Устудьуоннар оҥорон таһаарбыт аһылыктара маҕаһыыннарга атыыланарын туһунан хаһан эмэ истибиккит дуо? Дьэ, баар эбит. Маны иҥэн-тоҥон билсэр соруктаах Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикумугар тиийэ сырыттым. Миигин урукку СХТ буолбакка, букатын аныгы үөрэх кыһата көрсөр.
Тиэхиньикум тэлгэһэтин иһигэр киирээти кытта ураты, сылаас, сырдык эйгэ көрсөр. Онтон ааны аһан иһирдьэ киирэн баран “тыый, били, уонтан тахса сыллааҕыта сылдьыбыт тиэхиньикуммуттан олох атын дии” диэн испэр санаабытым таспар тахсыбытын бэйэм да өйдөөбөккө хаалабын. Ону истэн арыалдьытым: “Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикума “Профессионалитет” федеральнай бырайыакка кыттан, Саха сирин үөрэхтэрин кыһаларыттан биир бастакынан 100 мөл. солк. суумалаах граны сүүйбүтэ”, – диэн билиһиннэрэр. Бу туһунан сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэр суруйан саайт, хаһыат сирэйин бараабыппыт. Ол эрээри, бу түмүгүн илэ хараҕынан көрбүт киһи аҕыйах буолуохтаах. Сып-сырдык холл, турникет, киэҥ-куоҥ сыгынньахтанар хос, аныгылыы ыскамыайкалар, киэҥ түннүктэр ахсын сибэккилэр кэчигирэспиттэр, кэбиниэттэр өрөмүөннэнэн олоччу саҥа тэрилинэн хааччыллыбыттар, сып-сырдык остолобуой, бэл диэтэр, кофе, итии сакалаат кытта куттан иһиэххэ сөп.
Эрдэ болдьоспуппут быһыытынан, миигин тута кэпсэтэр, көрөр сыахпар атаараллар. Тустаах үөрэх кыһатын бүтэрбит, оҥорон таһаарар сыах сэбиэдиссэйэ Дмитрий Охотин: “Күн бүгүн сыах үс үлэһиттээх. Эттэн оҥоһуллар бородууксуйаҕа барытыгар кэриэтэ технолог идэтигэр үөрэнэр устудьуоннары үөрэтэбит. Үчүгэйэ диэн, устудьуоннар манна үрдүгэр быраактыкаланаллар, билэн-көрөн тахсаллар.
Билиҥҥитэ бэлимиэн, кэтилиэт оҥорон, ынах этиттэн фарш бэлэмнээн ааспыт ыйтан маҕаһыыннары кытта сөбүлэҥ түһэрсэн кыралаан атыыга таһааран эрэбит. Салгыы тиэптэл уонна дьиэтээҕи фарш оҥорор былааннаахпыт. Былырыын убаһа этин ыыһаан үлэһиттэргэ атыылаан холонон көрбүппүт. Бэрт минньигэс этэ. Инникитин этин аҕаллахтарына, сакааһынан оннук ыыһаан биэрэр өҥөнү киллэрэр былааннаахпыт”, – диэн кэпсиир.
Сыл иһигэр ирдэнэр үлэни барытын тиһэҕэр тириэрдэн, ааспыт ыйтан астарын биэс маҕаһыыны – “Кустук”, “Фермерскэй лавка” (икки маҕаһыын), “Кэникээн” кытта дуогабардаһан атыыга таһааран эрэллэр.
“Биһиги устудьуоннары үөрэтэр уонна ырыынакка улаханнык тахса илик буолан быһа холуйан 2 т курдук бородууксуйаны оҥордубут. Технолог идэтигэр үөрэнэр үс бөлөх кыраапыгынан кэлэн быраактыкаланар, үөрэнэр”, – диэн сэбиэдиссэй этэр.
Бу курдук аныгы тэрилинэн хааччыллыбыт үөрэх кыһата Саха сиригэр суоҕа буолуо, 100 мөлүйүөннээх диэх курдук, киирээти кытта харахха тута быраҕыллар. Урутаан эттэххэ, устудьуоннар иһэр ууларын бэйэлэрэ бэлэмнээн таһаараллар эбит. Остолобуой кэтэҕинээҕи хоско бытыылкалаах уулар тимир пуолкаҕа кэчигирэччи кыстаммыттар.
Эти киллэрэр туспа ааннаахтар. Ол аттыгар тута сүүһүнэн киилэни биирдэ ыйыыр сүүнэ ыйааһын харахпар быраҕыллар. Аттынааҕы хоско тыас-уус ырааппыт – технолог көмөтүнэн устудьуоннар эт эрбии тураллар. Бэлэм эти тута тымныы камераҕа (туспа ааннаах хос) утаараллар. Камера арааһа манна баар эбит: эрбэммит эти харайар, бэлэм бородууксуйаны тута тоҥорор (шоковая заморозка), салгыы анал сиргэ ууран харайар… Аны тоҥорон баран салапааҥҥа суулуур хосторо эмиэ туспа.
Сэбиэдиссэй сыах тэбэр сүрэҕин көрдөрөр: “Оол уһукка бэлимиэн оҥорор аппараат, ыыһыыр тэрил, халбаһы оҥорор тэрил, эт мэһийэр, фарш эрийтэрэр, кэтилиэт оҥорор аппараат”, – диэн ыраахтан ыйан көрдөрөр. Уолаттар эт эрийтэрэн аҕалбыттарын кыргыттар уһун остуол тула туран ыйыыллар. Тугу гыналларын туоһуласпыппар: “Кэтилиэт оҥороору састаабын ыйыыбыт”, – диэн үһүс куурус устудьуона хардарар.
Саргылаана Корнилова: “Технолог идэтигэр бэйэм баҕабынан киирбитим, идэбин сөбүлээтим. Бөлөхпүтүгэр уон үспүт. Үөрэтэллэрэ үчүгэй, барытын быһаараллар. Салгыы өссө үөрэммит, үрдэтиммит киһи диэн баҕалаахпын. Билигин быраактыкалана сылдьабыт, күн бүгүн кэтилиэт оҥорор сорудахтаахпыт”, – диэн санаатын үллэстэр.
Үөрэх тэрилтэтин иһинэн оҥорон таһаарар сыах үлэлиирэ үчүгэйдээх – үөрэхпитин бүтэрдэхпитинэ идэбитинэн үлэлиэхпит, бэйэбит дьыалабытын тэриниэхпит этэ диир устудьуон элбэх эбит.
Үөрэх уонна үлэ быраактыкатын преподавателэ Наталья Филиппова: “Бу үөрэх кыһатыгар технолог идэтигэр үөрэммит киһи быһыытынан тиэхиньикуммут саҥардыллыбытыттан, сыахтаммытыттан олус үөрэбин. Грант суотугар бу сыах оҥоһуллубута, билигин толору үлэлии турар.
Оҥорон таһаарар бородууксуйабыт барыта анал рецептуранан бэлэмнэнэр, ГОСТ ирдэбилигэр эппиэттиир. Барыта натуральнай аһы туттабыт: луук, уу, туус. Туох даҕаны эбилиги куппаппыт. Биһиги аһылыкпыт атыттартан дьиҥнээх этинэн оҥоһулларынан уонна сибиэһэйинэн уратылаах. Бүгүн сарсыарда бэлэмнээбит кэтилиэппит, бэлимиэммит киэһэ номнуо атыыга тахсар. Күҥҥэ элбээбитэ 100 киилэ бородууксуйаны бэлэмниибит”, – диэн кэпсиир.
“Аспыт-үөлбүт манна тиэхиньикуммутугар өрүү атыыга баар, үлэһиттэр, дьон биһирээн ылаллар” диэбитигэр, көрдөрүҥ диэн тиийэн илэ көрдүм. Киоскаҕа – уочарат, устудьуоннар паараларын быыһыгар ас атыылаһа сылдьаллар. Дьоҕус ларьга кэтилиэт, бэлимиэн кэчигэрэһэн сыталлар.
Амсайыыга диэн кэтилиэт, бэлимиэн ылан киэһээҥҥи аһылыкка буһаран дьоммун күндүлээтим. Маҕаһыын полуфабрикатын сөбүлээбэт дьон бэлимиэни биирдэ охсон кэбистибит. Сарсыныгар аны кэтилиэттэрин амсайдыбыт, туох да ааттаах! Мантан инньэ аны СХТ эрэ оҥоһугун ылар эбиппит диэн санааҕа кэллибит.
Уус Алдан улууһугар култуура бэтэрээннэрин сэбиэтэ уопсастыбаннай түмсүү (бэрэссэдээтэл А. Е.Федорова) тэрийиитинэн, араас кэмҥэ култуура…
Саха сиригэр ахсынньы 5 күнүгэр ураты бырааһынньык бэлиэтэнэр – өрөспүүбүлүкэтээҕи Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ. 1992…
Суотту нэһилиэгэр "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" бырайыак чэрчитинэн харыйа уота сандааран тырымныырын көрсө бэртээхэй тэрээһин…
Бу күннэргэ Пригороднай сэлиэнньэ дьаһалтатын салайааччыта Василий Егорович Пинигин өйөбүлүнэн дьахтар сүбэтэ бэйэтэ туспа анал…
Сэтинньи 27 - ахсынньы 1 күннэригэр Краснодар кыраайыгар мас тардыһыыга Арассыыйа чөмпүйэнээтэ ыытылынна. Бу күрэхтэһии…
Бу күннэргэ төһө тымныйарый? Хаардыыр дуо? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох диэтилэр? Өрөспүүбүлүкэ сорох улуустарыгар, соҕуруулуу-илин…