Усуйаана нэһилиэгэр харыйа уота сандаарда
Кырачааннары, олохтоохтору үөрдэ-көтүтэ бэҕэһээ тоһуттар тымныылаах, дьүкээбил суһумнуур ыраах хоту сытар Усуйаана улууһун Усуйаана нэһилиэгэр Харыйа уота сандаарда. Оҕолор Тымныы оҕонньортон аан бастакы бэлэҕи туттулар.
Бу туһунан Усуйаана нэһилиэгин кулуубун дириэктэрэ Матрена Попова:
— Биһиги нэһилиэккэ Харыйа уотун уматар үтүө үгэс киирбитэ хас да сыл буолла. Үөрүүлээх тэрээһини “Кэскил” култуура дьиэтин үлэһиттэрэ гномиктар үҥкүүлэринэн арыйдылар. Олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччы Марфа Сидоровна Горохова уонна “Кэскил” култуура дьиэтин дириэктэрэ Матрена Николаевна Попова тыл эттилэр. Оҕолор, улахан дьон ким даҕаны туора турбакка бары Харыйа тула хороводтаатылар.
Быйыл “Кустук”, “Чэчир”, “Дьүкээбил” түөлбэлэр оҕолорго бэлэххэ кыттыһан, кырачааннарбыт Тымныы Оҕонньортон аан бастакы Саҥа дьыллааҕы бэлэҕи тутан үөрүүлэрэ үгүс, — диэн кылгастык кэпсээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: