Устуоруйа паарката кэнчээри ыччакка болҕомтотун туһаайар
04.10.2022, 10:09
Бөлөххө киир:
«Арассыыйа — мин устуоруйам» устуоруйа паарката сокуоннай саастарын туола илик оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай-реабилитационнай киини кытары бииргэ үлэлииргэ сөбүлэҥ түһэристилэр.
Устуоруйа пааркатын дириэктэрэ Дмитрий Соловьев бу үлэ саҥа саҕалааһын буоларын этэр диэн иһитиннэрэр тустаах тэрилтэ пресс-сулууспата.
—-Биһиги тэрилтэбит үүнэр көлүөнэни иитиигэ-такайыыга, устуоруйаны сырдатыыга, кэнчээри ыччат билиитин-көрүүтүн хаҥатарыгар үлэлэһэрин сэргэ, өрөспүүбүлүкэбит социальнай тэрилтэлэригэр өйөбүл буолуохтаах, — диир Дмитрий Иванович.
Сокуоннай саастарын туола илик оҕолор социальнай-реабилитационнай кииннэрэ оҕолор инникилэрин туһугар үлэлэһэр.
—Биһиги оҕолор үөрэ-көтө сылдьыахтарын, кыһалҕаны көрсүмүөхтэрин, билиини-көрүүнү иҥэрэр хаачыстыбалаах сынньалаҥы сэргиэхтэрин, онно тардыһыахтарын баҕарабыт. Устуоруйа пааркатын кытта бу курдук салгыы бииргэ үлэлэһиэхпит, сүбэнэн былааннаабыппытын ситиһиилээхтик олоххо киллэрэн иһиэхпит диэн эрэнэбит, — диэн бэлиэтиир киин дириэктэрин э.т. Иван Мухоплев. Бу тэрилтэ сокуоннай саастарын туола илик оҕолор көрүүтэ-истиитэ суох сылдьыыларын сэрэтиигэ улахан болҕомтотун уурар.
Хаартыскалар «Арассыыйа — мин устуоруйам» устуоруйа пааркатын пресс-сулууспатыттан.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: