиньиичэскэй…

1 час ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыаннай-тактическай күрэхтэһиилэр: Кыайыы иһин!

Бэҕэһээ “Путь воина” байыаннай-тактическай күрэхтэһиилэр аһыллыылара буолбута. Бүгүн сарсыардаттан  икки хамаанда – Саха сириттэн «Боотур»…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

68 сааһыгар бэлисипиэтинэн сылдьар

Дьокуускайга  бэлисипиэтинэн үгүстүк оҕолор уонна эр дьон сылдьалларын көрөбүн.  Бүгүн  биир  саастаах дьахтар бэлисипиэтинэн сылдьарын…

2 часа ago