Усуйаана эмис чыырын удамыр сыананан
Хоту сир киэҥ нэлэмэн сирэ аата-ахса суох күөллэрдээх. Дьэ манна чыыр, быраҥаатта, майаҕас, сордоҥ, сыалыһар, күндүөбэй балыктар сөбүлээн үөскүүллэр, хайа үрэхтэриттэн ленок, о.д.а. түһэллэр.
Усуйаана улууһун Тумат нэһилиэгин олохтоохторо балыктаан, төрүт үгэстэрин тутуһан олороллор. 2009 сыллаахха олохтоох киһи Павел Иванович Захаров “Чондон” тэрилтэни тэрийэн саҕалаабыта. Сыыйа бу үлэтигэр уоллаах кыыс оҕолорун сыһыарбыта. Кыыһа Александра кэргэнин кытта 2013 сылтан тэрилтэҕэ тэбис-тэҥҥэ үлэлэһэн, эдэр дьон сиэринэн кэҥэтэн, атаҕар туруоран барбыттара. 2020 сыллаахха аҕата тэрилтэтин кыыһыгар көһөрбүтэ.
“Сокуонунан көҥүллэммит икки балыктыыр сирдээхпитигэр биригэдьиир Иннокентий Колесов тэрээһининэн 60 туоннаҕа тиийэ балыгы балыктыыбыт, — диир Александра. – Былырыын аҕабыт күн сириттэн барбытын кэннэ, кини аатын салҕаан тэрилтэбитин үлэлэтэр, салгыы сайыннарар бигэ санааламмыппыт. Олохтоох балыксыттар үлэлээбиттэрин курдук үлэлииллэр, балыктарын буранынан Туматтан Уус Куйгааҕа аҕалаллар. Күһүҥҥү балыгы сөмөлүөтүнэн манна аҕалабыт, билигин кыһыҥҥы суолунан Саҥа дьыл саҕана кэлиэ.
Биһиэхэ бырамыысыланнас урут Сэбиэскэй былаас саҕана баар этэ, билигин суох. Бэйэбит бэйэбитигэр олоробут. Балыкпытын сүрдээҕин харыстыыбыт, кыра харахтаах илимнэринэн олох туттубаппыт. Күһүн аайы балыгы буһаран, ойбоҥҥо уган аһаталлар”.
Александра манна Дьокуускайга аҕалар балыкпытын Бааһынай ырыынагар туттаран кэбистэхпитинэ, сыанатын олус үрдэтэллэр диэн сөбүлээбэт:
“Ол иһин Дьокуускайга Аччыгый Баһаарга маҕаһыын арыйбыппыт, манна тоҥ балык, чыыртан стейк, сибиэһэйдии тоҥоруллубут балык куруук баар. Нэһилиэнньэҕэ быһа тиийэр буоламмыт, сыанабыт удамыр. Хайыы-үйэ бастайааннай атыылаһар дьоннордоннубут. Балыкпытын чааһынай дьиэҕэ харайабыт, “Меркурий” ирдэбилин барытын тутуһабыт. Росстандарка декларация биэрбиппит, регистрацияламмыппыт, онон кэлэр сылтан “Хаачыстыба бэлиэлээх” буолуохпут”.
Колесовтар билигин вакуумнай хаалаах, стандарка эппиэттиир астары оҥорор сыаҕы тэринэн эрэллэр.
“Бастаан 15 саастаах кыыспытын кытта үһүөн балыгы ыраастыырбыт, чыыртан стейк, индигирка салаат оҥорорбут. Билигин кэҥээммит, үлэһит тутан эрэбит”, — диэн кэпсиир үлэһит хаһаайка.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: