Усуйаанаҕа доруобуйа киинин өрөмүөннүүллэр
Бу «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак иитинэн доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун саҥардан оҥоруу бырайыагынан барар.
Үлэ хирургия, оҕо, терапевт, дьахтар оҕолонор отделениеларыгар ыытылынна. Хирургия уонна оҕо отделениеларыгар түннүктэр саҥардылыннылар, ис өттүлэрэ өрөмүөннэннилэр, о.д.а. үлэлэр ыытылыннылар. Терапевт уонна дьахталлар оҕолонор отделениеларыгар түннүктэрэ уларытылыннылар, тас өттө оҥоһулунна, о.д.а. ситтэ-хотто. Маны таһынан, поликлиника бастакы мэндиэмэнэ өрөмүөннэннэ. Аны сыстыганнаах ыарыыны эмтиир отделениеҕа хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыахтаах диэн доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин саайтыгар суруллар.
Санатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэҕэ бу сыл бүтүөр диэри мэдиссиинэ 10 саҥа пуунун үлэҕэ киллэрэри былаанныыллар. Биэлсэр-акушер пууннара уонна амбулаториялар РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн 2019 сылтан олоххо киирбит «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан тутуллаллар.
Хаартыскалар: СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин саайтыттан
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: