Устудьуону өлөрүүгэ буруйданар уолу хаайдылар

Share

Сэтинньи 14 күнүгэр Дьокуускай куорат борокуратуурата силиэдэбэтэл хадатаайыстыбатын өйөөтө, онон суут 2007 с.т. Бүлүү улууһуттан сылдьар уолу хаайарга быһаарыы ылынна. Бу уол РФ Холуобунай кодексатын 111-с ыстатыйатын 4-с чааһынан (сэрэҕэ суохтан киһини ыараханнык эчэтэн, өлөр өлүүгэ тиэрдии) буруйданар.

Силиэстийэ сабаҕалыырынан, сэтинньи 1 күнүгэр буруйданааччы устудьуоннар уопсайдарын биир хоһугар арыгы иһэн баран, охсуһууга ХИФУ 1-кы куурус устудьуонун кырбаабыт, ол түмүгэр, сэтинньи 10 күнүгэр төбөтө хампы сынньыллыбыт 18 саастаах уол балыыһаҕа сытан, тыына быстыбыт.

Холуобунай дьыала тэриллэн, силиэстийэлиир үлэ ыытыллар, ону борокуруор хонтуруолга тутар диэн СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр.

Санатар буоллахха, Арассыыйа Силиэстийэлиир кэмитиэтин салайааччы Александр Бастрыкин бу дьыаланы тус хонтуруолугар ылбыта.

.

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Дьааҥы айар куорсуннара» ахтыы киэһэтэ

Дьааҥы улууһа төрүттэммитэ 95 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр чэрчилэринэн, сэтинньи 13 күнүгэр СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ: …

19 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Босхо юридическэй көмө күнэ ыытыллыаҕа

Сэтинньи 17 күнүгэр СӨ Идэлээх сойуустарын федерацията ыытар идэлээх сойуустар үлэһиттэрин күнүгэр анаммыт дэкээдэ чэрчитинэн,…

49 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Куортам дуу, ипотека дуу?»

Бэйэ дьиэлэнииттэн туох да күндү суох. Бу этии ис хоһооно бүгүҥҥү Саха сирин олохтооҕор, ордук…

53 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күҥҥэ эстиилэртэн уон сыл иһигэр саамай күүстээх дьүкээбил күлүмнээтэ

Бүтэһик икки хонук иһигэр Күҥҥэ үһүс улахан эстиилэр буоллулар. Ол бүтэһик уон сылга саамай күүстээх…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии саҕаланна

Эһиил Олоҥхо ыһыаҕа Кэбээйи улууһугар буолуоҕа. Ону тэрийэргэ бэлэмнэнии хайыы үйэ саҕаланна. Бүгүн, сэтинньи 14…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Ыаллыы олорор кыбартыыраны ууга ыыппыт дьахтар сууттанна

«Сберстрахование» страховой хампаанньа страховкалаах дьиэни уу ылбытыгар буруйдаах кыбартыыра бас билээччитигэр суукка үҥсүү түһэрбит. Быһылаан…

2 часа ago