Бу күннэргэ И.Е.Винокуров аатынан педагогическай кэллиэс (дириэктэр Е.В Никитина) уонна Намнааҕы тиэхиньикум (дириэктэр Нь.М.Жирков) устудьуоннара бу саас халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Модут нэһилиэгин икки ыалыгар, Граф Биэрэгэр биир ыалга сылдьан көмөлөстүлэр.
Улуус дьаһалтатын дьиэ кэргэн уонна ыччат бэлиитикэтин отделын испиэлииһэ Алина Неустроева этэринэн, ыччаттар маладьыастар, ис дууһаларыттан кыһаллан, күүс-көмө буолан көмө оҥордулар. «Эдэр дьон инники күөҥҥэ сылдьан, олоххо көхтөөх буолуулара, ханнык да үлэттэн толлубакка ылсан үлэлииллэрэ, дьоҥҥо көмөлөрө инники олохторугар туһалаах буолара саарбаҕа суох», — диир Алина Неустроева. Бу туһунан «Нам улууһа» МТ пресс — сулууспата иһитиннэрэр.
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…
Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…