Хаартыска: "Полярнай авиалиниялар" авиахампаанньа пресс-сулууспата
Бу күннэргэ “Полярнай авиалиниялар” авиахампаанньа бөртөлүөтэ Усуйаана оройуонун Депутатскай бөһүөлэгиттэн нэһилиэктэргэ көппөтөҕө үһүс нэдиэлэтэ буолбутун туһунан олохтоохтор суруйуулара социальнай ситимнэринэн тарҕанна.
“Өрүс төһө да тоҥо илигин үрдүнэн, дьон олохторугар куттал суоһуурун кэрэйбэккэ, бураанынан айанныы сылдьаллар. Баатаҕайга үс бөртөлүөт баарыттан, бүтүн Арктика үрдүнэн биирэ эрэ көтүүнү оҥорор”, — диэн суруйаллар кыһалҕалаахтар.
Олохтоохтор социальнай ситимнэргэ суруйууларыгар “Полярнай авиалиниялар” авиахампаанньа пресс-сулууспатын салайааччыта Станислав Платонов маннык хоруйу биэрдэ:
— Кырдьык, авиахампаанньа б.дь. алтынньы 3 күнүттэн Ми-8 бөртөлүөтүнэн социальнай суолталаах көтүүнү оҥорорго былааннаабыта. Ол эрээри Дьааҥы уонна Усуйаана оройуоннарыгар күн-дьыл туруга мөлтөөн, дьон олоҕор куттал суох буолуутун ирдэбилигэр олоҕуран, көтүү оҥоһуллубатаҕа. Метеосулууспа үлэһиттэрэ бэлиэтииллэринэн, дьыл уларыйыытын кэмигэр хайалаах сиргэ өрүү инчэҕэй хаар түһэр. Бу маннык күн-дьыл хас да хонуктан саҕалаан, ыйы быһа да туруон сөп.
Бүгүҥҥү күҥҥэ Усуйаана оройуонугар бөртөлүөт көтөр усулуобуйата олохтонно. Алтынньы 16 күнүгэр Баатаҕайтан Депутатскайга Ми-8Т көтөр аал тиийбитэ. Онон, алтынньы 17 күнүттэн 7 социальнай суолталаах көтүү Казачьеҕа, Тумакка, Усуйаанаҕа оҥоһулунна. Аны бөртөлүөт Уус Куйгаҕа, Нижнеянскайга, Юкагирга уонна Хайырга көтүөҕэ. Маны таһынан, “Якутоптторг» сайаапкатынан бородуукта тиэйиллиэҕэ. Оройуоҥҥа көтөр аал экипааһа түөрт күн үлэлиэҕэ. Пассажирдарга көтүү уһатыллыбытын иһин бырастыы гыналларыгар көрдөһөбүт.
Бүгүн, ахсынньы 10 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -49 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Саха сиригэр 9514 оҕо төрөөтө. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 2014 сылтан нэһилиэнньэ ахсаана үрдүү турар Уһук Илин…
Саха сирэ хорсун-хоодуот дьонунан аатырар. Саха сирэ бэйэтин устуоруйатыгар элбэх дьоруойу бэлэхтээбитэ, олор истэригэр Аҕа…
Хата бу бэрт этии буолбут. Билигин киһиэхэ ханнык битэмиин тиийбэтин бэрэбиэркэлэтээри дьон хастыы да тыһыынчаны…
Мииринэй оройуонун суута Ленскэй оройуонун 39 саастаах олохтооҕун улахан уорууга буруйдаата. Буруйдаах киһи тралга суоппардаабыт…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгин урбаанньыта Иван Иванович Борисов туһунан “Саха сирэ” хаһыат саайтын нөҥүө…