Устудьуоннар тутар этэрээттэрэ улахан эбийиэктэри тутууга кыттыахтара

Share

Устудьуоннар тутар этэрээттэрэ Уһук Илин уонна Арктика зонатын территорияларыгар инфраструктура эбийиэктэрин тутууга кыттыахтарын сөп буолла.

Ол курдук, «Обеспечение доступным и комфортным жильем и коммунальными услугами граждан Российской Федерации» диэн судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа уларытыылары киллэрдилэр. Судаарыстыбаннай бырагырааманан Уһук Илиҥҥэ уонна Арктикаҕа инфраструктура эбийиэктэрин тутууга  устудьуоннар тутар этэрээттэрин тардыыга сыл ахсын үп-харчы көрүллэр буолуоҕа. Бу устудьуоннар идэлэрин таһымнарын үрдэтиигэ, үлэ бастакы уопутун ылалларыгар кыах биэриэҕэ.

Устудьуоннар этэрээттэрэ бу кэмтэн ыла социальнай, тырааныспар уонна инженернэй инфраструктура эбийиэктэрин тутууга уонна куорат эйгэтин тупсарыыга бырайыактары олоххо киллэриигэ кыттыахтара. Бу сыалга үбүлээһин «Обеспечение доступным и комфортным жильем и коммунальными услугами граждан Российской Федерации» судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн ыытыллыаҕа.

Санатан эттэххэ, Уһук Илиҥҥэ  устудьуоннар этэрээттэрин сыллата тардыыга наадалаах үп-харчы аныырга дойду Бэрэсидьиэнэ В.В. Путин Уһук Илин уокурук сайдыытын боппуруостарыгар уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрин кытары көрсүһүү түмүгүнэн сорудахтаабыта. Итини кытта маннык көрдөһүүлээх Бүтүн Арассыыйатааҕы «Россия устудьуоннарын этэрээттэрэ» ыччат уопсастыбаннай тэрилтэтин бэрэстэбиитэллэрэ этии киллэрбиттэрэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

11 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

12 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

14 часов ago