Устудьуоннарга анал истипиэндьийэ көрүллэр

Share

Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ хомуурга ыҥырыллыы  саҕаланыаҕыттан кэккэ өйөбүл миэрэлэр киирэ тураллар. Олортон устудьуоннарга сыһыаннаах икки түгэни бэлиэтиир тоҕоостоох.

Бастакытынан, Ил Дархан быһаарыытынан эрэгийиэннээҕи анал истипиэндьийэ. “5607 солк. кээмэйдээх анал истипиэндийэ билигин дойдубутун көмүскүү сылдьар хомуурга ыҥырыллыбыттар уонна байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр көрүллэр. Бу истипиэндьийэ академическай, социальнай истипиэндьийэлэртэн тутулуга суох бэриллэр”, — диэн СӨ Үөрэҕин уонна билимин миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай иһитиннэрэр.

Маныаха устудьуон судаарыстыбаннай дуу, чааһынай дуу тэрилтэҕэ, орто дуу, үрдүк дуу үөрэххэ, босхоҕо дуу, төлөбүрдээххэ дуу үөрэнэрэ оруолу оонньооботун бэлиэтиир. Бу күннэргэ, министиэристибэ дойду 110 үрдүк үөрэҕин ректорыгар, устудьуон чахчы үөрэнэрин туоһулуур ыспыраапканы уталыппакка ыыталларыгар суруктары ыыталаабыт.

Иккиһинэн, хомуурга ыҥырыллыбыттар уонна байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин кытта тус сыаллаах үөрэх дуогабарын баттаһыы. Бу билигин үөрэнэ сылдьар устудьуоннарга сыһыаннаах. Маныаха устудьуон эбэһээтэлистибэ быһыытынан быраактыкатын дуогабардаспыт тэрилтэтигэр (сакаасчыт) барыахтаах, үөрэҕин бүтэрдэҕинэ үс сыл тустаах тэрилтэҕэ үлэлиэхтээх.

Хаартыска: СИАтан.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

4 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

6 часов ago