Устудьуоннар олоҕун толук уурбут байыас дьиэ кэргэнигэр көмөлөстүлэр

Share

«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда Мэҥэ Хаҥаластааҕы салаатыгар  байыаннай дьайыыга дьоруойдуу олоҕун толук уурбут Александр Данилов кэргэнэ Виктория Колесова көмө көрдөөн тиийбит. Бу туһунан пуонда ТГ-ханаала иһитиннэрэр.

Ыраах нэһилиэктэн соторутааҕыта улуус киинигэр көһөн кэлбит дьиэ кэргэн саҥа кыбартыыраларыгар миэбэл хомуйуутугар көмөҕө наадыйбыт. Александр Данилов 2022 сыллаахха быстах мобилизация кэмигэр сулууспаҕа ыҥырыллыбыт уонна быйыл саас бойобуой сорудаҕы толоро сылдьан дьоруойдуу тыына быстыбыт.

Социальнай координатор көҕүлээһининэн уонна байыаннай дьайыы бэтэрээнэ Евгений Кириллин өйөбүлүнэн, дьоруой дьиэ кэргэнигэр Тырааныспар тиэхиньикумун устудьуоннара уопсай дьиэ улахан иитээччитэ Надежда Дмитриевалыын көмөҕө кэлбиттэр. Ыччаттар наадалаах миэбэли барытын түргэнник хомуйан туруорбуттар.

«Биһиги бөһүөлэкпитигэр көмөлөһөргө, өйүүргэ бэлэм маннык үгүс аһыныгас сүрэхтээх дьон баара олус соһуччу уонна үөрүүлээх. Бу көмө биһиги дьиэ кэргэммитигэр саамай ыарахан кэмҥэ наада этэ», — диэн Виктория Колесова үөрүүтүн үллэһиннэ.

Үлэлэрин бүтэрэн баран, устудьуоннар инники кирбиигэ сылдьар байыастарга өйүүр тыллардаах суруктары суруйдулар. Бу суруктар байыаннай дьайыы зонатыгар сылдьар байыаннайдарга тиэрдиллиэхтэрэ. Байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ уонна ыччаттар көмүскээччилэрин сүтэрбит дьоҥҥо олох-дьаһах боппуруоһун быһаарсаллара көлүөнэлэр ситимнэрин бөҕөргөтөр уонна эдэр дьон дьоруойдар дьиэ кэргэттэрин өйүүргэ бэлэмнэрин көрдөрөр.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьахтар тутуу хампаанньаттан бөдөҥ суума харчыны сууттаһан ылбыт

Дьокуускай куорат суута элбэх кыбартыыралаах дьиэни тутан бүтэрэр болдьоҕу хойутаппытын иһин тутааччыны дуогабар сууматын төнүннэрэргэ…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай сулууспалаах мэдиссиинискэй хамыыһыйаны дойдутугар ааһыан сөп

Байыаннай-мэдиссиинискэй хамыыһыйаны байыаннай сулууспалаах уоппускаҕа сылдьар сиригэр быһаччы барыан сөп. Бу туһунан бүгүн нэдиэлэ аайы…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөспүүбүлүкэҕэ 2026 сылга тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 28 598 солк. буолуоҕа

СӨ Бырабыыталыстыбата 2026 сылга өрөспүүбүлүкэ сүрүн социальнай-демографическай бөлөхтөрүнэн биир киһиэхэ ааҕыынан тиийинэн олоруу алын кээмэйин…

47 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Булуҥҥа мууска икки аал хаайтарда

Булуҥ улууһугар Өлүөнэ өрүһүнэн Быковскай — Дьокуускай хайысханан айаннаан испит «Залив» уонна «Быков мыс» диэн…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«ВОИН» кииҥҥэ үөрэннэххэ, БКЭ баалыгар эбиллэр

"ВОИН"  кииҥҥэ  үөрэммит, үрдүкү кылаас оҕолоро Арассыыйа эрэгийиэннэригэр баар үрдүк үөрэх кыһаларыгар туттарсар түгэннэригэр, эбии…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Итирик сылдьан тиэргэҥҥэ турар массыына сиэркилэтин алдьаппыт

Полицияҕа куорат олохтооҕо кэлэн, Ленин проспегар турар массыынатын сиэркилэлэрин алдьаппыттарын туһунан иһитиннэрбит. Хоромньу быһа холоон…

1 час ago