Устудьуоннары бу күннэргэ уопсайга киллэриэхтэрэ
Быйыл устудьуон аатын сүкпүт оҕолор уопсайга киирии кэмин долгуйа кэтэһэллэр. М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет ректора Анатолий Николаев пресс-кэмпириэнсийэҕэ иһитиннэрбитинэн, устудьуоннары уопсайга бу күннэргэ киллэртиэхтэрэ.
Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка бүгүҥҥү туругунан 5019 киһи үөрэххэ киирбит. “Быйыл “Азия оҕолоро” оонньууларынан сибээстээн, уопсайдарбыт хаһааҥҥытааҕар даҕаны эрдэ – бэс ыйын 15 күнүгэр номнуо бэлэмнэммиттэрэ. Туһааннаах уорганнар уотугар-күөһүгэр, кыра бээтинэтигэр тиийэ бэрэбиэркэлээбиттэрэ.
Сыллата 1600 курдук миэстэни бастакы куурус устудьуоннарыгар көрөбүт. Күн бүгүн 1700-1800 сайабылыанньаны ыллыбыт. Бүгүн (атырдьах ыйын 27 күнүгэр, аапт.) сайабылыанньалары көрүү мунньаҕа буолуохтаах итиэннэ атырдьах ыйын 28-29 күнүттэн уопсайдарга устудьуоннары номнуо киллэриэхтээхтэр. Кэлиҥҥи сылларга балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри киллэрэн саҕалыыбыт”, – диэн ректор Анатолий Николаев пресс-кэмпириэнсийэ кэмигэр эттэ.
Ыйдааҕы төлөбүр 1200 солк. курдук диэн иһитиннэрдэ. “Федеральнай норматив итинтэн ордук үрдэттэрбэт. Дьиҥэр, биир куойка миэстэни көрүү-истии, тутуу (содержание) былырыын 3,5-4,5 тыһ. солк. тэҥнэһэрэ”, – диэн ректор быһаарар.
Билигин биир хостоох кыбартыыраны куортамнаһыы 30-40 тыһ. солк. тэҥнэһэр. Онно холоотоххо 1200 солк. кэппиэйкэҕэ тэҥнээх. Ол эрээри, өрүү буоларын курдук, уопсайга миэстэ тиийбэт. Бастатан туран, тулаайах, ыраах улуустан сылдьар, кыра дохуоттаах, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолорун ылар соруктаахтар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: