Салгыы
Устуоруйа билимин дуоктара Розалия Бравина саха төрүт олоҕун сэһэргиир кинигэтэ таҕыста

Устуоруйа билимин дуоктара Розалия Бравина саха төрүт олоҕун сэһэргиир кинигэтэ таҕыста

16.10.2024, 19:30
Хаартыска: ааптар түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Бүгүн, алтынньы 16 күнүгэр, Национальнай бибилэтиэкэ историческай саалатыгар устуоруйа билимин дуоктара, бэрэпиэссэр, РНА СС Гуманитарнай чинчийии институтун археология лабораториятын салайааччыта Розалия Бравина “Саха төрүт олоҕо” диэн өбүгэ номох кэпсээннэриттэн таҥыллыбыт бэртээхэй кинигэтин биһирэмэ буолла.

Бу кинигэ “Малая Россия” ХХ төгүлүн ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттан, эрэгийиэннээҕи уонна кыраайы үөрэтэр литэрэтиирэ анал дьупулуомунан наҕараадаламмыт.

Историческай саалаҕа лыык курдук тыл, устуоруйа билимин учуонайдара, устудьуоннар, үөрэппит оҕолоро, о.д.а. мустубуттар. Кинигэ биһирэмин суруйааччы, эрэдээксийэ сэбиэдиссэйэ Евдокия Иринцеева-Огдо иилээн-саҕалаан ыытта.

Кинигэҕэ саха төрүт олоҕун туһунан биллэр чинчийээччилэр Сэһэн Боло, А.А. Саввин, Г.У. Эргис, И.Г. Березкин, Багдарыын Сүлбэ, улуустар кыраайы үөрэтээччилэрэ араас сылларга хомуйбут матырыйааллара, ааптар бэлиэтээһиннэрэ киирбиттэр. “Саха олоҕун олуктара”, “Аҕа ууһун тутула. Сири бас билии”, “Сүөһү баайдаах сахалар”, “Идэлээх үгэстэр”, “Дьиэ-уот тэриирэ. Таҥас-сап”, “Төрүт итэҕэл. Сиэр-туом”, “Нуучча таҥарата”, “Ыал буолуу. Кэргэннии сыһыан”, “Кэпсэммэт кэпсээннэр” диэн түһүмэхтэргэ арахсар.

“Айар” кинигэ кыһатын дириэктэрин солбуйааччыта Валерий Луковцев кинигэ киһини толкуйга түһэрэр, саха олоҕун илгэтин табар, омук менталитетын быһаарар, чуолкайдык көрдөрөр академическай таһымнаах кинигэнэн ааттаата.

“Розалия Иннокентьевна Саха сиригэр археологическай хаһыылары оҥорботох улууһа суох буолуохтаах. Сүрдээх хоһуун санаалаах, билимҥэ бэриниилээх, билиитин бар дьон биллин, туһаннын диэн тарҕатар учуонай”, — диэтэ Валерий Луковцев.

Сардаана Боякова, ГЧИ дириэктэрэ, устуоруйа билимин дуоктара:

“Розалия Иннокентьевна — Саха сиригэр, дойдуга эрэ буолбатах, аан дойдуга биллэр этнограф, устуорук. 15 сыллааҕыта ГЧИ-гэ кэлэн археология диэн саҥа салааны салайан үлэлэтэн, Арассыыйаҕа биллэр киин оҥордо. Саха норуотун култууратын өрө тутан, харыстаан, киэҥ эйгэҕэ таһаара сылдьар киһибит”.

Бу дьоро күн Амма, Дьааҥы улуустарын дьаһалталара итии-истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр.

Ааптар, билим дуоктара Розалия Бравина кинигэ биһирэмигэр кэлбит дьоҥҥо махталын биллэрдэ.

“Тоҕо бу кинигэни суруйдуҥ диэтэххитинэ, мин фольклорга суруйар бырааптаахпын уонна ытык иэстээхпин. 90-с сылларга национальнай оскуола кэнсиэпсийэтэ киирэрин саҕана педагогическай билим кандидата Тамара Петрова уонна Мэҥэ Хаҥалас Дьабыыл оскуолатын учуутала Илья Баишев буолан, төрүт култуура кэнсиэпсийэтин уонна бырагырааматын оҥорбуппут”, — диэн дуоктар  бу төрүт култуура эйгэтигэр хайдах киирбитин кэпсээтэ.

Билигин фольклору, этнографияны, төрүт култуураны тэҥинэн тутан чинчийэллэр, хас да улууска археологическай хаһыыларын түмүктэринэн олус интэриэһинэй экспонаттар, сабаҕалааһыннар тахса тураллар. Онон саха омук, төрүт омуктар былыргы олохторугар интэриэс өссө дириҥээн иһэр.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: