Усуйаанаҕа буурҕа кэмигэр оҕолор сүппүттэрэ чахчы дуо?

Share

Усуйаана оройуонугар бэҕэһээ, муус устар 11 күнүгэр, буурҕа кэмигэр Хаһааччыйаттан Тумат нэһилиэгэр  буранынан спартакиадаҕа айаннаан иһэр оҕолор сүппүттэрин туһунан сурах  социальнай  ситимҥэ  тарҕана сылдьар. 

Сурах чахчытын, сымыйатын быһаараары Тумат нэһилиэгэр эрийэн сибээскэ таҕыстыбыт. Миигин кытта нэһилиэк култууратын дьиэтин дириэктэрэ Андриан Христофорович Горохов кэпсэттэ:

— Биһиги нэһилиэкпитигэр улахан дьоҥҥо улуустааҕы спартакиада буола турар. Манна Дьүкээгир, Хаһааччыйа, Усуйаана уонна Тумат нэһилиэктэриттэн мини-футболга, волейболга, бильярдка, тиэннискэ, хабылык, хаамыска көрүҥнэригэр кытта сылдьаллар. Нэһилиэктэр икки ардылара ортотунан 130 км тэйиччи, онон буранынан эрэ сылдьабыт. Бэҕэһээ күнүс Хаһааччыйаттан күнүс икки чааска кыттааччылар арахпыт сурахтарын истибиппит. Буурҕа түһэн бэйэбит нэһилиэкпититтэн үс буранынан дьону көрдөтө диэн киэһэ тоҕуска уолаттары ыыппыппыт. Хата, дьоммут уонна кыттааччыларбыт этэҥҥэ Туматы булбуттара. Онон, тэрээһиммит этэҥҥэ ыытылла турар. Бүгүн буурҕа суох, халлааммыт сааскылыы турда. Онон дьону була иликтэр диэн ити тарҕанар сурах  олоҕо  суох.

What’s your Reaction?
+1
23
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

6 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

9 часов ago