Усуйаана улууһугар биир тимирбит киһи өлүгэ көһүннэ
Саха сирин Быыһыыр сулууспа водолазтара атырдьах ыйын 30 күнүгэр Усуйаана улууһугар ууга түһэн үс сүппүт эр киһиттэн биир киһи өлүгүн буллулар.
Атырдьах ыйын 18 күнүгэр Усуйаана улууһун Уус Куйга бөһүөлэгиттэн 8 килэмиэтирдээх сиргэ Дьааҥы өрүскэ түөрт киһилээх мотуордаах «Крым» оҥочо түҥнэстибит. Биир киһи кытылга диэри харбаан тиийбит. Үс киһи ханна баара биллибэт. Олохтоох дьаһалта быһылаан тахсыбыт күнүгэр көрдүүр үлэлэри саҕалаабыт, кэлин дьаһалта үлэһиттэригэр волонтердар уонна олохтоох тэрилтэ үлэһиттэрэ кыттыспыттар. Биэс хонуктаах көрдүүр тэрэһиннэр кэннэ Быыһыыр сулууспа үлэһиттэрин ыҥырарга быһаарыы ылыллыбыт. Ол курдук, атырдьых ыйын 22 күнүгэр Быыһыыр сулууспа начаалынньыгын аатыгар көрдөһүү сурук киирбит. Бу сиргэ Дьааҥы өрүс дириҥэ 2,5 миэтэрэ уонна күүстээх сүүрүктээх.
Икки киһини көрдүүр үлэлэр салҕаналлар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: