Салгыы
Устудьуон сүрүн соруга – үөрэх

Устудьуон сүрүн соруга – үөрэх

26.08.2024, 09:00
Хаартыска: pxhere.com
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйа – үөрэх ыйа. Билиҥҥи кэмҥэ Дьокуускайы ааһан өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр, киин куораттарга баран үөрэнэр оҕо элбэх. Биллэн турар, хас биирдии төрөппүт оҕотун туһугар кыһаллар эрээри, сорохтор ситэ үөрэммэккэ, кыайбакка дойдуларыгар төннөн кэлэллэрэ баар суол. Ити төрүөтэ араас буолар. Баҕар, кимиэхэ эрэ туһалаарай дуу диэн төрөппүттэри кытта кэпсэтии түмүгүнэн уонна араас олоххо баар түгэннэртэн аттаран тэттик сүбэлэри түмэбит.

Бэйэтин көрүнэ үөрэниэхтээх

Дьиэтиттэн, төрөппүттэриттэн ыраах тэлэһийэр оҕо, бастатан туран, бэйэтин көрүнэр буолуохтаах. “Хоспутугар букатын сууммат-тарааммат уол баар” диэн төрөппүттэригэр кэп­сээн оҥостубаттарын, оҕолор хара ааныттан туораппаттарын туһугар бэйэтин көрүнэр гына үөрэтиҥ. Туспа барар оҕо кэмигэр суунуохтаах, таҥаһын-сабын көрүнүөхтээх, судургу аһы астыыр буолуохтаах.

Аны ханнык даҕаны түгэҥҥэ тус докумуонун, чахчыларын атын киһиэхэ биэриэ, көрдөрүө суохтааҕын кичэйэн этиҥ. Дьон араас, бу чахчылары кирэдьиит да ылалларыгар туһаныахтарын сөп.

Бэйэтин санаатын, кыһалҕатын дьоҥҥо чопчу этинэ, мөккүөрдээх түгэҥҥэ көрүүтүн, интэриэһин сөпкө тириэр­дэ үөрэммит оҕо атын куоракка баран үөрэнэригэр улахан уустуктары көрсүө суоҕа. Ол инниттэн араас түгэннэри бэ­­йэтэ быһаарсарын курдук кыралаан сүбэлии сылдьыҥ.

Киэҥ сиргэ быһаарса үөрэнии

Үксүгэр оскуоланы бүтэ­рээч­чилэр киэҥ сиргэ, сайдыылаах, улахан куораттарга талаһаллар. Олорор сирдэрэ үөрэхтэриттэн куруук чугас буолбат. Билбэт, быһаарсыбат оҕо уолуйуон, мунан хаалыан сөп. Ол иһин эрдэттэн кэпсэтэр, быһаарар ирдэнэр, интэриниэтэ да суох түгэҥҥэ каартанан туһанарга үөрэтиҥ. Төлөпүөнүгэр, дьоҕус болокунуокка суолталаах аадырыстары, төлөпүөн нүөмэрдэрин сурунан ыларыгар сүбэлээҥ. Бу төлөпүөнүн сүтэрэр түгэнигэр улаханнык туһалыаҕа. Мунар түгэҥҥэ хантан, кимтэн ыйытарын быһаарыҥ.

Харчыны сөпкө туттуу

Аныгы кэмҥэ истипиэндьийэ кыратын, сыана ыараханын бэйэҕит билэҕит. Кистэл буолбатах, төрөппүттэр син биир оҕолоругар кыһаналлар, өйүүллэр, харчы ыыталлар диэн үөрэх тэрилтэтин аттыгар баар аһыыр сирдэр, маҕаһыыннар бас быстар сыаналаахтар. Дьэ, ол иһин төрөппүт сүбэтин ылынар, ааҕан-суоттаан көрөр устудьуоннар хоһунан кыттыһан бородуукта атыылаһан, уочаратынан астанан олороллор. Атыттар төрөппүт, эбээ-эһээ ыытар харчытын “күн-ый” ыһыаҕын ыһан аҕыйах күннээх оҥороллор.

Аны истипиэндьийэлээх, онон аһаан-таҥнан олоруо, баҕар, ким эрэ ас-таҥас бэрсиэ, уларсыа диэн толкуйдуур букатын сыыһа. Ордук киин куораттарга үөрэнэ тиийбит, харчыта суох оҕолор араас быһы­лааннарга түбэһэллэрин, үөрэхтэрин быраҕан кэлэллэрин истэ-билэ сылдьабыт. Онон төрөппүт оҕото харчыны сөпкө туттарыгар, аныгылыы эттэххэ, үп-харчы өттүгэр билиилээх буоларыгар эрдэттэн үөрэтиэх­тээх уонна харчынан хайаан даҕаны хааччыйар эбээһинэстээх.

“Үөрэххэ киирэр кыра, тулуйан үөрэнэрэ баар…”

Үөрэх эйгэтигэр сыһыаннаах, иһин-таһын билэр, элбэх оҕолорун үөрэттэрбит төрөппүттэр: “Үөрэххэ киирэр кыра, тулуйан үөрэнэрэ баар…” диэн бэлиэтииллэрэ орун­наах. Кытыы, кыараҕас сиртэн кэлбит, олоҕу саҥа билэн эрэр оҕолору улахан куорат аралдьытара элбэх. Оҕо туохха да аралдьыйбакка, үөрэх бастакы күнүттэн билиигэ-көрүүгэ, дьупулуом ылар туһугар умса түһүөхтээх. Бу – устудьуон сүрүн соруга, үлэтэ, олоҕун тухары инники олоҕун хааччынар, оҥостор соруга. Онон устудьуон туох да туһунан толкуйдаабакка, аралдьыйбакка, мэһэйдэппэккэ үөрэниэхтээх эрэ. Төрөппүт маны хааччыйыахтаах, тэйиччиттэн да буоллар хонтуруоллуохтаах, көмөлөһүөхтээх.

Доруобуйаны көрүнүү

Бэйэ доруобуйатын көрүнүү устудьуоҥҥа эмиэ улахан суол­талаах. Бу иннинэ кыратык сөтөлүннэ-хахсыйда даҕаны ийэ көрөн-истэн бэрийэ сылдьыбыт эбит буоллаҕына, мантан инньэ оҕо туга, хайдах, төһө улаханнык ыалдьарын кэтэнэн көрөн бэйэтэ эмтэнэрэ ирдэнэр. Маныаха ханнык түгэҥҥэ тута бырааска сүүрэр, оттон ханныкка көннөрү но­­руот ньымалара туһалыахтарын сөбүн быһаарсыах­таах. Ону таһынан ханнык сүрүн эмтэр ханнык ыарыыга туһаныллалларын билиэхтээх.

Виктор Шестаков, Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах орто оскуолатын бүтэрбитэ, Амурдааҕы мэдиссиинэ судаарыстыбаннай академиятын (Благовещенскай к.) “эмчит дьыалатаидэтин 5-с кууруһун устудьуона:

– Ханнык баҕарар устудьуон атын сиргэ үөрэнэ тиийдэҕинэ адаптацияланар кэмнээх. Тус бэйэбэр ити кэм сыл курдук барбыта. Тугу барытын быраҕан туран дьиэбэр төннөбүн дуу, ХИФУ мэдиссиинэҕэ институтугар көһөртөрөбүн дуу диэн толкуйдуу сылдьыбытым. Хаһан толкуйданыахпар диэри номнуо доҕоттор, билэр дьонум элбээбит этэ. Араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттарым ахтылҕаммын чэпчэппитэ, судургутук ааспыта.

Нууччалыы үчүгэйдик билбэт буолан, маҥнай утаа сорох устудьуоннар уустуктары көрсүбүттэрэ, билигин бэрт судургутук кэпсэтэллэр.

Академиябыт былыргы үөрэх кыһата буоларын быһыытынан уопсайдара, үөрэнэр куорпустара уруккулуу соҕус, билигин, хата, өрөмүөн оҥоро сылдьаллар.

Уопсайынан, атын эрэгийиэҥҥэ үөрэнэр үчүгэй эбит диэн түмүккэ кэллим. Киһи билиитэ-көрүүтэ да кэҥиир, атын эйгэҕэ дьону кытта алтыһарга, түргэнник биир тылы буларга үөрэнэр, эрэгийиэн туохха тирэҕирэн сайдыбытын көрөр, саҥаны иҥэринэр.

Мин тус сыаллаах бырагырааманан үөрэнэ киирбитим. Академическай истипиэндьийэм – 2 тыһ. солк. этэ,  Саха сириттэн 4 тыһ. солк. тахса көрүллэр, ону таһынан 1-3 куурустарга үрдэтиллибит социальнай истипиэндьийэни 13 тыһ. солк. курдугу ыларым. Саха сиригэр тэҥнээтэххэ сыана чэпчэки, ол иһин үлэҕэ аралдьыйбакка, үөрэҕинэн эрэ олорорго үчүгэй усулуобуйа этэ. Үһүс куурус кэнниттэн социальнай истипиэндьийэ намтыыр, 5-6 тыһ. солк. тэҥнэһэр. Үһүс куурус кэнниттэн медбратынан, фармацебынан үлэлиир көҥүллэнэр, сэртипикээт бэриллэр. Бастакы куурустан саҕалаан кыралаан үлэлээбитим. Ол иһин маҥнайгы сылбар үп-харчы өттүгэр ыараханы көрсүбэтэҕим. Социальнай истипиэндьийэ кыччаабытын кэнниттэн үлэни, үөрэҕи тэҥҥэ дьүөрэлиир буолан уустуктардаах. Мэдиссиинэ идэтигэр үөрэтэрбит, ааҕарбыт да элбэх.

Харчыны сөпкө туттабын, атыттарга сүбэлиир кыахтаахпын диэн этэр табыллыбат. Биллэн турар, үксүгэр бородуукта атыылаһан бэйэм астанан аһыыбын.

Атын куораттарга үөрэнэ барар оҕолорго, төрөппүттэргэ сүбэ быһыытынан икки түгэни этэн ааһыахпын сөп. Бастакытынан, туохтан даҕаны куттанымаҥ, толлумаҥ. Аныгы үйэҕэ үөрэниэххитин баҕарар куораккыт туһунан, Саха сириттэн төрүттээхтэр түмсүүлэрэ баарын-суоҕун хантан баҕарар булан ааҕыаххытын сөп. Благовещенскайга түөрт сыл үөрэнним эрээри, ким да миэхэ: “Эн – азиаккын, кэлиигин” дии илик. Иккиһинэн, туохтан да толлубакка кэпсэтэн-ипсэтэн, киирэн-тахсан иһиҥ. Дойдуга, чугас дьоҥҥо ахтылҕаны сыл кэриҥэ эрэ тулуйар ирдэнэр. Благовещенскайга Саха сирин устудьуоннарын “Кыталык” ассоциацията үлэлиир. Ханна даҕаны тиийдэргит, биир дойдулаахтаргыт син биир баар буолуохтара.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
2 ноября
  • -19°C
  • Ощущается: -25°Влажность: 78% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: