Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт
23.11.2024, 17:40
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит.
Кини 1999 уонна 1984 с.т. эр дьон сэлиэнньэттэн сэтинньи 22 күнүгэр «Буранынан» барбыттарын уонна бүгүҥҥү күҥҥэ диэри тугу да биллэрэ иликтэрин эппит. Бу дьон Кураанах диэн сиргэ тиийэн баран, төннөн кэлиэхтээхтэр этэ диэн тоһоҕолообут.
Сэлиэнньэ баһылыгын солбуйааччы кинилэри көрдүү барбыт. Маны Саха сирин быыһыыр сулууспатын хонтуруолугар тутуллар.
СӨ Быыһыыр сулууспатын пресс-сулууспатыттан.
+1
+1
+1
+1
+1
2
+1
+1
2
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: