Устудьуоннар этэрээттэрэ таһаарыылаахтык үлэлииллэр

Share

Ил Дархан Айсен Николаев Орто Халымаҕа оробуочай сырыытыгар Колымстудстройотряд байыастарын көрүстэ. Кини устудьуоннар үлэлэрин көрдө-иһиттэ уонна эппиэтинэстээх сыһыаннарыгар махтанна.

«Усутдьуоннар этэрээттэрэ бу сылларга үлэҕэ көдьүүстээхтэрин көрдөрдүлэр уонна үөрүйэхтэннилэр. Эһиги дойдугутун тупсаҕай оҥорорго баҕаҕыт уонна көмөҕүт иһин махтанабын«, — диэтэ Айсен Николаев.

Орто Халыма оройуонун дьаһалтатыгар ыччат дьыалатыгар уонна успуорка эппиэттээх исписэлиис Надежда Мишина кэпсээбитинэн, кинилэргэ 20 байыас үлэлии сылдьар. Маныаха устудьуоннары кытары оскуола үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэрэ эмиэ баалларын киэн туттан этэр. Үөрэнээччилэр күн аҥаара үлэлииллэр.

Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА

«Устудьуоннар этэрээттэрэ от ыйын 26 күнүттэн үлэтин саҕалаабыта. Хаарбах туруктаах социальнай эбийиэктэри көтүрдүлэр. «Самородок» кафе акылаатын көтүрүүгэ, Навродскай уулуссаҕа элбэх кыбартыыралаах дьиэни, «Полет» маҕаһыын уонна Арчы дьиэтэ тутуллуохтаах эргэ военкомат дьиэтигэр үлэлээтилэр. Бэрэбинэлэри байыастар дьонноругар уонна тыыл, үлэ бэтэрээннэригэр түҥэттилэр. Маны таһынан таҥара дьиэтигэр барар суолга билиитэлэри уурдулар. Оройуон дьоно ыччаттарга махтаналлар«, — диэн этэр Айсен Николаевка Надежда Мишина. Маны таһынан, байыастар тутуллуохтаах эбийиэктэр сирдэрин-уоттарын,  акылааттарын бэлэмнииллэр.

Манна даҕатан эттэххэ, быйылгы үлэҕэ өрөспүүбүлүкэҕэ уонна тас өттүгэр барыта 2,7 байыас хабыллыа диэн иһитиннэриигэ этиллэр. 480 байыас  тупсаран оҥорууга, чөлгө түһэриигэ үлэлэһэр. 300 байыас бырамыысыланнаска, суол-иис, тутуу хампаанньаларыгар, ону сэргэ национальнай бырайыактары олоххо киллэрии иитинэн ыытыллар үлэлэргэ, «Газстройпром», «Управление дорог «Вилюй», «Железные дороги Якутии», «Газпром трансгаз Томск», «Сахатранснефтегаз», «Таас-Үрэх Нефтегазодобыча», «Саханефтегазсбыт», «Адгезия», «Якутдорстрой» уо.д.а. хампаанньаларга үлэлииллэр.

200-тэн тахса байыас Камчаткаҕа уонна Сахалин уобалаһыгар балыгы астааһыҥҥа, 100 байыас сылгы собуотун тутууга, айылҕа быйаҥын хомуйууга, ону таһынан Нерюнгритааҕы көтөрү иитэр фабрикаҕа үлэлииллэр. 250 баһаатай сайыҥҥы лааҕырдарга 10 тыһыынчаттан тахса оҕоҕо сынньалаҥнарын тэрийэллэр. 190 үөрэнээччи үлэ этэрээттэригэр киирсэн дьиэ таһыгар баһаатайдарынан үлэлииллэр, итиэннэ арт-эбийиэктэри тэрийсэллэр. Устудьуоннар этэрээттэрин байыастара гостиницаларга, санаторийдарга, уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэригэр, өрөспүүбүлүкэ иһигэр уонна таһыгар сынньалаҥы тэрийиигэ, тимир суолга пассажирдары сирдээччилэринэн, балыыһаларга, госпиталларга, үөрэх тэрилтэлэригэр докумуоннары тутар хамыыһыйаларга үлэлииллэр.

2020 сыллаахха Саха сирин устудьуоннарын этэрээттэрэ Арассыыйаҕа ТОП-10 бастыҥ үлэлээхтэргэ киирсибиттэрэ.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago