Устудьуону өлөрүүгэ силиэстийэ уопсай дьиэҕэ хонтуруол мөлтөҕүн ыйда

Устудьуону өлөрүүгэ силиэстийэ уопсай дьиэҕэ хонтуруол мөлтөҕүн ыйда

26.11.2025, 16:24
Хаартыска: ЯСИА.
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ борокуруора Сергей Дябкин сорудаҕынан ыытыллыбыт силиэстийэ харабылланар  эбийиэккэ — уопсай дьиэҕэ хонтуруол мөлтөҕүн бэлиэтээтэ.

Видео камералар баалларын үрдүнэн, бу иирсээн түргэнник быһаарыллыбатах уонна  бохсуллубатах. Уопсайга дуоһунастаах дьон тустаах быраабыланы толоруулара олох мөлтөх эбит: уопсай дьиэҕэ олорор устудьуоннар хосторугар арыгы аҕалан иһэллэр, арыгы түүн аҕалыллар. Атын быраабыланы кэһиилэр эмиэ бэлиэтэннилэр.

Санатан эттэххэ,  сэтинньи 1 күнүгэр буруйданааччы устудьуоннар уопсайдарын биир хоһугар арыгы иһэн баран, охсуһууга ХИФУ 1-кы куурус устудьуонун кырбаабыт, ол түмүгэр, сэтинньи 10 күнүгэр төбөтө хампы сынньыллыбыт 18 саастаах уол балыыһаҕа сытан, тыына быстыбыт.

 

Сиһилии өрөспүүбүлүкэ борокуратууратын саайтыгар киирэн бу сигэнэн билсиэххитин сөп:

https://t.me/tprocsakha/10932

Бары сонуннар
Салгыы
24 января
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: