Салгыы
Устудьуоннар кэтилиэттэрэ, бэлимиэннэрэ

Устудьуоннар кэтилиэттэрэ, бэлимиэннэрэ

01.12.2024, 14:00
ААПТАР ХААРТЫСКАҔА ТҮҺЭРИИЛЭРЭ.
Бөлөххө киир:

Устудьуоннар оҥорон таһаарбыт аһылыктара маҕаһыыннарга атыыланарын туһунан хаһан эмэ истибиккит дуо? Дьэ, баар эбит. Маны иҥэн-тоҥон билсэр соруктаах Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикумугар тиийэ сырыттым. Миигин урукку СХТ буолбакка, букатын аныгы үөрэх кыһата көрсөр.

Ама, бу урукку  СХТ дуо?

Тиэхиньикум тэлгэһэтин иһигэр киирээти кытта ураты, сылаас, сырдык эйгэ көрсөр. Онтон ааны аһан иһирдьэ киирэн баран “тыый, били, уонтан тахса сыллааҕыта сылдьыбыт тиэхиньикуммуттан олох атын дии” диэн испэр санаабытым таспар тахсыбытын бэйэм да өйдөөбөккө хаалабын. Ону истэн арыалдьытым: “Дьокуускайдааҕы тыа хаһаа­йыстыбатын тиэхиньикума “Профессионалитет” федеральнай бырайыакка кыттан, Саха сирин үөрэхтэрин кыһаларыттан биир бастакынан 100 мөл. солк. суумалаах граны сүүйбүтэ”, – диэн билиһиннэрэр. Бу туһунан сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэр суру­йан саайт, хаһыат сирэйин бараабыппыт. Ол эрээри, бу түмүгүн илэ хараҕынан көрбүт киһи аҕы­йах буолуохтаах. Сып-сырдык холл, турникет, киэҥ-­куоҥ сыгынньахтанар хос, аныгылыы ыскамыайкалар, киэҥ түннүктэр ахсын сибэккилэр кэчигирэспиттэр, кэбиниэттэр өрөмүөннэнэн олоччу саҥа тэрилинэн хааччыллыбыттар, сып-сырдык остолобуой, бэл диэтэр, кофе, итии сакалаат кытта куттан иһиэххэ сөп.

Биир сыллаах үлэ

Эрдэ болдьоспуппут быһыытынан, миигин тута кэпсэтэр, көрөр сыахпар атаа­раллар. Тустаах үөрэх кыһатын бүтэрбит, оҥорон таһаарар сыах сэбиэдиссэйэ Дмитрий Охотин: “Күн бүгүн сыах үс үлэһиттээх. Эттэн оҥоһуллар бородууксуйаҕа барытыгар кэриэтэ технолог идэтигэр үөрэнэр устудьуоннары үөрэтэбит. Үчүгэйэ диэн, устудьуоннар манна үрдүгэр быраактыкаланаллар, билэн-көрөн тахсаллар.

Билиҥҥитэ бэлимиэн, кэтилиэт оҥорон, ынах этиттэн фарш бэлэмнээн ааспыт ыйтан маҕаһыыннары кытта сөбүлэҥ түһэрсэн кыралаан атыыга таһааран эрэбит. Салгыы тиэптэл уонна дьиэтээҕи фарш оҥорор былааннаахпыт. Былырыын убаһа этин ­ыыһаан үлэһиттэргэ атыылаан холонон көрбүппүт. Бэрт минньигэс этэ. Инникитин этин аҕаллахтарына, сакааһынан оннук ыыһаан биэрэр өҥөнү киллэрэр былаан­наахпыт”, – диэн кэпсиир.

Сыл иһигэр ирдэнэр үлэни барытын тиһэҕэр тириэр­дэн, ааспыт ыйтан астарын биэс маҕаһыыны – “Кустук”, “Фермерскэй лавка” (икки маҕаһыын), “Кэникээн” кытта дуогабардаһан атыыга таһааран эрэллэр.

“Биһиги устудьуоннары үөрэтэр уонна ырыынакка улаханнык тахса илик буолан быһа холуйан 2 т курдук бородууксуйаны оҥордубут. Технолог идэтигэр үөрэнэр үс бөлөх кыраапыгынан кэлэн быраактыкаланар, үөрэнэр”, – диэн сэбиэдиссэй этэр.

Үөрэх кыһата уонна оҥорон таһаарыы

Бу курдук аныгы тэрилинэн хааччыллыбыт үөрэх кыһата Саха сиригэр суоҕа буолуо, 100 мөлүйүөннээх диэх курдук, киирээти кытта харахха тута быраҕыллар. Урутаан эттэххэ, устудьуоннар иһэр ууларын бэйэлэрэ бэлэмнээн таһаараллар эбит. Остолобуой кэтэҕинээҕи хоско бытыылкалаах уулар тимир пуолкаҕа кэчигирэччи кыстаммыттар.

Эти киллэрэр туспа аан­наахтар. Ол аттыгар тута сүүһүнэн киилэни биир­дэ ыйыыр сүүнэ ыйаа­һын харахпар быраҕыллар. Атты­нааҕы хоско тыас-уус ырааппыт – технолог көмөтүнэн устудьуоннар эт эрбии тураллар. Бэлэм эти тута тымныы камераҕа (туспа ааннаах хос) утаараллар. Камера арааһа манна баар эбит: эрбэммит эти харайар, бэлэм бородууксуйаны тута тоҥорор (шоковая заморозка), салгыы анал сиргэ ууран харайар… Аны тоҥорон баран салапааҥҥа суулуур хосторо эмиэ туспа.

Сэбиэдиссэй сыах тэбэр сүрэҕин көрдөрөр: “Оол уһукка бэлимиэн оҥорор аппараат, ыыһыыр тэрил, халбаһы оҥорор тэрил, эт мэһийэр, фарш эрийтэрэр, кэтилиэт оҥорор аппараат”, – диэн ыраахтан ыйан көрдөрөр. Уолаттар эт эрийтэрэн аҕалбыттарын кыргыттар уһун ос­­туол тула туран ыйыыллар. Тугу гыналларын туоһуласпыппар: “Кэтилиэт оҥороору састаабын ыйыыбыт”, – диэн үһүс куурус устудьуона хардарар.

Саргылаана Корнилова: “Технолог идэтигэр бэйэм баҕабынан киирбитим, идэбин сөбүлээтим. Бөлөхпүтүгэр уон үспүт. Үөрэтэллэрэ үчүгэй, барытын быһаараллар. Салгыы өссө үөрэммит, үрдэтиммит киһи диэн баҕа­лаахпын. Билигин быраактыкалана сылдьабыт, күн бүгүн кэти­лиэт оҥорор сорудахтаахпыт”, – диэн санаатын үллэстэр.

Үөрэх тэрилтэтин иһинэн оҥорон таһаарар сыах үлэ­лиирэ үчүгэйдээх – үөрэхпитин бүтэрдэхпитинэ идэбитинэн үлэлиэхпит, бэйэбит дьыалабытын тэриниэхпит этэ диир устудьуон элбэх эбит.

Үөрэх уонна үлэ быраактыкатын преподавателэ Наталья Филиппова: “Бу үөрэх кыһатыгар технолог идэтигэр үөрэммит киһи быһыытынан тиэхиньикуммут саҥардыллыбытыттан, сыахтаммытыттан олус үөрэбин. Грант суотугар бу сыах оҥоһуллубута, билигин толору үлэлии турар.

Оҥорон таһаарар бородууксуйабыт барыта анал рецептуранан бэлэмнэнэр, ГОСТ ирдэбилигэр эппиэттиир. Барыта натуральнай аһы туттабыт: луук, уу, туус. Туох даҕаны эбилиги куппаппыт. Биһиги аһылыкпыт атыттартан дьиҥнээх этинэн оҥоһулларынан уонна сибиэһэйинэн уратылаах. Бүгүн сарсыарда бэлэмнээбит кэтилиэппит, бэлимиэммит киэһэ номнуо атыыга тахсар. Күҥҥэ элбээбитэ 100 киилэ бородууксуйаны бэлэмниибит”, – диэн кэпсиир.

Амсайыыга

“Аспыт-үөлбүт манна тиэхиньикуммутугар өрүү атыыга баар, үлэһиттэр, дьон биһирээн ылаллар” диэбитигэр, көрдөрүҥ диэн тиийэн илэ көрдүм. Киоскаҕа – уочарат, устудьуон­нар паараларын быыһыгар ас атыылаһа сылдьаллар. Дьоҕус ларьга кэтилиэт, бэлимиэн кэчигэрэһэн сыталлар.

Амсайыыга диэн кэти­лиэт, бэлимиэн ылан киэһээҥҥи аһылыкка буһаран дьоммун күндүлээтим. Маҕаһыын полуфабрикатын сөбүлээбэт дьон бэлимиэни биирдэ охсон кэбис­тибит. Сарсыныгар аны кэтилиэттэрин амсайдыбыт, туох да ааттаах! Мантан инньэ аны СХТ эрэ оҥоһугун ылар эбиппит диэн санааҕа кэллибит.

+1
16
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 декабря
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 70% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: